Сандал сааһы көрсө Үөһээ Бүлүү улууһугар Дьокуускайтан Үүнэр көлүөнэ тыйаатыра ыалдьыттаан оҕо аймахха үөрүүнү, сэргэхсийиини аҕалла. Дүллүкү эдэр көрөөччүлэригэр тыйаатыр кулун тутар 27 күнүгэр мааны ыалдьыт буолла. Биһиги, медиа-оскуола оҕолоро, түгэни мүлчү туппакка, интэриэһинэй түгэни нэдиэлэтээҕи сонуннарга тиһэргэ туруннубут.
Күнүс 2 чаастан тыйаатыр 13 киһилээх труппата оскуола уонна оҕо саадын оҕолоро бэлэмнээбит туруорууларын көрдүлэр-иһиттилэр. Ыаллыы сытар Хомустаах нэһилиэгиттэн оскуола оҕолоро Софрон Данилов «Манчаары» айымньытыттан быһа тардан (сал. В.В.Васильева), Дүллүкү оҕолоро икки сыаҥканы (сал. А.Н.Иванова), оҕо саадтан кырачааннар «Эриэппэ» остуоруйаны (сал. Н. А. Иванова) оонньоон, артыыстар дьүүллэригэр таһаардылар.
Биһиги тыйаатыр режиссерын уонна артыыстары кытта сэһэргэстибит.
Валентина Афанасьевна Якимец, тыйаатыр режиссера.
— Тыйаатыр үлэтин туһунан кылгастык билиһиннэрэҕит?
-Биһиги оҕо тыйаатыра буолабыт. Кинилэргэ анаан элбэх испэктээктэри туруорабыт. Оскуола бырагыраамматыгар ханнык айымньы киирэн үөрэтиллэрин билэн баран ону туруорабыт. Үөрэнээччи бастаан айымньыны ааҕар, онтон сыанаҕа көрөр кыахтанар. Салгыы тыйаатыры сэргиир, таптыыр буола улаатар. Соҕуруу элбэх фестивалларга сылдьабыт, сахабыт култууратын көрдөрөбүт, тарҕатабыт. Сүрдээҕин сэргииллэр, ыйыталаһаллар. Биһиги артыыстарбыт бары эдэрдэр, онон ыччат тыйаатыра буолабыт.
— Улуустарынан сылдьар сыалгыт-соруккут?
Биһиги гастроллуу сылдьабыт. Ону сэргэ, «Күн бытархайа» диэн театральнай фестивалы ыытабыт. Бу фестивалы улуустарынан ыыппыппыт 10-тан тахса сыл буолла.
Сүрүн сыалбыт — уһуйаан уонна оскуола оҕолорун туруорууларын миэстэтигэр көрөбүт. Оччоҕо элбэх оҕо кыттар, таарыччы тыйаатыры төһө интэриэһиргииллэрин билэбит. Ордук кыра оҕолор сөбүлүүллэр, үөрэллэр-көтөллөр.
— Үүнэр көлүөнэ тыйаатырын артыыһа туох ураты хаачыстыбалаах буолуохтааҕый?
— Эппитим курдук, биһиги оҕолорго анаан үлэлиибит. Оҕолор интэриэстэрин, тугу көрүөн баҕарарын билэр, оҕо оруолун толорор буолуохтаахтар. Холобура, оҕо саадыгар тиийдэхпитинэ, араас кыыллары оонньоон көрдөрөбүт. Онон уратылаах, иитэр-үөрэтэр соруктаах тыйаатыр буолабыт.
Тыйаатырга оҕоҕо аналлаах студия баар дуо?
— Тыйаатырбыт тэриллиэҕиттэн «Тускул» диэн студиялаахпыт. Онно оҕолор ыллыыллар, музыкальнай испэктээктэри туруораллар. Саҥардыы сахалыы тылынан саҥарар студия тэрилиннэ.
— Дьиэ кэргэн уонна оҕо аймах сылынан ханнык сонун туруоруулары күүтэбитий?
— Премьералар буоллулар. Норуот суруйааччыта Николай Лугинов үбүлүөйүгэр анаан «Нуоралдьыма чараҥар» айымньыта турбута. Кулун тутар 19 күнүгэр «Эдэр гвардия» премьерата буолла. Аан дойдутааҕы оҕо тыйаатырын күнүгэр А.С. Пушкин «Саар Салтаанын» көрдөрбүппүт. Бырааһынньык тэрийэн, оҕолорго мороженай бөҕөнү түҥэтэн, ыллатан-үҥкүүлэтэн, испэктээкпитин көрдөрөн баран, кулун тутар 21 күнүттэн Үөһээ Бүлүүгэ кэлэн Айталина Ильина аатынан фестивальбытын ыыта сылдьабыт. Муус устар 3 күнүгэр түмүгү таһаарабыт.
Спартак Ларионов, артыыс: Мэҥэ Хаҥалас Аллараа Бэстээҕиттэн сылдьабын. Тыйаатырга 2019 сылтан үлэлиибин. 2015 с. Арктикатааҕы судаарыстыбаннай култуура уонна ускуустуба институтугар артыыс салаатыгар үөрэнэ киирбитим. 4 сыл үөрэнэн бүтэрэн үлэлии сылдьабын.
