Буулдьанан ытыы – үрдүк концентрацияны, чопчу буолууну уонна бэйэни хонтуруолу эрэйэр спорт көрүҥэ. Бу дицциплиналар Олимпийскай оонньуулар уонна атын да норуоттар икки ардыларынааҕы күрэхтэһиилэр программаларын сорҕото буолаллар. Быйыл ахсыс Азия оҕолоругар эмиэ киирдэ. Күрэхтэһии от ыйын 1-4 күннэригэр дылы буолар. Кыттааччылар күүтүүлээх күрэхтэригэр бэйэлэрин бэлэмнэрин уонна күүстэрин көрдөрөллөр.
Пневматическай бэстилиэтинэн ытыы уратыта диэн винтовкаттан кыра ыйааһыннаахтар. Ол эрэн өр тутарга эмиэ күүс, сэниэ баранар. Тоҕо диэтэххэ, винтовкаҕа курдук өйөнөр сир суох. Ытыыга сүрүнэ диэн сыалы табыы, муҥутаан 100 очукуону ылыы буолар. Онуоха спортсмен бэйэтин эрэллээх доҕорун үчүгэйдик билэр, сатаан туһанар буолуохтаах. Спортсменнар бэйэлэрин физическэй күүстэрин, тулууру сайыннарыахтаахтар уонна харахтара үчүгэйдик көрөр буолуохтаах.
Азия оҕолоругар буулдьанан ытыы күрэхтэһиитин бүгүн бастакы күнэ.
- Бастакы миэстэ – Матвей Юбков, Севернай федеральный округ;
- Иккис миэстэ –Николай Чернуха, Беларусь республиката;
- Үһүс миэстэ –Павел Береснев, Москва куората – күрэхтэһии түмүгүнэн миэстэлэстилэр.
Саха сириттэн Константин Петров, Саха сирин 1№-дээх хамаандата сэттис, Василий Иванов, Саха сирин 2№-дээх хамаандата тохсус миэстэ буоллулар. Кыттааччыларга салҕыы аныгыс күрэхтэһиилэригэр ситиһиини, тулууру уонна дьулууру баҕарыаҕыҥ!
Лилиана Попова, оҕо пресс-киинин юнкора