Мин ийэм
Сир үрдүгэр ийэттэн ордук ким да суох…Ийэ Ийэ барахсан! Мин ийэм наһаа кыраһыабай, өйдөөх, үтүө санаалаах. Асчыт бэрдэ, үлэһит үтүөтэ. Кини мин үтүө сүбэһитим, доҕорум…мин кинитэ суох сатаан олорбоппун. Ийэм барытын сүбэлээн — амалаан биэрэр. Инники олохпор тугу билиэхтээхпин үөрэтэр – такайар. Мин ийэбинэн киэн туттабын уонна олус таптыыбын.
Омукова Диана, 6 кылаас
Ийэбин таптыыбын!
Таптал баар буолан туох баар тыынар – тыыннаах дьоллоох…Мин ийэм аата Прокопьева Елена Семеновна, ийэбин наьһаа таптыыбын! Киниттэн ураты кимиэхэ даҕаны итэҕэйбэппин. Кырабыттан ийэбэр көмөлөһөбүн: мас хайытабын, иһит сууйабын, ас астыыбын, оһох оттобун.
Мин таптыыыбн – мин дьоллоохпун?
Прокопьев Дьулус, 6 кылаас
Мин ийэм
Ийэ киһи – сырдык аанньал, тыыннаах таҥара буолар. Хас биирдии кыыс ийэ буолар аналлаах.
Мин ийэм аата Петрова Любовь Геннадиевна диэн. Кини тохсунньу томороон тымныытыгар күн сирин көрбүтэ. Ийэм күүстээх санаалаах, көрсүө-сэмэй майгылаах. Үс оҕо күн күбэй ийэтэ. Биһиги туспутугар кыһаллар, таптыыр киһибит – ийэбит. Ийэлэр күннэринэн эҕэрдэлиибин, дьолу-соргуну баҕарабыт.
Петрова Кристина, 9 кылаас
Мин ийэм барахсан!
Күн күбэй ийэбин Ийэлэр күннэринэн итиитик-итсиҥник эҕрдэлиибин! Баҕарыам этэ уһун дьоллоох олоҕу. Хаһан да ыалдьыма, үөрэ-көтө сырыт!
Мин ийэм аата – Мухаметова Алла Егоровна. Кини “Успех” маҕаһыыҥҥа үлэлиир. Нарын–намчы саҥалаах, мип-минньигэс астаах хаһаайка. Мин кинини убаастыыбын, сыаналыыбын оҕолорун туһугар олус кыһаллар, сүүрэр – көтөр. Киниэхэ мин көмөлөһөбүн. Кини миэхэ дьүөгэ курдук. Оҕолоор, ийэҕитин харыстыы сылдьыҥ, таптыы сылдьыҥ. Хаһан да хомотумаҥ үөрдэ – көтүтэ сылдьыҥ.
Ийэбин олус таптыыбын!
Сидорова Альбина, 8 кылаас
Ийэм
«Ийэ»… Бу тылга сатаан ааҕыллыбат таптал уонна олох кээмэйдэммэт оҕо үөрүүтэ баар… Оҕоҕо саамай күндүтэ кини ийэтэ буолар.
“Саамай амарах сурэхтээх киһи кимий?” – диэн ыйыттахтарына – Ийэ диэҕэ…Ийэ барахсан оҕотугар таптала муҥура суох, эрэлэ улахан. Оннооҕор кус оҕолорун көмүскээри эһэни үүрэрин курдук, ийэ оҕотун харыстыыр. Кини дьиҥнээх ийэ.
Мин ийэбин олус таптыыбын.
Яковлев Сергей, 9 кылаас
Саамай чугас киһим
Биһиэхэ саамай чугас киһибит ийэбит буолар. Мин ийэбин таптыыбын, олус харыстыыбын. Кини үлэлиир сирэ – оскуола. Оҕолору үҥкүү кэрэ алыбар уһуйар. Кини олус кыраһыабай, тулуурдаах, дьулуурдаах. Ып-ыраас санаалаах, сып-сылаас илиилээх. Ийэбин таптыыбын, хаһан да хомотуом суоҕа!
