Быйыл Үөһээ Дьааҥы улууһугар улахан уу кэлэн иэдээни оҥордо. Бу алдьатыылаах мотуок уута Боронук нэһилиэгин эмиэ сотон ааста. Маннык иэдээннээх уу бүтэһигин 2004 сылга буолбут эбит. Ол мотуок бөһүөлэги барытын ылбыта. Быйыл эмиэ дьиэлэр бары ууга бардылар.
Төһө да күнүстэри-түүннэри быһыт оҥоро, үрдэтэ сатаабыттара да, онтон уу олох мэһэйдэппэтэ. Боронук олохтоохторо аҥара бөһүөлэктэн 2 км турар үрдүк Саһыл диэн сиргэ барбыттара, сорохтор дьиэлэригэр хаалбыттара.
МЧС-тар уонна быыһыыр сулууспалар кэлэн, кырдьаҕас дьон куттала суох сиргэ баралларыгар көмөлөспүттэрэ. Бөртөлүөтүнэн кэлэн, оҕолору Дьокуускайга лааҕырга илдьибиттэрэ. Сүөһүнү эмиэ Саһылга үүрбүттэрэ. Туох баар тиэхиньикэни барытын үрдүк сиргэ туруорбуттара. Ил Дархан Айсен Николаев кэлэн нэһилиэнньэни кытта көрсүбүтэ. Дьиэлэрин-уоттарын ууга былдьаппыт дьон кыһалҕарын кэпсээбиттэрэ, ону барытын истэн-сүбэлэһэн, быһааран биэрбиттэрэ.
Боронук дьоно ыарахан кэмҥэ бары тэҥҥэ үлэлээбиттэрэ, кыһалҕаны быһаарбыттара. Ол курдук, биир аймах курдук түмсүүлээхтэрин көрдөрбүттэрэ. Бэйэ-бэйэлэригэр көмөлөспүттэрэ. Саһыл ыаллара дьиэлэригэр дьону түһэрэн, хоннорон көмөлөстүлэр. Дьокуускайга баар биир дойдулаахтарбыт түргэнник хомулла охсон, көмөнү оҥордулар. Бу ыксаллаах быһыыга дьиэ кыылллара эмиэ ууга былдьаныахтарын сөп. Холобур, ыт мотуоктан куотан иһэн, күрүөҕэ хаайтаран иҥнэн хаалбытын Святослав Егорович тыынан устан иһэн, көрөн быыһаабыта.
Ити элбэхтэн аҕыйах түгэн. Билигин уу түстэ, аны атын хартыына арылынна. Уу иннинэ чээл күөх айылҕалаах бөһүөлэкпит бүтүннүү бадараан, мас, сыыс буолан турар. Дьон дьиэлэрин куурдар түбүгэр түстүлэр. Аны ходуһаны барытын уу ылан, от кыһалҕата турар. Онон санааны түһэрбэкка, күүскэ ылсан, кыстыкка бэлэмнэнии кытаанах үлэтэ күүтэр.
Оксана Аммосова, IX кылаас.
Боронук, Үөһээ Дьааҥы.