Бүгүн АГИКИ ректора Саргылана Игнатьева, ону таһынан кафедра салайааччылара, быйылгы үөрэх хамыыһыйата хайдах үлэлиирин, хас бүддьүөт миэстэтэ баарын, ханнык саҥа идэлэр баар буолбуттарын “zoom” нөҥүө суруналыыстарга кэпсээтилэр.
Арктикатааҕы култуура уонна искусство институтугар үөрэххэ киирии докумуонун бэс ыйын 19 күнүттэн атырдьыах ыйын 3 күнүгэр диэри тутуоҕа. Атырдьах ыйын 4 күнүттэн туттарсааччылар айар дьоҕурдарын көрүү саҕаланыаҕа.
Быйыл Российскай Федерация бүддьүөтүттэн уонна өрөспүүбүлүкэбит үбүлүүр миэстэтин ахсаана урукку сыллардааҕар эбилиннэ. Ол курдук, 21 хайысхаҕа федеральнай үптэн көрүллэр 173 миэстэ баар — 124 күнүскү, 49 кэтэхтэн үөрэнэргэ. Өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүттэн — 47 миэстэ. Ааспыт сылы кытта тэҥнээтэххэ, барыта икки бүк кэриҥэ элбээтэ– диэн ректор Саргылана Игнатьева бэлиэтээтэ.
Докумуону тутар хамыыһыйа: «Эбии төлөбүрдээх үөрэххэ 50 % чэпчэтиинэн туһаныахха сөп. Ол туһунан сиһилии үлэ чааһын кэмигэр билсиҥ. Биһиэхэ үөрэххэ киири БКЭ-н орто баала 40. Айар дьоҕур эксээмэнэ 50 баал. Ону таһынан үөрэххэ туттарсааччы портфолиолаах буоллаҕына, эбии 10 баал эбиллэр-диэтэ.
Институт Саха сиригэр тэриллибитэ быйыл 20 сылын туолар. Бу сыллар тухары кэҥээн-сайдан, билигин Саха сирин эрэ буолбакка, Уһук Илин федеральнай уокурук Арктика регионун бүтүннүү хааччыйар үөрэх кыһата буолла. Быйыл республика тас өттүттэн: Камчаткаттан, Чукоткаттан, Хабаровскай, Красноярскай, Амур уобалаһыттан абитуриеннар туттарсарга баҕалаахтарын биллэрбиттэр. “Цифровой дизайн”, “Актерское искусство”, “Социально-культурная деятельность” “Народная художественная культура” курдук идэлэр ордук сэҥээриини ылалларын эттилэр.
АГИКИ-ка артыыс, дизайнер, худуоһунньук, ювелирнай оҥоһуктары оҥорор маастар, графика, хореография, вокал, музыка, фольклор араас хайысхаларын, култуура эйгэтигэр салайааччы, продюсер, маассабай тэрээһини сүрүннээччи, ону таһынан библиотека үлэһитэ, информатик-программист, музеолог, искусствоны, култуураны чинчийээччи идэтин баһылыахха сөп.
Ону таһынан маннык саҥа хайысхалар баар буоллулар:
- Цифровые технологии в музейной деятельности
- Менеджмент культурных индустрий
- Театрально-декорационная живопись
- Искусство книги
Магистратураҕа уонна аспирантураҕа:
- Народная художественная культура
- Социально-культурная деятельность
- Библиотечно-информационная деятельность
- Дизайн
Атырдьах ыйын 17 күнүгэр диэри хамыыһыйа үлэтин түмүктүөҕэ. Докумуоннары «электронно» хайдах туттараргытын agiki.ru сайт нөҥүө сиһилии билсиҥ. Айар куттаах биир бастыҥ үөрэх кыһатыгар туттарсыан баҕалаахтар бу ссылканы киирэн көрүҥ:
http://agiki.ru/sdelaj-svoj-talant-professiejpostupaj-v-agiki