Оскуолабытыгар оҕо хамсааһынын лидердэрэ араас тэрээһини ыытан, оҕолор бары кытталлар, сэргэхсийэллэр. Соторутааҕыта аан дойдутааҕы Кыыс оҕо күнүгэр аналлаах тэрээһин көхтөөхтүк ааста. Кэрэчээннэр күрэхтэригэр V,VI,VII кылаастан түөрт кыыс кытынна.
Кинилэргэ көмөлөһөөччү сүбэһитинэн үрдүкү кылаас кыргыттара буоллулар: бастакы хамаанда- кыттааччы Аиза Тарабукина, кини косметолога Сахая Стручкова, парикмахера Ливия Другина, иккис хамаанда — кыттааччы Саша Другина, Лена Заборовская, Айыына Васильева, үһүс хамаанда — кыттааччы Күннэй Андреева, Шурочка Шестакова, Ариана Другина, төрдүс кыттааччы Оксана Лаврентьева, Маша Мордовская, Оксана Аммосова. Дьоро киэһэни Айысхаан Другин иилээн-саҕалаан ыытта.
Кэрэчээн кыргыттар кэрэ сэбэрэлэрин, тупсарыллыбыт бүрүчүөскэлэрин көрдөрдүлэр, талааннарын арыйдылар.
Оҕолор бэйэлэрэ маннык тэрээһини толкуйдаан ыыппыттара олус үчүгэй.
Кыыс оҕо кыра сааһыттан бэйэтин көрүнэ, харыстана сылдьыахтаах.
Оксана АММОСОВА, IX кылаас.
Боронук, Дьааҥы.