Быйылгы сыл уу кэлиитин, хаһаайыстыба кыстыга хайдах ааһан иһэрин боппуруостара нэһилиэк олохтоохторун олуһун диэн аймыыр. Онон биһиги Арбын нэһилиэгин дьыалата хайдах бара турарын билээри тыа хаһаайыстыбатын специалистарыттан тиийэн хоруйдарбытын ыйыталастыбыт.
— Үтүө күнүнэн Сусанна Дмитриевна! Биһиги хоруйдарбытыгар эппиэттииргэр көрдөһөбүт. Арбын нэһилиэгигэр төһө сүөһү, сылгы баарый? Хас ыал сылгы, сүөһү тутарый? Кэтэх хаһаайыстыбаҕа кыстык хайдах ааһан иһэрий? Туох ыараххаттар баалларый?
Тыа хаһаайыстыбатын специалиһа Иванова Сусанна Дмитриевна:
— 405 сүөһү ол иһиттэн ыанар ынах ахсаана 154. Сылгы ахсаана 228 ол иһигэр биэтэ 158. Нэһилиэккэ 3 бааһынай хаһаайыстыба баар: Бугаевтар, Потаповтар уонна Гоголевтар. 17 чааһынай хаһаайыстыбалар сүөһү сылгы туталлар. Кыстык этэнҥэ ааһан эрэр. Отторо тиийбэт хаһаайыстыбалар бэйэ-бэйэлэриттэн мэнэйдэһэн, атыылаһан кыстыгы түмүктүүр оттторун булунан олороллор. Өссө Калугаттан кэлбит гранулированнай от сакаастаан 5 ыалга кэллэ. Маны таһынан ОО “Тимин” диэн сүрдээх үчүгэйдик үлэлиир тэрилтэ баар, олор көмөлөрүнэн хаһыс да сылбытын сүөһү, сылгы эбии аһылыгын булунан олоробут. Ол курдук быйылгы сылга 9 тонна эбиэс, уотурба, сиир бурдук уонна туус кэллилэр. Туох да улаххан ыараххаттары көрсүбэккэ этэнҥэ кыстыкпытын туораан эрэбит. Арай халаан ууттуттан сэрэнэбит. Уу кэлиитигэр сүөһүлэрбитин, сылгыларбытын үрдүк сиргэ, отторго таһаартыыр күүстээх үлэ күүтэр.
Хас биирдии нэһилиэк олохтооҕо сайын кэлиитэ дьиэтин ходуһатын хомунан, олбуорун үлэтин биир ый устата бүтэрэр санаалаах. Онон Арбын бэс ыйын хайдах курдук атаарарын нэһилиэк администрациятын специалиһыттан Жиркова Сахаайа Васильевнаттан баран ыйыттыбыт.
Тыа хаһаайыстыбатын специалиһа Жиркова Сахаайа Васильевна:
— 1 майга үлэ бырааһынньыгар кыайыы скверын ыраастааһынҥа улахан суббуотуньук буолан ааста. Нэһилиэк дьоно үөрэ-көтө тахсан өрө күргүөмнээхтик субуотуньуктаатыбыт. 3 чыһылаҕа нэһилиэк эр дьонугар туспа үрэхтэри туоруур муосталары өрөмүөннээһинҥэ уонна илин үрэххэ саҥа муоста тутууга субуотунньук буолара былааннанар. Ыам ыйын ортото айан суолун солооһунугар эмиэ субуотунньук буолуохтаах. Суол кытыытынааҕы талахтары кэрдэн, суолу кэҥэтии үлэтэ барыахтаах. Ону тэҥҥэ хас сылын аайы буолар тиргэн таһын. Уулуссалары, сквердары ыраастааһын курдук субуотунньуктар буолаллар. Ону таһынан сайынҥы кэмҥэ сквердарга, тэрилтэлэр тастарыгар сибэкки олордуута ааһыа.
Дьылы кэтээн көрөр нэһилиэк кырдьаҕастарын биирдэстэрин кытары баран көрсөн “Халаан уута хайдах ааһыай?” диэн ыйыттыбыт.
Тыа хаһаайыстыбатын специалиһа Гоголев Леонид Иннокентьевич:
— Арбын нэһилиэгэ сылын аайы ууга барар нэһилиэктэртэн биирдэстэрэ буолар. Быйылгы халаан уута урукку дьыллардааҕар олох атын буолуо, хаарбыт быйыл наһаа элбэх түстэ уонна бу ыам ыйыгар дылы улахханнык ууллубакка сытар. Онон хаартан уу элбэх буолуо дии саныыбын. Ол гынан баран өрүстэрбит муустара чараас, аны күүстээх тыаллар түһэннэр арыы кумаҕын ыһан мууһу кэбирэттилэр , харыы буолбатаҕына уу кэлиэ суоҕа. Аны биһиэхэ Алдан өрүспүт хайдах буолара биллибэт. Быйыл Алдан өрүс мууһа халыҥ дииллэр. Онон симбиир сэрэхтээх буоларбыт ирдэниллэр.
7 кылаас үөрэнээччитэ Каролинда Корякина,
8 кылаас үөрэнээччитэ Сандаара Алексеева,
Арбын орто оскуолата, Нам.