Бу Саха сирин норуоттарын VIII спортивнай оонньууларын кэмигэр улуус биир улахан Мүрү 1-кы нүөмэрдээх орто оскуолата 14 улуустан кэлбит 516 спортсмены уонна тренери түһэрдэ. Оскуола салалтата уонна учууталлар (дир. И.Г. Сивцев) ыалдьыттарын аантан саҕалаан үөрэ-көтө көрүстүлэр, кылаастарынан араартаан 3 этээһи толору олохтоотулар.
Бу кэмнэргэ оскуолаҕа эппиэтинэстээх менеджер К.С. Петров:
-Бу улахан уонна эппиэтинэстээх үлэҕэ, дьону түһэриигэ оскуола бүттүүн учууталыттан техүлэһиккэ тиийэ үлэлии сылдьар. Спортсменнарга анаан душ, суунар сир оҥоһуллубута. Онон спортсменнар киэҥ-куоҥ душка суунан бу куйаас күннэргэ абыраннылар. Этээс аайы дьуһуурунайдар тураллар. Күҥҥэ аҥаардас остолобуой үлэтигэр 14 киьи сарсыарда 7:00 чаастан саҕалаан, киэһэ 11:00 чааска диэри тохтоло суох үлэлиир-хамсыыр. Кэлбит спортсменнар үлэбитин үчүгэйдик сыаналаан, күүс биэрэллэр.
Анаабыр улууһуттан сылдьар Анита Тютрина:
-Уус Алдан олус үчүгэй сир эбит, урут сылдьыбатах улууһум. Айылҕатын наһаа сөбүлээтим. Дьоно-сэргэтэ аламаҕайа, элбэх тутуу бара турара астыннарар. Стадион наһаа үчүгэй эбит. Араас өҥөнү оҥоруулара барыта астык. Олорор сирбин туох да диэбэппин, барыта баар. Мин буулдьанан ытыынан дьарыктанабын уонна ол көрүҥҥэ күрэхтэһэ кэллим.
Спортсменнары тото-хана аһатар дьон повардар буолаллар. Бу үлэни ОО «Киви» диэн тэрилтэ тэрийэр (дир. Е.А. Окорокова). Бу тэрилтэ Дьокуускайга тэриллибитэ номнуо 5 сыл буолбут. Бу оонньууларга 30 киһини аҕалан, 10-ча объекка үлэлэтэ сылдьар. Саамай элбэх киһилээх объектарынан Мүрү 1-кы уонна 2-с нүөмэрдээх орто оскуолалара, «Уолан» гимназия, «Мүрүчээнэ» оҕо уһуйаанын тэрилтэлэрэ буолаллар.
Мүрү 1-кы нүөмэрдээх орто оскуолатыгар 3 эр киһи, 2 дьахтар повардар, 1 сэбиэдиссэй үлэлии сылдьаллар. Кинилэргэ оскуола повардара, учууталлар, техүлэһиттэр көмөлөһөллөр. Бу тэрилтэ Аммаҕа VII-с оонньууларга, Горнайга Манчаары оонньууларыгар, Өлүөхүмэҕэ, Намҥа «Олоҥхо ыһыахтарыгар» дьону-сэргэни аһаппыт уопуттаах эбит. Дьэ маннык улуус бары тэрилтэлэрэ спортсменнары аһатан, түһэрэн, бу оонньууларга ситиһиилээх, кыайыылаах баралларыгар төһүү күүс буолаллар.
Улуус администрациятын прессатын эдэр кэрэспэдьиэннэрэ.