Көмүс күһүн — дьыл саамай кырасыабай, элбэх кырааскалаах кэмэ. Айылҕа киэркэйэн турар кэмигэр биһиги, кыргыттар, эмиэ киэргэниэхпитин, муодунайдык таҥныахпытын баҕарабыт. 2020 сыл күһүнүгэр хайдах, тугу таҥыннахпына, аныгы муодаҕа эппиэттиир буолабытый?
Күһүн муодунай өҥнөрө
Этэн аһарбыппыт курдук, күһүн элбэх өҥнөөх, ол иһин хара эрэ таҥас кэппэккэ, уобараскытын сырдык өҥнөрүнэн киэргэтиҥ.
Тэтэркэй өҥ (кыһыл, өһөх кыһыл, уот кыһыл)— күһүҥҥү муодаттан хаһан да тахсыбат. Ону тэҥэ:
- Араҕастыҥы сырдык өҥ;
- Хараҥа от күөҕэ;
- Сырдык халлаан күөҕэ;
- Дьэс кыһыл (боруонса);
- Маҥан;
- Чээлэй күөх (фиолетовай) уо.д.а
Күннээҕи таҥнар таҥаскар туох баар буолуохтааҕый?
Булууһа. Булууһаҕыт ойуута суох буолуохтаах. Эриэн өҥ, улахан ойуу эбэтэр килиэккэ билигин тоҕооһо суох. 2020-2021 үөрэх дьылыгар романтическай истиил муодата буолуо. Байбарылаах, курууһубалаах булууһалары үөрүүлээх тэрээһиннэргэ кэтиэххэ сөп.
Сылаас куопта. Күһүҥҥү тымныыларга сылаас куоптата суох киһи сатаммат. Манна чаҕылхай өҥнөөх, баайыы, киһи хамсанарыгар мэһэйдээбэт куопталары кэтэр табыгастаах.
Дьууппа. Ханнык баҕарар кыыска «харандаас” дьууппалаах буолуохтаах. Күннээҕи олоххо дьууппаны элбэхтэ кэтэр буоллаххына, тэлээркэй, А-быһыылаах уонна плиссе дьууппалары ылыҥ. Дьууппаны хайаан даҕаны түүппүлэни кытта кэтиэхтээх кэм ааспыта. Онон, бачыыҥканы, балетканы, кроссовканы кытта дьүөрэлээҥ.
Көстүүм. 2020 с. — килиэккэ көстүүм муодата. Көстүүм бүрүүкэтин булууһаны, куоптаны кытта, оттон жакетын дьууппаны, джинсы ыстааны кытта тус-туһунан кэтиэххэ сөп.
Бүрүүкэ. Күһүн сылаас эрдэҕинэ, «кюлоты” ыстаан кэтиэххитин сөп. Классика хаһан да сүппэт, ол иһин хара ыстаан ыскаапкытыгар хайаан да баар буолуохтаах. Боростуой джинсы кэтэргититтэн хал буолбут буоллаххытына, клеш ыстаан ылыныаххытын сөп.
Былааччыйа. Хараҥа өҥнөөх, бытархай ойуулаах, килиэккэ былааччыйа үөрэх кэмигэр тоҕоостоох. Биир өҥнөөх былаачыйа үрдүнэн джинса куурка эбэтэр жакет кэтиэххин сөп.
Сон. 2020 сыл күһүнүгэр киэҥ-куоҥ, үллэ сылдьар кууркалар, уһун классическай сон муодунайдар.