Бэс ыйын 5 күнүттэн Саха сирин эдэр спортсменнара Дьокуускай куоракка «Спортивные якутяне» өрөспүүбүлүкэ үөрэнээччилэрин спартакиадатыгар муһуннулар. Бүгүҥҥүттэн саҕалаан куорат спортивнай былаһааккаларыгар тыҥааһыннаах киирсиилэр финалга киирбит спорт 9 көрүҥүнэн ыытылла тураллар. «Дохсун» спортивнай комплекс уораҕайыгар уонна 4 №-дээх оҕо спортивнай оскуолатыгар пневматическай винтовканан уонна пневматическай бэстилиэтинэн буулдьанан ытыыга күрэхтэһии ыытылла турар. Барыта буулдьанан ытыыга 80 тахса ытааччы кыттыыны ылар.
Кэбээйи улууһун cүүмэрдэммит хамаандатыгар барыта 49 спортсмен баар. Буулдьанан ытыыга бу сырыыга «новичоктар» кыттыыны ыла сылдьаллар, ол курдук Е.Е. Эверствов аатынан Кэбээйи орто оскуолатын үөрэнээччилэрэ Сайаана Полятинская (8 кылааһы тахсыбыт) уонна Саша Оконешников (7 кылааһы бүтэрбит) бэйэлэрин холоно сылдьаллар. Оҕолор улахан күрэхтэһиигэ саҥа кыттар буоланнар, долгуйаллар, ол эрээри эрэллээхтэр.
Мэҥэ-Хаҥалас уола Ваня Прокопьев быйыл 7 бүтэрдэ. Кини Лоомтука орто оскуолатыгар үөрэнэр. Үөрэх таһынан буулдьанан ытыынан дьарыктанар. Бу дьарыга киниэхэ хомуллуулаах уонна тулуурдаах буоларга үөрэтэр.
— Ытыыга улуус киинигэр, Майаҕа, хас да күрэхтэһиигэ кыттан турабын, ситиһиилэрдээхпин. Спартакиадаҕа ытыыга Лоомтукаттан иккиэбит, тренербыт Семен Васильевич. Маны таһынан икки оҕо Майаттан кытта сылдьаллар. Ытыынан дьарыктанарым таһынан, чэпчэки атлетикаҕа эмиэ бэйэбин холонон көрөбүн, ыстанабын.
Чурапчы хамаандатыттан пневматическай бэстилиэтинэн буулдьанан ытыыга 6 кылаас үөрэнээччитэ Диана Сидорова (Мугудай оскуолата) уонна Чурапчытааҕы спортивнай оскуола 7 кылааһын үөрэнээччитэ Сеня Никитин кытыннылар. Сеня номнуо бэйэтин сменатыгар кыттан, санаатын үллэстэр:
— Буулдьанан ытыынан дьарыктаммытым икки сыл буолла. Спартакиадаҕа аан бастакытын кыттыыны ылабыт. Билигин бу ытан таҕыстым, бэйэм санаабар, наһаа соччото суох кытынным. Бэйэм туруоруммут сорукпун ситиспэтим, өй-санаа өттүнэн бэйэбин кыайбатым дии саныыбын. Кыра долгуйуу да баара. Сатаан ытарбын кыайан ыппатым. Билигин дьиэбэр баран өссө төгүл задачаларбын ааҕыам, дьарыктаныам, «мысленно» бэлэмнээх буолуохпун наада, тренербар эрийэн кэпсэтиэм. Тренерым Ольга Алексеевна Егорова. Сарсыҥҥы күҥҥэ эрэл баар, сарсын иккиэн пааранан ытабыт.
Сергей Алексеев, Горнай спортивнай оскуолатын тренера, күрэхтэһии судьуйута:
— Бүгүн 4 №-дээх оҕо спортивнай оскуолатыгар пневматическай бэстилиэтинэн буулдьанан ытыыга 42 оҕо кыттыыны ыла сылдьар. 21 уол, 21 кыыс. Спортсменнар 60 зачетнай ытыы оҥороллор. Араас оройуонтан 2008-2011 сыллаах төрүөх оҕолор кэлэн кыттыыны ыла сылдьаллар. Күрэхтэһиибит 10 чаастан саҕаланна, биирдии смена 1,5 чаас ыталлар. Спортсменнар истэригэр республика лидердара эмиэ бааллар. Холобур, кыргыттарга Сунтаартан Виктория Ераскумова, кини «Азия оҕолоро» спортивнай оонньууларга маҥнайгы нүөмэринэн сылдьар. Иккиһинэн Горнайтан Катерина Александрова, үсүһүнэн Дьокуускайтан Айина Готовцева сылдьаллар. Онтон уолаттарга, Дьокуускайтан Константин Петров маҥнайгы нүөмэринэн сылдьар, иккискэ — Василий Иванов, Горнай уола, үһүскэ — Бүлүүттэн Станислав Максимов. Бу оҕолор эһиил ыытыллыахтаах «Азия оҕолоро» спортивнай күрэххэ бастыҥнар кэккэлэригэр сылдьаллар. Старшай тренер Александр Гаврильевич Сотников этэринэн, бу күһүн алтынньы ыйга өрөспүүбүлүкэ первенствота ыытыллыахтаах, ол кэннэ эрэ биирдэ «Азия оҕолоро» спортивнай оонньууларга кыттар састаап чуолкай биллиэхтээх.
Сарсын, бэс ыйын 7 күнүгэр, спортсменнар пааранан арахсан (хамаандаттан кыыстаах уол) 30 ытыыга кыттыыны ылыахтара.
Анна СЛЕПЦОВА.
Эдкор Роман АТЛАСОВ видеоҕа устуута, таҥыыта.
keskil14.ru