ЮНКОР ДНЕВНИГЫТТАН
От ыйын 24 күнэ. «СААС» медиа форумҥа үлэтин түмүгүнэн Саха өрөспүүбүлүкэтигэр Оҕо саас сылынан «Кэскил» медиа оскуола 23 бастыҥ юнкора Москваҕа айан путевкатын туппуппут. Онон бүгүн, от ыйын 24 күнүгэр дойдубут киин сиригэр Москва куоракка айаммыт саҕаланна.
Айаммыт бастакы күнэ олус интэриэһинэй буолла. Эрдэ самолетынан көтө сылдьыбыт буоламмын соччо долгуйбатым эрээри сыл устата медиа эйгэҕэ бииргэ үлэлэспит оҕолорбун кытта көтөр миэхэ тугунан да кэмнэммэт тулахан үөрүү.
Дьокуускай аэропордугар мустан, сонуннарбытын үллэстэн, докумуоннарбытын сааһыланан, хомунан самолекка олорон дьэ 6 чаас уһуннаах айаҥҥа көттүбүт. Эппитим курдук, бу иннинэ самолетунан көппүт буоламмын, долгуйбатым. Төттөрүтүн бэлэмнэммит курдук сананан, алта чаастаах айаным бириэмэтин интэриэһинэйдик атаардым.
Үйэ чиэппэрэ кэм устата Москваны көрөн, билэн кэлбит саха норуотун поэта Иван Васильевич Мигалкин «Москва саха киһитин хараҕынан» кинигэтигэр маннык суруйбут:
Аан бастаан сылдьар киһиэхэ Москва наһаа сылаалаах, кэлбиккэ ыарахан, тоҥуй сыһыаннаах куорат. Омос көрүүгэ, килэйэн-халайан, түүҥнү уоттара ыраахтан угуйа сандааран, куорат да куорат.
Москваҕа кэлбиппитигэр биһигини кэтэһэн тураллара этэ. Түргэн баҕайытык көрсөн, билсэн автобуска олордон, «Измайлово Бета» гостиницабытыгар айаннаабыт. Бириэмэбит Сахабыт сириттэн алта чаас араастаһыылаах буолан, киһи бириэмэҕэ буккуллара сүрдээх эбит.
Бастакы күммүт сылаалаах, элбэх хамсаныылаах буолла. Юнкор оҕолор төһө да сылайдыбыт эрээри, сэргэхпит. Тоҕо диэтэххэ, бу Москва куорат, улуу куорат, Россия тэбэр сүрэҕэ! Барыта саҥа, сонун, сэргэх. Үөрүүнү кытта сарсыҥҥы күнү күүтэбит.
Вадим КОЛЕСОВ, Х кылаас,
А.П. Илларионов аатынан Хайахсыт орто оскуолата, Чурапчы