Соторутааҕыта балтым кырачаан оҕото маҕаһыыҥҥа сылдьан, таас бытыылкалаах утаҕы алҕаска таарыйан алдьаппыт. Атыыһыттар тута сүүрэн кэлэн, төлүүллэригэр модьуйбуттарын, хайыахтарай, төлөөбүттэр. Бу сөп дуу, сыыһа дуу? Бу туһунан юрист-устудьуон Наталья Кузьмина маннык быһаарар.
— Оҕо маҕаһыыҥҥа сылдьан, таас иһити, оонньууру алдьатыан, таҥаһы марайдыан сөп. Манна биири өйдүөххэ наада: оҕо 14 сааһыгар диэри дьайыытыгар эппиэтинэһи төрөппүт сүгэр. Уордаҕына, алдьаттаҕына, буорту гыннаҕына. Ол эрээри, “барытын төлөөн иһиэхтээххит” диэн буолбатах. Оҕо дьиҥнээхтии буруйдаах эрэ буоллаҕына, ороскуоту сабыахтааххыт.
РФ Гражданскай кодексын 211 ыстатыйатынан, алҕас тахсыбыт ороскуоту, маҕаһыын хаһаайына бэйэтэ уйунуохтаах. Ол эрээри бу кодекс 1064 ыстатыйата ыйарынан, төрөппүт ону дакаастыахтаах. Хайдах дакаастыыбыт?
“Свод Правил- 1.13130.2009” диэн баһаарынай ирдэбил докумуонун 7.2.4. пуунунан маҕаһыын стеллажтарын икки арда, баһаар буолар түбэлтэтигэр эвакуацияланарга анаан, 1,4 миэрэтэттэн итэҕэһэ суох буолуохтаах.
Биһиги маҕаһыыннарбыт үгүстэрэ ити нуормаҕа тиийбэттэр. Холобур, “Столичнай” ырыынакка итинник быһылаан тахсан, атыыһыттар төлөбүрү модьуйдахтарына, “судаарыстыбаннай баһаарынай надзорга үҥсүөхпүт” диэн суоһурҕаныаххытын сөп. Кэһии баар буоллаҕына, маҕаһыыны РФ КоАП (Кодекс об административных правонарушениях) 20.4 ыстатыйатынан 250.000 солк. ыстарааптыыллар.
Онон, стеллажтар, эрээттэр икки ардылара 1,4 миэрэтэттэн итэҕэс буоллаҕына, оҕо табаары алҕаска таарыйан алдьаттаҕына, төрөппүт буруйа суох.
Атын түгэн: “Оҕом ытаабатын”,— диэн ийэтэ бэйэтэ долбууртан кыраһыабай ойуулаах бытыылканы ылан туттарбыт, оҕото ону үлтү түһэрбит. Ол эрээри манна даҕаны көмүскэнэр суол эмиэ баар:
Бастакынан, оҕо инчэҕэй муостаттан халтарыйан, табаары үлтү түһэрбит буолуон сөп. Муоста инчэҕэй буоллаҕына, хайаан да, “Сэрэниҥ! Муоста инчэҕэй!” диэн сурук (табличка) баар буолуохтаах. Иккиһинэн, табаары долбуурга сыыһа туруоруу. Холобур, оҕо үрүт үрдүгэр ууруллубут табаары алҕаска таарыйан, суулларыан сөп. Үсүһүнэн, оҕо табаары тутан истэҕинэ, атын киһи мэһэйдээн, анньан, оҕо табаарын үлтү түһэрбит. Манна ол мэһэйдээбит киһи буруйдаах буолар.
Оҕо маҕаһыыҥҥа мээрэйдээри гыммыт таҥаһа хайдан хаалар. Манна «О защите прав потребителя» сокуон 18 ыстатыйатыгар тирэнэн, экспертизаны ыытары модьуйуохха наада. Саҥа таҥас мээнэ хайдыа суохтаах, бэйэтэ төрүт куһаҕан хаачыстыбалаах буолан хайдыан сөп. Экспертиза маҕаһыын суотугар буолар. Ол эрээри, ол түмүгэр “таҥас үчүгэй хаачыстыбалаах” диэн буоллаҕына, таҥаһы уонна экспертизаны төрөппүт төлүүрүгэр тиийэр.
Оҕо сөбүлээбит оонньуурун, төрөппүт көрбөтүнэн, кистээн суумкатыгар уктар. Бу уоруу диэн буолар. Маны каассаҕа син-биир туталлар. Онон төрөппүт аахсыбакка, оонньууру төнүннэриэн наада. Бу түгэҥҥэ маҕаһыын үлэһиттэрэ полицияны ыҥырар бырааптаахтар.
Өйдөөҥ:
- РФ Гражданскай кодексын 495-с ыстатыйатынан атыылаһааччы табаары атыылаһан, илиитигэр квитанцияны (чек) туттаҕына эрэ, бу табаарга эппиэттээх буолар. Онон квитанцияҕыт суох буоллаҕына, 459 ыстатыйанан, бу табаарга маҕаһыын үлэһиттэрэ эппиэттииллэр.
- РФ Холуобунай кодексын 203 ыстатыйатынан ким даҕаны эһигини күүһүнэн тутар, ыыппат бырааба суох. Төлөбүрү сокуоннайа суох көрдүүр буоллахтарына, суукка үҥсэр бырааптааххыт.
Ааптар: Таисия Алексеева