Булуҥ улууһугар номнуо хаардара түһэн, сир дойду маҥан суорҕанын бүрүннэ. Бу хаартыскаҕа олорор уолаттар Бороҕон орто оскуолатын 5 кылааһын үөрэнээччилэрэ. Уолаттар кыраларын көрүмэҥ, номнуо уопуттаах балыксыттар. Күһүн хайаан даҕаны балыкка сылдьалларын ордороллор.
«Хайдах да халлааҥҥа кыракый балыксыттары дьиэҕэ хаайбаккын. Бу сырыыга учууталларын Стручков Андрей Андреевиһы кытары эдэр балыксыт оскуолатын ааһаллар. Баҕар сотору оскуола улахан уолаттарын кытта Сааһыырга балыктыы барыахтара турдаҕа», — диэн Булуҥ улууһун Бороҕон орто оскуолатын дириэктэрэ Жанна Прокопьевна Осипова этэр.
Көрөргүт курдук, бу күн уолаттар табыллан олороллор. Бил, дьарҕаа балыгы хаптаран, дьиэлэригэр өттүк харалаах төнүннүлэр. Уонна айылҕаҕа көҥүл тыынартан, дуоһуйа сылдьартан, сынньанартан ордук туох баарый? Бэл, аһыыр ас кытары минньийэр.
Кырачаан балыксыттары күөх далай иччитэ Күөх Боллох оҕонньор өрүү күндүлүү сырыттын диэн алгыы хаалабыт.
keskil14.ru