Бу дьикти сылга биһиги тапталлаах дойдубутугар Болугурга үөрэх (сырдык, билии) тэриллибитэ лоп курдук 115 сыла буолар.
Аан бастаан Ааллаах диэн сиргэ баар таӊара дьиэтигэр оскуола аһыллан үлэтин саҕалаабыт. Онно уонча эрэ оҕо үөрэх сырдыгыттан бэриһиннэрбитэ диэн архыып докумуонугар сурулла сылдьар.
Биһиги оскуолабыт бу сүдү үбүлүөйүгэр бэлэмнэнэ, түбүгүрэ, сүүрэ-көтө сылдьабыт. Бу үөрүүбүтүн улууспут дьоно биллин диэн бу суруйабын.
Бу ааспыт 115 сыл иһигэр Болугурга элбэх оҕо билии аартыгар үктэнэн, үөрэхтээх, үлэһит үтүөтэ дьон буолан таҕыстылар. Кинилэр истэригэр тимир көлөнү баһылаабыт, үрүӊ илгэни үлүскэнник сүүрүгүрдүбүт, булчут, учуутал, быраас, ырыаһыт-тойуксут, спортсмен, учуонай, суруйааччы, бэйиэт, онтон да атын идэлээх үтүөкэн үлэһит дьон бааллар.
Бүгүн биһиги дойдубутун Поэзия киэӊ толоонугар олохтообут, манна төрөөбөтөх эрэ, ол гынан баран, иккис дойдутунан ааҕан дьоллоохтук олорон, үлэлээн, айан ааспыт суруйааччыбыт Баһылай Куолдьарап – Ороһу Уола күн сиригэр төрөөбүтэ быйыл 2022 сылга 90 сылын туолар сылыгар манна олорон айбыт хоһоонноруттан аҕыйаҕы ыытыам.
Кыраһыабайынан сураҕырбыт
Кыыс Амма биир дьикти сирэ,
Бурдук муңутуурдук үүнэр,
Үрүң илгэ үрүйэлии сүүрүгүрэр,
Үлэҕэ үлүһүйбүт дьоннордоох,
Үгүс бултаах-алтаах, быйаңнаах,
Үтүөкэн сирим Болугур,
Үйэлэргэ туругур!
Субу маннык истиӊ тыллары хайдах даҕаны үтүө сүрэхтээх, аһыныгас майгылаах, олоҕу таптыыр эрэ киһи суруйуон сөп.
Баһылай Сөдүөтэбис Куолдьарап бу дойдуга Дьокуускай куораттан хаһыат аатыттан эдэр кэрэспэдьиэн уол кэлбит. Ол кэлэн эдэркээн агроном кыыһы кытта билсэн, үлэтин суруйан барбыт. Ол кэнниттэн кини олоҕор улахан уларыйыы барбыт.
Амма курдук кэрэ кыыһы
Арай бастаан онно көөртүм…
«Аналлааҕым буолууй…»-диэри
Айанныырым араастык…
Дьэ, ити курдук 3 оҕо күн сиригэр кэлэр, чулуу бэйиэт үөскүүр олуга ууруллубут. Манна оскуолаҕа саха тылын, литэрэтиирэтин үөрэтэр учуутал ол кэмнэргэ киргиз омук суруйааччыта Чингиз Айтматов «Верблюжий глаз» диэн кэпсээнин «Тэбиэн хараҕа» диэн сахалыы тылбаастыыр кэмэ эбит. Үөрэнээччилэригэр ааҕан иһитиннэрэрин кэпсииллэр. Чингиз Айтматов кэпсээннэрэ ааҕааччы сүрэҕэр умнуллубат суолу хаалларар күүстээхтэрин оҕо аймахха тиэртэҕэ.
Үлэһит, ыал буола охсубут
Үөрэппит ыччаттарым:
«Үтүө дьон!»-дэтэргитин
Үөрэ истиэм,
Өрүү күүтүөм…
Оскуоланы түмүктүүр, улахан аартыкка турунар ыччат дьон уостан түһэрбэт, гимн кэриэтэ ыллыыр ырыата эмиэ бу сылларга айылыннаҕа.
Күлэн-оонньоон, айдаарсан,
Сэмэлэһэн, хайҕаһан,
Күүстээх дьаныар үөрэхтиин
Күрэхтэспит күннэрбит-
Умнуллубат онус кылаас.
Оччолорго түгэх паартаҕа олорор үөрэнээччи, килбик кыыс Саргы Гольдерова аҕатын туйаҕын хатан, алыптаах тыллаах айааччы буолуо диэн ким сэрэйбитэ баарай?