— Оруолга хайдах киирэҕитий?
— Оруолга киирии диэн туспа ньымалаах. Оруолуҥ хайдах буолуохтааҕын өйгөр уруһуйдаан таһаараҕын. Оруолуҥ бэйэҥ төрөппүт оҕоҥ курдук буолар.
— Артыыс буолуон баҕалаах оҕолорго тугу сүбэлиэххитий?
— Үөрэххитигэр кыһаллыҥ. Артыыс идэтигэр үөрэнэргэ нуучча литературатын уонна сүрүн предметтэри билиэххэ наада. Элбэхтик ааҕыахха, кыһаллыахха уонна саамай сүрүнэ — баҕа санаа баар буолуохтаах.
Кирилл Рожин, артыыс:
Хаҥаластан төрүттээхпин. Үүнэр көлүөнэ тыйаатырагар 10-с сылбын үлэлии сылдьабын. 2008 сылга Култуура кэллиэһигэр «Постановка театрализованных представлений» диэн салааҕа киирэн, 3 сыл үөрэнэн баран үлэлии киирбитим. Оруолга киирии араастаах. Атын-атын оруолу толорор буолан, тус-туспа ирдэбиллээх.
— Артыыс буолуон баҕалаах оҕолорго тугу сүбэлиэххитий?
— Кинигэни элбэхтик ааҕыахха, дьон иннигэр тахсаргар кыбыстар буоллаххына, ону кыайыахха наада.
— Елизавета Далбараева, артыыска:
— Биһиги сүрүн көрөөччүлэрбит — оҕолор. Оҕо саадын оҕолоруттан саҕалаан оскуоланы бүтэрээччилэргэ анаан үлэлиибит. Онон оҕо аймахха анаммыт айымньылары туруорабыт. Оҕо өй-санаа уонна култуурунай сайдыытыгар туһулаан үлэлиибит. «Күн бытархайа» фестивалы сылга биир улууска былааннаан ыытабыт. Быйыл — Үөһээ Бүлүүгэ. Оҕолор туруорууларын көрөбүт. Тыйаатырбытыгар оҕолорго аналлаах нууччалыы «Тускул» уонна сахалыы «Үктэл» диэн студиялар үлэлииллэр. Онно куорат оҕолоро сөбүлээн дьарыктаналлар.
Кэлбит эдэр артыыстар ортолоругар билигин «Саха» НКИХ көстө турар «Омоон суоллар» сериалга участковай оруолун оонньуур киинэ уонна тыйаатыр артыыһа Ньургун Черов баар. Ньургун Александрович Амматтан төрүттээх, Култуура уонна ускуустуба кэллиэһин выпускнига, 2013 сылтан СӨ Үүнэр көлүөнэ тыйаатырыгар үлэлиир.
— «Омоон суоллар» киинэҕэ кастиҥы хайдах ааспыккыный?
— Сайын «Саха» көрдөрөр-иһитиннэрэр хампаанньыйаттан эрийэ сылдьыбыттара. «Биир оруол баар, кэлэн боруобаланан көрүөҥ дуо?», — диэбиттэрэ. Кэлбиппэр текст биэрбиттэрэ уонна аахтаран камераҕа устубуттара, кэлин эрийиэх буолбуттара. Ол киэһэтигэр эрийэн «эйигин оруолга бигэргэтэбит, сөбүлэһэҕин дуо?» диэбиттэрэ. Мин тута сөбүлэспитим.
— Полиция оруолун толорор хайдаҕый? Оруолгар хайдах киирдиҥ?
— Полиция оруола сүрдээх уустук эбит. Бастатан туран, сериалга бу идэ араас өрүттэрэ элбэхтик арыллар буолан, полиция туһунан элбэҕи үөрэтэ, билэ сатаабытым. Бэйэм күннээҕи олохпор наһаа дьиппиэ майгылаах киһи буолбатахпын, ол иһин ыарахан соҕус этэ (күлэр).
Киэһэ 6 чаастан култуура уонна сынньалаҥ киинигэр Реас Кулаковскай суруйбут «Орто дойду олохтооҕо Ордьоот оҕонньор» этно-синтез олоҥхотун В.А. Якимец туруоруутугар иһийэн олорон көрдүбүт. Артыыстар таҥастара-саптара, толоруулара, сцена киэргэтиитэ, уот-күөс олоҥхо аптаах эйгэтигэр сиэтэн киллэрдэ. Сэргэх кэпсээннээх, олоҥхо оонньуулаах Үүнэр көлүөнэ тыйаатыра оҕо аймахха үөрүүнү, сонуну бэлэхтээн ааста.
Айыына Петрова, VII кылаас, Сааскыйа Васильева, VIII кылаас, хаартыскаҕа түһэрдэ Степания Григорьева VIII кылаас,
Дүллүкү, Үөһээ Бүлүү