Абый улууһун В. Н. Дохунаев аатынан Муҥурдаах орто оскуолатыгар «В мире жестяных банок» диэн Ийэ сылыгар уонна күнүгэр аналлаах быыстапка буолан ааста.
Урукку кэмнэргэ зубной порошок, кофе, чэй бааҥката балай да элбэх баар эбит. Кэнники кэрэ аҥардар бэлэхтэрин угар буолбуттар. Холобур, улахан кэмпиэт, эбэтэр кириэм бааҥкатыгар ийэлэр бэйэлэрин малларын ууруналлар(иннэ, сап, хаартыска, харандаас, тимир, оонньуур, оҕуруо уо. д. а). Подарочнай бааҥка иһэ бэйэтэ анал оҥоһуулаах буолар. Урукку кэмҥэ биһиги нэһилиэкпитигэр үс солкуобайдаах индийскэй, грузинскай чэй, ону кытта кофе атыыланара. Аан маҥнай 1970-с сылларга кофены ыскаап пуолкатыгар уураллар эбит. Кэнники биирдэ иһэр буолбуттар, ол иһин бүтүн кофе ордон хаалара.
Бу быыстапкаҕа саамай кырдьаҕас экспонат — былыргы ириис » Рисъ» бааҥката уонна Вова Голиков, Настя Сергеева аҕалбыт «Свобода» жемчуг бааҥкалара. Онтон саамай элбэх араас көрүҥнээх бааҥкалары, саха тылын учуутала, Сардана Гаврильевна Слепцова аҕалбыт.
Тэрээһиҥҥэ үөрэнээччилэр бары көхтөөх кыттыыны ыллылар. Олус интэриэһинэй быыстапканы М.М. Слепцов аатынан историяны уонна кыраайы үөрэтэр музей салайааччыта Анастасия Гаврильевна Сорокоумова тэрийэн ыытта. Кини былааҥҥа өссө элбэх үлэ күүтэр диэн үллэһиннэ.
София Зырянова, 9 кылаас, «Элгэс эрэллэрэ» юнкорпост.
Сыаҥааннаах.