Арыылаах эдэр корреспонденнара оройуоҥҥа ыытыллыбыт «Кэскил» сүлүөтүгэр 2 миэстэ буолан кэллибит. Туох сонуну көрбүттэрин, тугу билбиттэрин Арыылаах орто оскуолатын «Аартык» пост эдкордара, «Кэскил» хаһыат кылаабынай редактора Т.И. Жиркова кыттыылаах улуустааҕы сүлүөт кыттааччылара санааларын үллэстэллэр.
Илларион Старостин, X кылаас : Эдэр корреспонденнар сүлүөттэрэ оройуоммут киинигэр Баатаҕайга буолла. Оҕо киинигэр сүлүөт кыттааччыларын барыбытын ыраастыыр сиэр-туом тутуһанкиинин салайааччыта Г.А. Максимова алҕаан көрүстэ. Салгыы эҕэрдэ тыллары Д.В. Котельников, В. К. Тимофеев уонна «Кэскил» хаһыат кылаабынай редактора Т.И. Жиркова эттилэр. Татьяна Ильинична наһаа үчүгэйдик хаһыат туһунан кэпсээтэ, мустубут сыалбытын, тугу гыныахтаахпыт туһунан билиһиннэрдэ.
Люба Стручкова, VI кылаас: Бүгүҥҥү күрэхтэһии наһаа үчүгэйдик ааста. 5 хамаанда кэтэхтэн, 10 хамаанда айаннаан кэлэн кытыннылар. Маннык күрэххэ биһиги бастакы кыттыыбыт. Бастаан визиткабытын билиһиннэрбиппит. Онтон презентациябытын, «Аартык» үлэтин туһунан Георгий Саввинов уонна Николай Винокуров кэпсээбиттэрэ. «Кэскил аныгы кэм хаһыата» бырайыагы көмүскээтибит. Бу үс дьиэтээҕи сорудаҕы бэлэмниирбитигэр Аартыкпыт туһунан бэйэбит элбэҕи биллибит. Мин быйыл хаһыакка суруйарга саҥа холонуум буолар.
Старостина Саина, VII кылаас: Эбиэт кэннинээҕи, сорудахпыт «Ийэ сирбитин, айылҕаны харыстыах!» диэн этэ. Биһиги Арыылаах нэһилиэгэр оскуола, оҕо саада, нэһилиэк түөлбэлэрин, тэрилтэлэрин ыытар экологическай хайысхалаах үлэлэрин билиһиннэрбиппит уонна плакат уруһуйдаабыппыт. Дьиҥэр баар кыһалҕалары ыйан туран, ону туоратарга бырайыак оҥоһуллуохтааҕын сыыһа оҥорбут этибит. Ону көннөрөн Георгий Саввинов «Отходы в доходы» диэн бырайыагы кылгастык илиискэ суруйан дьүүллүүр сүбэҕэ туттарта. Бу түһүмэх түмүгэ хойут биллэр диэбиттэрэ.
Саввинов Георгий, VII кылаас: Сынньана таарыйа быыһыгар үҥкүүлээн, эрчиллиилэри оҥорон элбэҕи биллибит, иһиттибит, үөрэннибит. Ити курдук, 2 миэстэни ылары ситистибит. Кубогынан, грамотанан, глобуһунан, «Кэскил» хаһыаттарынан наҕараадаланныбыт.
Винокуров Коля, VII кылаас: Эдэр корреспонденнар күрэхтэһиилэрэ олус үчүгэйдик ааста. Оҕолор бары олус көхтөөхтөр, бары үчүгэй бэлэмнээхтэр. Уопсай түмүккэ Үөһээ Дьааҥы оскуолата 1 миэстэни, биһиги 2 миэстэни, Табалах оскуолата кэтэхтэн кыттан 3 миэстэни ылла.
Сарсыарда 10 чаастан киэһэ 5 чааска дылы күүстээхтик үлэлээн, кыттан, миэстэлэһэн оҕолор үөрэн кэллилэр. Айан сылаата умнулунна. Инники диэки хардыылаан, кэлэр кэмниин бииргэ буолан аартыктара аһылынна, ыраахха тыргыллар кэскиллэннэ.
Розалия Слепцова, география учуутала.
Арыылаах, Дьааҥы.