Ааспыт саас баччаларга Э.К.Пекарскай аатынан Игидэй орто оскуолатын 3 кылааһын үөрэнээччилэригэр учууталбыт Александра Афанасьевна Захарова Ньургуьун күнүн көрсө сүрдээх интэриэһинэй кылаас чааһын ыыппыта.
Ньургуһун сибэкки барахсан тоҥ буору тоҕо анньан тымныыттан, хаартан чаҕыйбакка саас маҥнай тахсарын кэпсээбитэ. Кини Сахабыт сирин биир кэрэ сибэккитэ. Сир дойду аайы араас дьүһүннээх. Бүлүү өрүс эҥэр, Муома диэки күөхтүҥү өҥнөөх, киин улуустарга араҕас, маҥан буолар. Хоту диэки кытархай дьүһүнээхтэр эмиэ бааллар. Ньургуһуну харыстааннар Кыһыл кинигэҕэ киллэрбиттэр. Тааттаҕа араҕас дьуһуннээхтэр үүнэллэр — күн бытархайын курдуктар. алаас саҕатыгар, халдьаайы сыырыгар күн көрөр сиригэр сөбүлээн тахсаллар.
Кылаас чааһын кэнниттэн оскуола психологын Ольга Спартаковна Дьяконованы кытта сахалыы таҥаспытын киэргэнэн, кыра өйүө ыламмыт оскуолаттан чугас олорор кырдьаҕас үлэ бэтэрээнин Марков Виктор Филиппович олбуоругар үөрэ-көтө ньургуһун көрө, хаартыскаҕа түһэ тахсыбыппыт.
Олбуор иһигэр ап-араҕас көбүөр сытарын курдук ньургуһун бөҕөтө үүммүт этэ. Сэрэнэн киирэн бары хаартыскаҕа түспүппүт, кэрэ нарын сибэккилэр быыстарыгар кэпсэтэ-ипсэтэ аһаабыппыт.
Сахабыт сирин кэрэ, нарын сибэккитин курдук бары үтүөҕэ, үрдүккэ талаһыаххайыҥ, тулуурдаах, күүстээх буолуоххайыҥ!
Ааптар: Кривошапкин Айхал, 4 кылаас.