Мин бу күннэргэ «Сосновый бор» оҕо сынньалаҥ киинигэр «Саас» форум сменатыгар кытта сылдьабын. Бэйэм тексты сатаан суруйар буоламмын, бу дьоҕурбун өссө сайыннарабын.
Биһигини «Кэскил» медиа оскуола куратордара интервью туһунан үөрэтэ сылдьаллар. Бу суруйар үлэҕэ олус наадалаах уонна суолталаах жанр буоларын өйдөөтүм. Борис Павлов «Сулус түспүт сирэ» диэн кинигэтин ааҕан, интервьюга сөптөөх боппуруостары хайдах биэрэргэ, ону суруйарга үөрэнэ сылдьабын. Борис Павлов бу кинигэтигэр талааннаах дьон үлэлэринэн саха норуотун историятын сырдаппыт. Бэйэтин көрүүлэрин киллэрэн биэрбит. Бэйэм «Эһиги тускутугар бараммын аньыыны-хараны ыраастанан кэлиэм» диэн интервьюну сөбүлээн аахтым. Интервью ыларга суруналыыс үчүгэй боппуруостары биэрдэҕинэ кэпсэтэр киһитин ис санаатын, толкуйун киэҥник арыйар эбит.
Сменабытыгар интервью туһунан үөрэтэн баран, ону дьиҥнээх пресс-конференцияларга кыттан, бэйэбитин боруобалаан көрдүбүт. Медиа оскуола куратордара биһиэхэ анаан спорт тематыгар Саха сирин биллэр дьонннорун кытта көрсүһүүлэри тэрийдилэр.
Ити курдук «Саас» форум сменатыгар эдэр корреспонденнар интервьюну сатаан ыларга, суруйарга үөрэнэбит.
Харысхан АНДРЕЕВ, VIII кылаас, Тааһаҕар, Бүлүү