Еремеев Данил, 7 кылаас
Мин ийэм
Биһиги дьиэ кэргэммитигэр үспүт: ийэм, убайым, мин. Дьоллоохпут, иллээхпит. Ийэбит биһигини харыстыыр, бүөбэйдиир. Ийэм биһигини 2008 сыллаахха иитэ ылбыта. Мин кинини өр кэтэспитим…олус да дьоллоохпун. Санаабар тулам барыта сырдаабыта. Ийэбит икки оҕолоох буолбута, олус үөрбүтэ. Хас биирдии күн ас астыыр: алаадьы, бэрэски уо.д.а.
Ийэбин таптыыбын, убаастыыбын. Кинитэ суох мин эмиэ суохпун. Ийэм барахсаны таптыыбын.
Кириллина Арина, 6 кылаас
Ийэм саамай күндү киһим
Ийэм олохпор саамай күндү уонна таптыыр киһим… Мин санаабар, ийэтэ суох мин сатаан олоруом суоҕа этэ.
Ийэм барахсан… Кини элбэх оҕолоох, олус тулуурдаах, үлэһит. 6 оҕотун көрөн-харайан бүөбэйдиир. Киниэхэ кыаҕым баарынан көмөлөһө сатыыбын. Улаатан баран биирдэ өйдөөтүм, ийэм миэхэ саамай чугас, саамай эрэллээх доҕори буоларын… Ардыгар хомотон кэбиһэн кэмсинээччибин. Кини хараҕын уутун көрдөхпүнэ бэйэм эмиэ ытыах курдук буолабын.
Киниэхэ ыарахан буоллаҕына – миэхэ эмиэ ыарахан. Ол эрээри кини күүстээх санаалаах буолан, хараҕын уутун хаһан да көрдөрбөт, сылайбытын биллэрбэт. Ийэм туох баар үтүөҕэ үөрэппитин наар саныыбын уонна кууһан баран, хомотуом суоҕа диэн эрэннэрэбин.
Иванова Лияна, 8 кылаас
Мин ийэм
Ийээ – оҕо бастакы тыла, доҕоро уонна таптыыр киһитэ. Мин ийэм туһунан кылгастык кэпсиэхпин баҕарабын.
Ийэм аата – Сусанна Николаевна диэн. Кини Бордоҥ олохтооҕо, учуутал, мин үһүс оҕобун. Убайдаахпын, эдиийдээхпин. Ийэм биһигини элбэххэ үөрэтэн, олоххо бэлэмниир: дьону убаастыырга, үчүгэйи оҥорорго, көмөҕө кэлэргэ. Кинини кытта ас астыыбын, от оттуубун, үлэлиибин. Дьоҕурдаах үлэһит, дьоҥҥо үтүө санаалаах улааппыппар ийэбэр махтанабын! Кини эйэҕэс майгыта, ыраас санаата дууһабын үөрдэр.
Оҕолоор, ийэҕитин харыстааҥ, хомотумаҥ, үлэһит, чиэһинэй, сиэрдээх буола улаатыҥ!
Павлов Василий, 9 кылаас
Ийэбин таптыыбын
Ийэ диэн тылы иһиттэхпинэ санаабар тулам барыта сырдыыр… Мин күн күбэй ийэбин олус таптыыбын. Кини эрэ баар буолан мин бу орто дойдуга баарбын. Хайдах да, туох да түгэн буоллун, аттыбар кини эрэ… наар өйдүүр, өйүүр киһим. Төһөлөөх элбэх киһини көрсөбүтүй, алтыһабытый?! Ол эрээри саамай истиҥ киһибит биһиги ийэбит буолар.
Ийэм аата Лена диэн. Кини аата, бэйэтин даҕаны миэхэ Улуу өрүһү санатар. Ол курдук кини күүстээх санаалаах, ыарахан кэммэр көмөлөһөр, кыһаллар.
Мин кинимнэн киэн туттабын уонна таптыыбын!
