Сунтаар улууһун Илимниир орто оскуолатыгар Олунньу ый 3 күнүгэр бадминтоҥҥа маастар-кылаас ыытылынна. Бу күн кинилэргэ уратытык, саҥа быһыылаахты ааста.
Бу маастар-кылаас оскуола дириэктэрэ уонна физкультураҕа учуутал Федоров Дмитрий Федорович тэрийиитинэн буолан ааста.
Маннык маастар-кылаас биһиги улууспутугар маҥнайгытын ыытыллар. Бу тэрээһиҥҥэ Сунтаар улууһун 8 оскуолатыттан 30 үөрэнээччи кыттыыны ылла.
Тэрээһин оскуолалар хамаандалара уопсай стройдарыттан саҕаланна. Онтон оҕолор кыратык эттэрин-сииннэрин үөрэттилэр. Ол кэннэ Федоров Дмитрий оҕолорго бадминтон оонньуутун сорох техникатын көрдөрдө.
Чаас кэриҥэ дьарыктан оҕолор кыратык сылайдылар да, астыннылар даҕаны.
Маастар-кылаас кэннэ физкультура учууталлара санаа атастастылар, бадминтоҥҥа буолуохтаах күрэхтэр тустарынан араас боппуруостары быһаарыстылар.
Бу спорт көрүҥэ үөрэх тэрилтэлэригэр сайдыахтаах диэн быһыырдылар.
Аныгыскы үөрэтэр семинар Хадан орто оскуолатыгар ыытыллара былааннанар. Кулун тутар ыйга Илимниир оскуолатыгар бадминтоҥҥа бастакы улуустааҕы күрэс тэриллиэхтээ
Сунтаар улууһа
Илимниир орто оскуолата