Баһылай Куолдьарап бу күн сиригэр көрсүбүт анала агроном Фаина Ушницкая үүнээйитин, бурдугун туһугар сүрэхтиин-быардыын ыалдьан, түүннэри-сарсыардалары бааһынаттан арахпата үһү диэн билигин да кэпсииллэр.
Үтүө да дьыл этэ. Бурдугуң
Үүммүтэ иһирик ойуурдуу,
Соһуччу түспүтэ халың хаар-
Соппута ол хаарыан быйаңы…
Баһылай Куолдьарап булт диэн баран муннукка ытаабыт киһи эбитэ үһү. Сааскы чэлгиэн салгыннаах сарсыарда бултуом этэ диэн ардаҕы-самыыры аахсыбакка сылдьарын туһунан хоһоонуттан билэбит.
Хаардаах хаһыӊ да буоллун,
Хаардаан намылыта да турдун,
Хайдахтаах да ардах куттун –
Хаайыа суох этэ миигин.
Кыталыктаах ууларыгар дуу,
Кѳлбѳм күѳллэригэр дуу,
Эбэрдэм эбэлэригэр дуу –
Түѳрт атах буолан,
Быарбынан сыыллан,
Ууну-хаары кэрэйбэккэ,
Киириэм этэ куска биллибэккэ.
Билиӊӊи курдук уолаттары кусчут-булчут, балыксыт буолартан хаайар-бобор сокуон суоҕуна дьиӊ эр киһини иитэр саха киһи судургу үөрэҕэ баара.
Кини биһиги дойдубутугар саха суруйааччыларын ыалдьыттаппыт, дьэдьэнин амсаппыт эбит. Ол кэлэ сылдьан ол үтүөкэннээх дьон хаарыаннаахай айымньыларын айан таһаардахтара диэн сэмээр үөрэбит.
Бу дьиэҕэ ыалдьыттаабыта
Кэрэҕэ уһуйбут,
Киэң суолга киллэрбит,
Айар ыччат
Амарах аҕата,
Күндү ырыаһыт
Күннүк Уурастыырап.
Алҕаһыыр күммэр
Антах хайыспатах,
Быстар-ойдор да күңңэ
Быыһал-абырал буолбут
Чулуу учууталым
Сэмэн Дайыылап
«Киһи барахсан» диэн,
Кэлэн барара.
Бэйиэсийэни биһирэппит
Биир дойдулаахпын:
«Кэл, олор, кэпсэтиэх»,-диэбиппэр
Сэмэн Уруукабым
«Кынаттаах табаларынан»
Көтөн күпсүппүтэ…
Онно буолбута
Уубут кэлбэт
Улахан үөрүүтэ.
Тапталын ырыатын
Тардарын саҕаттан
Тапсыбыт
«Киирбэт күннээх дойду» уола
Майыһыай
Манна
«Тумаратын туруйаларын» ыллаппыта,
«Сибэккилэрин ыһыаҕынан»
Сэргэхсиппитэ.
Бэриниилээх «Сүрэхтээх»,
«Кынаттаах олохтоох»,
Бэйэм курдук эрэнэр ыччатым,
Ытык доҕорум,
Ыстапааным,
Түүнү быһа
Табахтыы-табахтыы, чэй иһэ-иһэ,
«Сирдээҕи сулустарын»
Манна ситэрэрэ.
«Ыраах тыанан»,
«Халың хаарынан хаампыт»,
«Отуу уотугар» сыраллыбыт
Попуоптуун
«Истиң сүрэхтэн» сэһэргэспиппит.
Инникитин даҕаны-
«Күүтэбин көрсүһэр күннэри».
«Уратылаах оҕо саастаах»,
УҺулуччу талааннаах артыыс,
«Үрүң Уолан» Хабырыыс
Үгүс бухатыыры солбуйан,
Олорор дьиэм оҕотун
Олоңхо дойдутугар кубулутара.
Ситэри-хотору этэр буоллар.
Син билигин да элбэх эбиттэр
Мин дьиэбин
Сэргэхсипптттэр,
Киэргэппиттэр:
Дьааңы тылын
Дьаныһан туран үөрэппит Бүөтүрүм,
«Сардааналаах» Уйбаан Бөдөһүөйэбим,
«Улахан доҕорум» Ылдьаа,
«Этиллибэтэх тапталлаах» Эрчимэн,
Сэрииһит Сэмэн Никииппэрэп,
Сээркээн Сэһэн Ноорой оҕонньор…
Бу эттэҕэ эриэккэһин, айымньы аатынан айдаҕа сиэдэрэйин!