Гуринов Мирослав, 8 кылаас
Ийэм
Ийэм миэхэ олус күндү, чугас киһим буолар. Ыраах тэлэһийэ бардахпына ийэм наар күүтэр, ахтар. Мин эмиэ ийэбин олус суохтуубун. Ийэбит барахсан биһигини хаамарга, ааҕарга, суоттурга үөрэппитэ. Кини аата Элеонора… кини баар буолан дьоллоохпун. Мин ийэбин олус-олус таптыыбын!
Евсеева Анэля, 7 кылаас
Күн күбэй ийэм барахсан
Мин ийэбин олус күүскэ таптыыбын. Кини ыраас, кэрэ, нарын майгылаах, асчыт дьоҕурдаах уонна наһаа үчүгэй хаһаайка. Кини баар буолан биһиги дьиэбит куруутун ыраас, сылаас, хаһан да киртийбэт. Оскуолабыттан дьиэбэр тиийэрбэр, дьиэ таһа астык сытынан туолбут буолар.
Төһө даҕаны арыт миигин өйдөөбөтөр, мин ийэбин син биир таптыыбын, олус убаастыыбын. Хаһан да ыалдьыма, хомойума, сарсыардааҥы саҥа тахсыбыт ньургуһун курдук үөрэ-көтө сырыт. Мин эрэнэбин биирдэ бэриллэр олоҕу хас биирдии сөкүүндэни харыстыахха… Мин ийэбин таптыыбын.
Докторова Анна, 8 кылаас
Ийэм
Ийэлээх буоламмын, күн сирин көрбүтүм, бу орто дойдуну, күөх далай халлааны!
Мин ийэм күн курдук сып-сырдык санаалаах, эйэҕэс мичээрдээх, эдэркээн бэйэлээх. Ийэбин таптыыбын да таптыыбын, күҥҥэ тэҥниибин. Кини олус күндү!
Ийэни харыстыаҕыҥ, киниэхэ көмөлөһүөҕүҥ!
Данилов Павел, 8 кылаас
Ийэбин олус күүскэ таптыыбын!
Ийэ диэн сир үрдүгэр саамай кэрэ киһи буолар. Кини баар буолан биһиги бары баарбыт.
Ийэм аата Мария Михайловна диэн. Кини оскуолаҕа алын кылаас учууталынан үлэлиир. Оҕолору кэрэҕэ-үтүөҕэ угуйар. Ийэм айылҕаҕа сылдьарын, сир астыырын наһаа сөбүлүүр. Кинилиин иккиэн дьэдьэнниибит, сир астыыбыт. Иллэҥ кэмигэр дьиэҕэ үлэбин ааҕарбар, билбэт сорудахпын эппиэттииргэ көмөлөһөр.
Мин ийэбин олус күүскэ таптыыбын!
Алексеев Григорий ,9 кылаас
Мин ийэм
Мин ийэм – саамай чугас до5орум. Кини миэхэ барытыгар көмөлөһөр. Сарсыарда эрдээ үлэтигэр балыыһаҕа барар, хойут кэлэр. Сылайан кэллэҕинэ мин наар көмөлөһөөччүбүн.
Биһиги ийэбитин күүскэ да күүскэ таптыыбыт. Дьиэ кэргэммитигэр алта оҕобут. Онон ийэм дьоллоох.
Васильев Афоня, 6 кылаас
Мин ийэбин күүскэ-күүскэ таптыыбын
Ийэ диэн бу сиргээйигин таптыыр, үчүгэйгэ үөрэтэр, куһаҕан суолтан туоруурга такайар күндү киһи… мин наһаа үчүгэй ийэлээхпин.
Кини аата – Екатернина Николаевна диэн, кулуупка үлэлиир. Ийэм аттыбар баарыгар дууһам чэпчиир, санаам үөрэр. Суох кэмигэр соҕотохсуйабын. Онтон кэллэҕинэ – үөрэбин! Ийэм ыарыйдахпына, сүүспүттэн сыллаатаҕына үтүөрэн хаалабын.
Мин ийэбин күүскэ-күүскэ таптыыбын.
Семенов Саша, 7 кылаас