В.П. Ларионов аатынан Майа орто оскуолатын 7 «б» кылааһын үөрэнээччитэ Алеша Павлов оҥорбут «Бул, тал, кыай» диэн остуол оонньуутун дьон-сэргэ сэргээтэ. Алеша бу бырайыагы ийэтин Екатерина Андреевнаны кытта толкуйдаабыт.
Оонньуу өйү сайыннарар, дьиэ кэргэни түмэр сыаллаах оҥоһуллубут. Сахалыы оонньуу бастакы таһаарыыта өрөспүүбүлүкэ улуустарын, гиэрбэлэрин туһунан билиини чиҥэтэр, сырдатар ис хоһоонноох. Алеша толкуйдаабыт халыыбынан Майа олохтоох дьаһалтата сэлиэнньэ төрүттэммитэ 120 сылыгар анаан Майа баай устуоруйатын сырдатар оонньууну 500 ахсаанынан дьоҥҥо-сэргэҕэ таһаарда.
Алеша сонун бырайыагын туһунан бу курдук сырдатар:
— Оскуолабытыгар сыллата араас тэрээһиннэрдээх, күрэхтэрдээх, куоҥкурустардаах Ларионовскай дэкээдэ ыытыллар. Онно учууталым Ольга Старостина доруобуйаҕа туһалаах оонньууну толкуйдааһыҥҥа оскуола иһинээҕи куоҥкуруска кытын диэн сүбэлээбитэ. Ийэбинээн тута араас оонньуулары сыымайдаан баран, өйгө тутар дьоҕуру сайыннарар, төрөөбүт дойдубут туһунан билиини хаҥатар «Бул, тал, кыай» диэн остуол оонньуутун оҥорорго быһаарыммыппыт. Оонньуу өрөспүүбүлүкэ улуустарын сырдатар гиэрбэлээх карточкалартан турар, улуус туһунан сырдатар кыра кинигэлээх. Хас да киһи оонньуон сөп, ким элбэх карточканы ылбыт, ол кыайар.
Бырайыакпынан өрөспүүбүлүкэтээҕи «Муус устар» бэстибээл быыстапкатыгар кыттан кыайыылаах буолан 12000 солк. наҕараадаламмытым. Быйыл Майа сэлиэнньэтэ төрүттэммитэ 120 сылынан оонньуум халыыбынан олохтоох дьаһалта Майа устуоруйатын сырдатар ис хоһоонноох оонньууну толкуйдаан таһаарбытыттан олус үөрдүм. Нэһилиэгим үбүлүөйүн бэлиэтээһиҥҥэ сэмэй кылааппын киллэрбиппиттэн киэн тутта саныыбын.
Маладьыас, Алеша! Инникитин өссө да ситиһиилэри!
Саина ЛОНГИНОВА, Изабелла РОМАНОВА, “Мэҥэбил” пресс-киин.