Биһиги оскуолабытыгар кинини ыӊыран кэпсэттэхпитинэ, ханна да буоллун, оннооҕор тапталлаах Чопчуохайыгар дьэдьэннии да сылдьан көрсүбүт дьонугар куруутун хоһоон кэһиилээх буолар этэ. Киэӊ-холку көҕүстээх, намылыйа кэпсиир, ааҕар ураты сылаас, номоҕон буолар этэ.
Арай отчут буолларбын,
Амыдайым, ааттаах доҕорум,
Аа-дьуо да сырыттар
Араас үлэҕэ сыстыгас
Өлөксөндөрүөп Баһылайбыныы
Өрүү бастыы сылдьыам этэ.
Хол дойдуттан
Холооннооҕун булбатах
Хоннохтоох отчут аатыран,
Иннибин кимиэхэ да биэрбэккэ,
Икки атахтаахха сөхтөрүөм этэ.
Күрүлүүр күүстээх тыраахтары
Көлөлөммүт буолларбын дуу!
Көрдөөх-нардаах,
Күүстээх-уохтаах
Доҕорум Бөтүрүөп Бүөтүр курдук,
Дьон киһитэ буолуом этэ,
Бааһына бөҕөтүн сүргэйиэм этэ,
Уонча оҕолонуом этэ.
Уонна кинилэри,
Үйэ эрэйэрин курдук,
Үчүгэй дьон гына иитэргэ
Үлүһүйэн туран үлэлиэм этэ.
Суһал сырыылаах
Суоппар буолуум-
Маннык буолуо этэ дьулуһуум:
Бэркэ табыллан бултуур-алтыыр
Бииктэр Кириилиним курдук,
Ардахтан-хаартан хаайтарбака,
Адьаһын кэриэтэ алдьаммакка,
Сылааны-элээни аахсыбакка,
Сырыыны-айаны уйаммын,
Сырылатыам этэ күнүс-түүн.
Араас дьон кыһалҕаларын толуйан
Абыраллаах киһи
Аатырыам этэ,
Айхал-уруй ортотугар сылдьыам этэ.
Оҕо сааһым ырата
Отой уларыйбатах буоллун-
Олохпун моңуум учуутал дэтэн.
Оччоҕо туран,
Бүлүүгэ бэркэ кэрэхсэнэр,
Бүтүн өрөспүүбүлүкэҕэ биллэр,
Мэлдьи миэхэ убай кэриэтэ,
Мэхээлэ Уйбаныап курдук,
Олохпуттан оччугуйу да
Ордоруммакка
Оҕолорго аныам этэ:
Ытык-мааны учуутал аатыран,
Ыччат-билэ дьон
Ытыктабылынан эрэ туһанан,
Ырайга ыырдаммыттыы сылдьыам этэ.
Биһиги киниэхэ махталбыт бэлиэтин 2007 сылтан бэттэх 2 сылга биирдэ улуус оҕолорун мунньан, «Гольдеровтар көмүс күһүннэрэ» диэн айар көрсүһүү тэрийээччибит. Бу сыллар тухары оҕолор кини, Саргы Куо уонна мин таайым Көлбө Мэхээлэ – Михаил Дьячковскай айымньыларын аахтылар, айдылар, күрэхтэстилэр. Ороһу Уолун хоһооннорун аахпыт, үөрэппит оҕолор улаатан, улахан дьон буолан эрэллэриттэн санаабыт көтөҕүллэр. Кинилэр хайаан даҕаны «үтүө дьон дэтиэхтэрэ» диэн эрэнэбит.
Сэрии кэмин оҕото, кэрэспэдьиэн уол, саха тылын учуутала, «Тэбиэн хараҕын» тылбаасчыта, «Умнуллубат онус кылаас» гимн ааптара, Саргы Куо аҕата, улууспут, дойдубут киэн туттар суруйааччыларын Миитэрэй Наумовы, Баһылай Харысхалы, Көлбө Мэхээлэни, Сэмэн Капитоновы, Саргы Куону иитэн таһаарбыт уһуйааччы, Россия суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ Баһылай Куолдьарап хоһоонноро, кэпсээннэрэ аны даҕаны ааҕылла, сүрэхтэргэ сөӊө турдуннар.
Амма сирэ, Болугур сирэ-
Арахсыспат аргыһым!
Орто дойдуга
Олох олоруу
Ол дьолун манна билтим!
Таптал оҕор
Табылламмын,
Таптаабытым бу сири!
Ыал буолбут
Ытык буорбун
Ытыктыы, сүгүрүйэ туруом!
Татьяна ПЕТРОВА,
Болугур нэһ. Амма улууһа.