Оҕолоор, бу кылгас болдьохтоох, чэпчэки ыйытыылардаах биктэриинэҕэ дьиэ кэргэнинэн кыттыҥ. Хоруйгутун ахсынньы 22 күнүгэр диэри keskileene81@mail.ru электроннай почтаҕа ыытыҥ. Бастакынан сөптөөх уонна толору эппиэттэри ыыппыттар бириискэ тиксиэхтэрэ. Түмүгү ахсынньы 24 күнүгэр keskil14.ru сайтка таһаарыахпыт.
Ыйытыылар:
- Харыйаны киэргэтэр үгэс ханнык сиртэн саҕаламмытай?
- Бу хаартыскаҕа көрөр уолгут кимий?
3. «В лесу родилась ёлочка» ырыа хас сыллаахха суруллубутай? Ааптардара кимнээҕий?
4. Тымныы Кырдьаҕас төрөөбүт күнэ?
5. Россияҕа хаһааҥҥыттан Саҥа дьылы тохсунньу 1 күнүгэр бэлиэтиир буолбуттарай?
6. Хаарчаана (Снегурочка) уобараһын Александр Островскай “Снегурочка” диэн остуоруйа-пьесатыгар айбытын билэбит. Оттон бу персонаһы Саҥа дьыллааҕы герой, Тымныы Кырдьаҕас сиэнин быһыытынан ханнык суруйааччы киллэрбитэй?
7. Сэбиэскэй Сойууска ханнык сылларга харыйаны туруорар бобуулаах этэй?
8. Саҥа дьыл аайы көстөр “Ирония судьбы” киинэбит геройа Женя олорор аадырыһа?
9. Ханнык дойдуга Саҥа дьыл киэһэ түннүгүнэн эргэ малларын быраҕалларый?
10. Саҥа дьылга аккырыыкканан эҕэрдэлэһэр үтүө үгэһи олохтообут куорат?
11. Чысхаан көстүүмүн модельер Августина Филиппова толкуйдаан, сиэдэрэйдик тикпитин билэбит. Оттон уобараһын ким айбытай?
12. Уотунан умайар гирлянданы ханна аан бастаан иилбиттэрэй?
13. Бу ойууга көстөр мультиктары төһө билэргитинэн ааттаталааҥ:
14. Билэрбит курдук, Тымныы Кырдьаҕас резиденцията 1998 сылтан Великай Устюг куоракка баар. Оттон ол иннинэ ханна баар этэй?
15. Пенсионнай фонд Тымныы Кырдьаҕаска иҥэрбит аата (званиета)?
16. “Хаарчаана” диэн ырыа мелодиһа кимий?
17. Бу ханнык киинэний?
18. Ханнык салайааччы Саҥа дьыл киэһэ Президент буолан бүтэрин туһунан иһитиннэрбитэй?
19. Ил Дархан Харыйата хас сыллаахтан өрөспүүбүлүкэ бастыҥ үөрэнээччилэрин түмэрий? Ким олохтообутай бу бэртээхэй бырааһынньыгы?
20. Санта-Клаус, Йоллупукки, Бабо Наттале уонна да атыттар биһиги Тымныы Кырдьаҕаспытыгар тоҕо ымсыыраллара буолуой?
21. Россияҕа аан бастакынан Саҥа дьылы кимнээх көрсөллөрүй?
22. 1964 сылтан киин телевидениенэн Саҥа дьыл киэһэ эрэ көстөр биэрии?
23. Саха Сиригэр харыйаны ханнык күҥҥэ күлүмэрдэтэ уматар үгэс олохтонно?
24. “Новый Год к нам мчится, скоро все случится” диэн ырыата суох билигин биир да Саҥа дьыл бырааһынньыга ыытыллыбат буолла. Бу “Новогодняя” ырыаны толорбут бөлөх?
25. Кремль ханнык башнятын чаһыта саҥа сыл үүммүтүн курант тыаһынан биллэрэрий?