Сэтинньи кыстык аҕыс ыйыттан иккиһэ буолар. Бу ый – Байанай ыйа. Байанай хара тыа харамайын, көтөрүн-сүүрэрин араҥаччылыыр.
Былыр-былыргыттан сахаларга бу ый ураты суолталаах. Тоҕо диэтэххэ, бу булду кытта ситимнээх. Булчуттарга Байанай хара тыатын баайыттан бэрсэр.
Бултааһын сахаларга тыын дьарыкпыт буолар.
Бүгүн кэпсэтиибит Амма улууһун, 2-Чакыр нэһилиэгин олохтооҕун, булдунан дьарыктанарСоловьев Прокопий Егорович Соловьевы кытта буолла. Кини булдунан оскуоланы бүтэрэр сылларыгар үлүһүйбүт. Аҕатын кытта саарбаҕа уонна тайахха сылдьыһар буолбут. Ол иннинэ кыра эрдэҕиттэн чугастыы тыаҕа аҕатын батыһар эбит.
Прокопий Егорович этэринэн, булчут киһиэхэ баҕа уонна сиэрдээх үлүһүйүү (азарт) наада. Ол суох буоллаҕына, үчүгэй үлэ тахсыбат. Саха эр киһитигэр бултааһын диэн аҥардас булду сырсыы эрэ буолбатах, бу кини сынньалаҥы булар, айылҕаны кытта алтыһар дьарыга.
– Бултааһыҥҥа былаан диэн суох. Байанай төһөнү биэрэринэн. Чакыр бултуур сирдэргэ киирсэр сирдээх-уоттаах дойду. Сүрүннээн саарбаҕа сылдьабыт, – диэн кэпсиир Чакыр булчутаа.
Мин Прокопий Егоровичтан: «Булчут киһи тыаҕа дьиэтиттэн ыраата сырыттаҕына ыарахаттары көрсөрө буолуо, тоҥуу-хатыы, ас-үөл дьиэтээҕи курдук буолбатаҕа буолуо», – диэн ыйыттым. Кини: «Киһи сөбүлүүр дьарыгар сылдьар буоллаҕына, тугу да ыарырҕаппат», – диэн кэпсэтиибитин түмүктээтибит.
Дайаана СОЛОВЬЕВА, VI кылаас, 2-с Чакыр, Амма