Кыһыҥҥы уһун хараҥа күннэр ааһаннар, ыстаада оҕолоругар күүтүүлээх, сайыҥҥы сынньалаҥ саҕаланна. Оҕолор ахтылҕаннаах ыстаадаларыгар кэлэн, айылҕалыын алтыһан, дьону-сэргэни көрсөн, үөрүү-көтүү бөҕөлөр. Туундара маанылаах табата барахсан тамайа сүүрэрин уһун кэмҥэ көрбөтөх оҕолор санаалыын сырдаан, көтөҕүллэн сылдьаллара санааҕа да астык. Оҕолор барахсаттар утаппыттыы уучах үрдүгэр түһээт, ыстана ойуталлара көрөргө олус үчүгэй. Быйыл ыстаадаҕа настаабынньыгынан уопуттаах табаһыт, зоотехник, Семен Петрович Попов тахсыспыта.
Бу Бороҕон агро-оскуолатын үөрэнээччилэрэ Алеся Кривошеева, Айна Тимофеева, Кирилл Романов уонна Сайаана Осипова быйылгы үөрэх дьылын бары “4” уонна “5” сыанаҕа ситиһиилээхтик түмүктээн, санаалара көтөҕүллэ сылдьар. Дьэ, аны сайыҥҥы түбүк саҕаланна…
Сарсыарда 7 чааска уһуктаат, туран аһаан-сиэн баран, 9 чааска таба кэлэригэр бэлэмнэнии буолар. 9 чаастан 11 чааска диэри – таба хаайыыта, 12 чаастан 13 чааска диэри – күнүскү аһылык. Ол кэннэ оҕолор табаҕа бараллар. Дьиэ үлэһитэ, куухуна дьуһуурунайа балааккаҕа хаалан, чуумсукка көмөлөһөллөр. Иллэҥ кэмҥэ түү үргээн, кырпалаан, ыҥыыр таҥаһын тигии буолар. Ыстаада киһитэ бары уучахтаах. Хас уучах ахсын ыҥыыр наада. Ол иһин бу – саамай сүрүн үлэ. Кыралыын, улаханныын бары анал үлэлээх буоллахтарына, сатанар. Кыралар Миша Дьячковскай быйыл оскуолаҕа киирээри оҥостор. Андрей Дьячковскай – 5 саастаах, биэбэйик иитиллээччитэ. Кинилэр эмиэ туспа үлэлээх дьон. Анал иһиккэ үрэхтэн уу баһаллар, оттор мас бэлэмнииллэр, онтон таба хаайыыта кинилэрэ суох табыллыбат курдук. Арай кыра Анеля Дьячковская улахан түбүгэ суох, сорукка эрэ сылдьар киһи. Кини түөрдэ. Киэһэ 9 чааска таба кэлэр. Оҕолор бары табаны сытыарыы түбүгэр түһүнэллэр. Ити кэмҥэ киэһээҥи чэй иһиитэ, суунуу-тарааныы, сарсыҥҥы күҥҥэ бэлэмнэнии, ол кэннэ утуйуу. Бүгүн тугуту ааҕыыга улаханныын, оҕолуун бары тахсан үлэлээтибит. Дьэ бу курдук, ыстаада оҕолорун биир күннээҕи түбүктэрэ бүттэ.
Мирена Яколвлевна Дьячковская,
Бороҕон орто оскуолатын педагог-бибилэтиэкэрэ,
сайыҥҥы кэмҥэ ыстаадаҕа иитээччи, чуум үлэһитэ.
Булун