Сэриигэ охтубут, төннүбэтэх, төннүбүт буойуннар ааттарын үйэтитиигэ үлэ барар, өссө да салҕанар. Эдэр ыччаты патриотическай иитиигэ көҕүлээһин сүдү оруоллаах.
Сталинград куораты утары сэриилэһии от ыйын 17 күнүгэр,1942 сыллаахха саҕаламмыта. Аҕыс оройуонтан, сэттэ оройуону өстөөхтөр сэриилээн ылбыттара. Аан бастакынан Ворошиловскай оройуону сэриилээбиттэрэ. От ыйын 28 күнүгэр И.В.Сталин 227- нүөмэрдээх «Ни шагу назад» диэн кытаанах бирикээс таһаарбыта.
Атырдьах ыйын 23 күнүгэр, 1942 сыллаахха Сталинград куората бүтүннүү кэриэтэ, өстөөх көтөр-аалынан бомбалаан урусхалламмыта. Ол да буоллар кыһыл этэрээт буойуннара бэриммэтэхтэрэ. Икки сүүс түүннээх күн сэриилэспиттэрэ, иннилэрин биэрбэтэхтэрэ. Сталинград куорат олохтоохторун, буойуннарын хорсун быһыылара умнуллубат, устуоруйаҕа суруллар.
Ороһу орто оскуолатыгар сэриигэ охтубут, төннүбэтэх, төннүбүт буойуннар ааттарын үйэтитиигэ үлэ барар. Ол курдук сэттис кылаастар «Великая война — Сталинград» диэн документальнай киинэ көрдүлэр. Ахсыс, тохсус кылаастар «Великие битвы Победы» мультимедийнэй квестка кыттыыны ыллылар. Сэттис, ахсыс, тохсус кылаастар «Письмо потомку» акцияҕа кытыннылар уонна анал дьайыыга сылдьар байыастарга сурук суруйан ыыттылар.
Хас биирдии үөрэнээччи бу кэрдиис кэм туһунан элбэҕи биллэ.
«Тымтык» эдкорпост ,Ороһу