Сылын аайы ыытыллар норуоттар икки ардыларынааҕы «Туймаада» олимпиада быйыл 28-с төгүлүн ыытыллар. Бу аата бу олимпиада араас дойдулар үөрэнээччилэрин, учууталларын биһирэбиллэрин ылыаҕын ылан кэллэ, аата сураҕырда, таһыма үрдээтэ. Аҥардас бу сылга 200-тэн тахса оҕо кыттыыны ылла. Быйылгы олимпиада, эрдэ этиллибитин курдук, математика, физика, информатика өрүттэригэр ыытылынна.
Биһиги «Туймаада» олимпиада тэрийээччилэриттэн биирдэстэрин, өрөспүүбүлүкэтээҕи Наука аччыгый академиятын ректорын Василий Климович Павловы кытары кэпсэттибит.
— Быйылгы олимпиадаҕа уопсайа 235 оҕо үс биридимиэт олимпиадатыгар кыттыыны ылла. Химия олимпиадата экспериментальнай үлэлээх буолан, быйыл кыайан онлайн ыытыллыбыта. Сорудах чааһыгар киирэр эбит буоллахха, хас биирдии кыттааччы биэс чааһы быһа тохтоло суох үлэлээтэ. Оҕолор 10-чалыы сорудаҕы толордулар. Ону биһиги, тэрийээччилэр, дьүүллүүр сүбэ чилиэттэрэ, прокторинг систиэмэ нөҥүө көрөн олордубут. Хас биирдии сорудах эбэтэр садаача 10-нуу эбэтэр сэттэлии баалы биэрэр. Холобур, информатика олимпиадата сэттэ эбэтэр ардыгар 10-нуу баалы эбэр. Барыта холбоон оҕолор үлэлэрин 30-тахса дьүүллүүр сүбэ чилиэнэ сыаналыыллар. Билиҥҥитэ «апелляция» диэн буола турар, ол аата кыттааччы сыанатын кытары сөбүлэспэт буоллаҕына, оччоҕо үлэтэ иккистээн көрүллэр. Онон кэтээн, чуолкайдаан көрдөххө, кыттааччылар сыаналара кыратык эбиллиэн эбэтэр сороҕор төттөрүтүн намыһыан да сөп.
Маны таһынан быйылгы олимпиадаҕа сэттэ дойду уонна сэттэ эригийиэн кыттыыны ыллылар, ол курдук уруккуттан кыттар Казахстан 83 оҕону кытыннарда, олор истэригэр биэс кыыс баар, маны таһынан Казахстан эригийиэннэриттэн 29 оскуола, 13 куорат кытынна. Онон быйыл хаһааҥҥытааҕар да элбэх казах оҕото кытынна. Тоһоҕолоон этэр буоллахха, бу Казахстантан кыттар оҕолор барыларын таһыма олус үрдүк. Холобурдаан, эмиэ Казахстаны ылар эбит буоллахха, элбэх аан дойдутааҕы математика олимпиадаларыгар кыттыбыт оҕолор, маны таһынан «Туймаада» олимпиадатын кыайыылаахтара атын омук сиригэр үөрэнэ барар эбит буоллахтарына, дойдуларыттан грант ылаллар уонна онон үөрэххэ киирэллэригэр чэпчэки буолар. Ол курдук биһиги олимпиадабытыгар кыттыбыт оҕолор Гарвард эҥин курдук улахан университеттарга киирэн үөрэнэллэр, номнуо үөрэхтэрин бүтэрэн сылдьаллар. Маны таһынан «Туймаада» олимпиадатыгар Сингапур биир биллиилээх национальнай үнүбүрсүтүөтүгэр баар үрдүкү математика уонна наука оскуолата кыттар. Индонезияттан икки күүстээх оскуола үөрэнээччилэрэ кытталлар, биир оскуолата пуонда быһыытынан биллэр. Ол пуонда Индонезия кыра сирдэриттэн 150 тыһ. тахса математиканы интэриэһиргиир оҕолору мунньан, олортон сүүмэрдээн, күүстээх хамаанда тэрийэр. Ол уһулуччу күүстээх хамаанда аата «Симметрия» диэн. Индонезияттан кыттар иккис оскуола — Джакарта куоракка баар биир биллиилээх үөрэх тэрилтэтэ буолар. Болгарияттан академик Любомир Чакалов аатынан биллиилээх математика уонна наука национальнай оскуолата кыттар. Румыния биэс биллиилээх оскуолалара бэйэлэрин хамаандаларын туруорбуттара, ол курдук 12 үйэттэн үлэлии турар, биллиилээх математика наукатын учуонайдарын үөрэтэн таһаарбыт Сибиэтэй Савва аатынан колледж, Туород Видиана программистар оскуолалара, Бухарестан национальнай теоретическэй лицей кыттыыны ыллылар. Румыннар биһиги олимпиадабыт саҕаланыаҕыттан сылын аайы кытталлар. Онон быйылгы кыттааччылар элбэхтэр, бары күүстээхтэр. Онтон түмүкпүт атырдьах ыйын 3 күнүгэр күнүс 15 чааска Yotube ханаалбытыгар тахсыаҕа.
Маны таһынан биһиги информатика олимпиадатын бэрэссэдээтэлин, М.К.Аммосов аатынан ХИФУ математика уонна информатика институтун информатика теориятын уонна үөрэтии методикатын хаапыдыратын сэбиэдиссэйэ Наталья Васильевна Николаевнаттан олимпиада туһунан ыйыталастыбыт:
— Информатика олимпиадатын бастакы түмүктэрэ таҕыстылар. Инники күөҥҥэ Румынияттан, Казахстантан, Сингапуртан кыттааччылар иһэллэр. Оҕолор таһымнара олус үрдээбит. Урут 8 садаача биэрэр эбит буоллахпытына, быйыл 10-ну биэрдибит. Дистанционнай форматы соччо сөбүлээбэтибит, олимпиада илэ буолара ордук этэ. Быйыл Codeforces диэн платформаны туһанныбыт, оҥорооччу Михаил Мирзаяновка махталбытын тиэрдэбит. Билигин онно ким баҕалаах салгыы кыайбатах садаачаларын киирэн суоттуохтарын сөп.
Мирон Макаров, Сунтаардааҕы политехничекэй лицей 8 кылааһын үөрэнээччитэ:
— Олимпиаданы биһирээтим, ол гынан баран дьиэттэн олорон кыттар соччото суоҕун бэлиэтиэм этэ. Информатика сорудахтара олус ыарахаттар. Бэс ыйыттан саҕалаан бэйэм эрчиллибитим. Үрдүк сыананы күүппэппин. Бэйэм уопут ылаары бачча үрдүк таһымнаах олимпиадаҕа кытынным.
28-с төгүлүн ыытыллар норуоттар икки ардыларынааҕы «Туймаада» олимпиада кыттааччыларыгар ситиһиилэри, туруоруммут сыалгытын барытын толороргутугар баҕарабыт!
Суруйда Анна СЛЕПЦОВА.