Саха сиригэр кыһыммыт олус уһун уонна тымныы. Онтон тыйыс тымныылартан хас биирдии киһи харыстаныах тустаах. Былыр биһиги өбүгэлэрбит сымнаҕас сарыыттан ис таҥас тиктэллэрэ. Тас таҥастарыгар саҕынньахтан, бэргэһэттэн, этэрбэстэн ураты хайаан да хаттык таҥастаах буолаллара.
Ол курдук, атахтарыгар халыҥ ыстааны таһынан ахтаҕа диэри тирии сутуруо, сыалдьа, кээнчэ, угунньа, куллука кэтэллэрэ. Ону таһынан өссө түү моойторук, сүүс таҥаһа, мурун сабыыта, эрбэх хаата, ытыс көхсүн хаххалыыр бэлэпчи, хабах таҥаһа, сиһи харыстыыр бааччы, бэгэччэк таҥаһа, түһүлүк диэннэри кэтэллэр эбит. Дьэ, бу барыта мындыр толкуйтан, харыстабыллаах сыһыантан тахсар!
Билигин былыргы сахалыы түү таҥаһы үтүгүннэрэн тигэр буоллулар. Кыһыҥҥы кэмҥэ бэйэ тигии түү бэргэһэ, моойторук, кээнчэ олус туһалаахтар. Онтон халыҥ сону, истээх ыстааны маҕаһыыннарга дэлэйдик атыылыыр буоланнар олус абырыыллар.
Хас биирдии киһи тымныылартан харыстаныахтаах, сөпкө таҥныахтаах. Доруобуйа-киһи баар суох баайа буоларын бары өйдүөх тустаахпыт!
Анатолий Григорьев, «Ыллык» эдкорпост, Ньурба, Хаҥалас.