Алтынньы 26 күнүгэр Боронук олохтоох дьаһалтата (баһылык Сыромятников В.И.) уонна «Тойон сүбэ» аҕалар түмсүүлэрэ (сал. төрөппүт Другин Г.В.) муус хостуурга улахан субуотунньугу тэрийдилэр. Бу үлэҕэ аҕалар, эһэлэр, эдэр ыччат, оскуола 8-11 кылааһын уолаттара көхтөөхтүк кытыннылар.
Нэһилиэкпит күүстээх эр дьоно, уолаттара соҕотох олорор кырдьаҕастарга, бэтэрээннэргэ, бэйэлэрэ сатаан муус ылар кыаҕа суох ыалларга бу муустарын тиэйэн биэрэллэр.
Бу курдук, Боронук аҕалара эдэр көлүөнэни бэйэлэрин кытта илдьэ сылдьан, бииргэ үлэлэтэллэрэ үтүө холобур буолар. Биир санаанан салайтаран дьоммут-сэргэбит туһугар үлэлиир дьоммутугар махтанабыт
Гаврил ДРУГИН, «Тойон сүбэ» аҕалар түмсүүлэрин салайааччыта
Боронук, Дьааҥы.