Биһиги эбээлэрбит, эһээлэрбит «торбос отун сүгэһэринэн таһарбыт» диэн ахтан-санаан ааһаллар. Дьэ, бу «торбос ото», «сүгэһэр» диэн тугун билэҕит дуо?
Кырдьаҕастар ахтыыларыттан биллэххэ, урут ыал аайы аччаабыта 6-лыы ынах сүөһүлээхтэрэ. Ити аччаабыта, оттон сорохторго 10-тан тахса төбө ааҕыллара. Бу сүөһүлэрин отун барытын илиинэн оттууллара. Оччолорго ыал аайы техника суоҕа, биллэн турар. Онон турар-турбат барыта оттуура, илии-атах буолан кыттыһара. Бөһүөлэктэн тэйиэс сирдэрин сатыы сылдьан оттоон, кэбиһэн кыһыҥҥыга бэлэмниир эбит буоллахтарына, торбос сиир отун сайынын чугас ходуһаларыттан сүгэһэринэн таһан аһаталлара. Ол оттуур отторун «торбос ото» диэн ааттыыллара. Маны үксүн оҕолор оттууллара. Хас биирдиилэригэр сүгэһэрдээх буолаллара, онон таһаллара.
Сүгэһэр диэн киһи көхсүгэр сүгэригэр аналлаах кураанах мастан, эбэтэр талахтан оҥоһуллубут оту сүгэргэ аналлаах тэрил. Кимиэхэ анаммытынан тус-туспа араастаах буолар эбит. Холобур, оҕо, дьахтар, эр киһи киэнэ диэн. Оту ууран баран уһун сэрэмээт быанан хам баайар эбиккин. Сатабыла суохтук баайдахха отуҥ сууллан хаалыан сөп. Онон туһугар туспа сатабыл, толкуй ирдэнэр эбит. Санныга кэтэргэ сэрэмээт быалаах, биир өттө кэтиллэн хаалар, оттон иккис өттө субуруйа сылдьар, ону ылан доҕор быатыгар эрийэ тардан баран сүгэһэр маһыгар кэтэрдэн кэбиһэр эбиккин. Сатабыллаахтык уурдахха, сүгэр киһи көстүбэт гына улахан оту аҕалыахха сөп.
Оччотооҕу оҕолор сайыҥҥы күннээҕи үлэлэриттэн биирдэстэрэ торбос отун аҕалыы буолар эбит. Онон хас биирдии оҕо маны аастаҕа. Мин билигин аныгы оҕолор маннык гыныахтарын сөп дуо диэн толкуйдаатым, харахпар оҥорон көрдүм. Арааһа, суоҕа буолуо диэн түмүккэ кэллим. Тоҕо диэтэххэ, билигин аныгы ыччат чэпчэкини талар. Техниканан сүүрдэн тиийэн оҕустарыа, техниканан тиэйэн аҕалыа. Наһаа да ыарахан олоххо олорон ааспыттар эбит диэн аһына санаатым.
Гея Винокурова, 11 кылаас үөрэнээччитэ,
Орто Халыма, Өлөөкө-Күөл б.