Сэтинньи 20 күнүгэр Кэбээйи нэһилиэгэр Саха АССР 100 сылыгар анаммыт тэрилтэлэр икки ардыларыгар буулдьанан ытыыга күрэхтэһиигэ кытынным. Оскуола аатыттан учууталларбыт Ольга Ивановна Обутованы уонна Майя Анатольевна Терехованы кытта киирсэн, 1 миэстэ буоллубут.
Күрэхтэһиини Кэбээйитээҕи Оҕо спортивнай оскуолата уонна Саха Республикатын буулдьанан ытыы Федерациятын президенин солбуйааччыта, пограничнай сэрии полковнига Иван Маркович Гурьев көҕүлээн ыыттылар.
Иван Маркович биһигини биһигини туруоруммут сыалгытын ситиһэр, түргэнник, сымсатык туттарга уонна төрөөбүт дойдуга бэриниилээх буоларга ыҥырда.
Күрэхтэһиигэ уу-чуумпу буолара эрэйиллэр эбит. Бистэлиэт, саа сомуогун уонна буулдьа табыллар тыаһа эрэ иһиллэр. Уонна биллэн турар, киһиттэн тулуурдаах уонна холку буолуу наада эбит диэн өйдөөтүм.
Маннык күрэхтэһиигэ аан бастакыбын кытынным уонна олуһун астынным.
Валентин Татаринов, 8 кылаас, «Дьоҕур» пресс-киин, Кэбээйи орто оскуолата.