Сэтинньи ый — Баай Байанай ыйа. Сахалар биир саамай ытыктыыр, сүгүрүйэр ыйбыт. Уол оҕоҕо, эр киһиэхэ бу ый ураты суолталаах. Бүгүн биһиги булт туһунан омуннаах кэпсээннэрбитин ааҕаргытыгар ыҥырабыт.
Биэ эмиийэ быыһаан турардаах
Биир күн чугастыы ойуурга сир астыы барарга сананным. Сылын аайы сөбүлээн сылдьар сирбэр элбэх отон, биэ эмиийэ, хара хаптаҕас өлгөмнүк үүнэр. Аҕыйах чаас иһигэр биир биэдэрэ кыһыл хаптаҕас хомуйдум, сиэппэр кыратык биэ эмиийин ичигэстээтим. Бүгүҥҥү күммүттэн сүргэм көтөҕүллэн, испэр киҥинэйэн ылыы ыллыыбын дьиэлээн истим. Арай баран иһэр суолум утары ханнык эрэ кыыл хаһыытыырын истэн, тохтуу түстүм. Чугаһаан истим, туох эрэ харааран көстөрүн одуулаан билбитим, хагдаҥ эһэ эмиэ, мин курдук, сир аһын ичигэстээн сии сылдьар эбит.
Кутталбыттан, тиит мас үрдүгэр биирдэ баар буола түстүм. Сүрэҕим айахпынан тахсыах курдук, сап-салыбырас буолуохпар дылы хаһан да куттамматахпын куттанным. Эһэ тииккэ сатаан тахсыбата, ол да буоллар миигин манаан, чугас хаама сырытта. Күн киэһэрэн барда, эһэ миигиттэн арахсар санаата суох.
Ол олорон, өйдүү биэрдим. Эһэ саамай сөбүлүүр сир аһа биэ эмийэ буолар диэни. Үөрүүбүттэн кынатым эрэ суох. Сиэппиттэн маарыын хомуйбуппун таһааран, тэйиччи соҕус бырахтым… Эһэ сөбүлүүр сытын ылан, бырахпыт сирим диэки аргыый аҕай сүөдэҥнээтэ. Мин ойон түстүм. Эһэ түспүппүн көрөөт, утары сүүрэн истэҕинэ, күөмэйим муҥунан хаһыытаатым. Хаһыым күүһүттэн эһэ соһуйан, тиэрэ кэлэн түстэ. Дөйөн хаалла. Түгэнинэн туһанан, дьиэ диэки буутум быстарынан, ойо турдум.
Дьиэлээхтэрим сүтэрэн олорор эбиттэр. Быһылааммын саас сааһынан кэпсээтим. Бары сөхтүлэр, махтайдылар, булугас өйбүн хайҕаатылар.
Айсен ЕГОРОВ, 8 кылаас үөрэнээччитэ.
Биир күн
Арай биирдэ ыкса билсэр доҕорбор оонньуу баран истим. Баран истэхпинэ, хантан кэлбитэ биллибэт, уун утары атыыр таба бу барыйан турар эбит. Кэйээри сири табыйар, мунна буруолуур. Миэхэ толкуйдуур бириэмэ биэрбэккэ, утары ыстанна. Ээ, мин уол оҕото онтон куттаныам дуо? Утары иһэр аарыма табаҕа үрдүгэр ыстанан, олоро түстүм. Муоһуттан бобо туттум, доҕорум олорор сирин диэки, хайыһыннаран кэбистим. Хата, үөрэ-көтө тиийиэхтээх сирбэр, бэрт түргэнник тиийдибит. Доҕорум миигин көрөн, соһуйда да, ымсыырда да.
Киэһэлик дьиэбэр төннөн иһэн, ол табабын эмиэ көрүстүм. Бу сырыыга миинэр миҥэ оҥостубакка, сүүскэ тэбэн, өлөрөн кэбистим. Санныбар сүгэр, хата, дьиэлээхтэрбэр, өттүк харалаах, илии тутуурдаах тиийдим. Ол киэһэ минньигэс да минньигэс, эмис сыалаах таба этинэн аһаатыбыт.
Валентин Татаринов, 8 кылаас үөрэнээччитэ.
Бөрөнү кыайан турардаахпын
Биир үтүө күн утуйан тураат, күннээх халлаан турбутун көрөн, бултуур сэппин-сэбиргэлбин хомунан, чугастааҕы тыаҕа таҕыстым. Үрэҕинэн, сыһыынан төттөрү-таары хаамтым, сылайан дьонум өтөхсүйбүт балаҕаннарыгар түбэһэн, киирэн сытарга сананным.
Сытан нуктаан ыллым, өр-өтөр буолбата. Тэйиччи бөрө улуйар саҥатыттан уһукта биэрдим. Ааммын тэлэччи аһан, ойон таҕыстым. Бөрө саҥатын диэки үөмтүм. Арай туран тиийэн, көрбөтөхпүн көрдүм, түбэспэтэхпэр түбэстим! Мин иннибэр киһиттэн лаппа улахан бөрө турар эбит. Саабынан ыттым, бөрөм кыһаллыбата. Ыксааммын, көлөһүнүм сүүрэ-сүүрэ, ыттарбын ыҥыран үһүүрдүм. Ыттарым барахсаттар бөрөҕө саба түһэ сатаатылар да, бөрө онно эрэ кыһаллыбат. Инники атахтарынан садьыйталыы сырытта. Күн аҥара охсустулар, хас да ытым өлөр өлүүтүн өллө. Мин дьэ, кыыһырыахпын кыыһырдым, абаран баран, сыгынньах илиибинэн, бөрөҕө ойдум. Хантан кэлбитэ биллибэт, күүспэр күүс эбилиннэ, сэниэбэр сэниэ киирдэ. Бөрөнү көтөҕөн ылан, оттоох буорга хампы быраҕан кэбистим. Бөрөм аҕыйахта тыынаат, тылын таһааран, өлөн хаалла. Бөрөбүн сүгэн, ордубут ыттарбын батыһыннаран, дьиэбэр-уоппар төнүннүм, дьонум-сэргэм үөрэ-көтө, уруйдуу көрүстүлэр.
Онон ол күн хантан күүһүм-уоҕум эбиллибитин күн бүгүҥҥэ диэри сөҕөбүн.
Дуолан ПАВЛОВ, 6 кылаас үөрэнээччитэ.
«Дьоҕур» пресс-киин, Кэбээйи орто оскуолата.