Хохуоралаах тыллаах
Хоҥкунас тыастаах,
Холобура суох хоһоонноох
Хомус барахсаны
Хомуһуннаан айбыта үһү…
А.Е. Кулаковскай-Өксөкүлээх Өлөксөй.
Н.Е. Мординов-Амма Аччыгыйа аатынан “Кэскил” оҕо бэчээтин кыһата Арассыыйа норуоттарын култуурунай нэһилиэстибэлэрин сылыгар уонна Саха сиригэр Хомус күнүгэр анаан keskil14.ru ситим былаһааккатыгар өрөспүүбүлүкэтээҕи “Дьиэ кэргэнинэн хомустуубут” видеоролик күрэҕин биллэрэр.
Күрэх амбассадора — С.А. Зверев-Кыыл Уола аатынан Национальнай үҥкүү тыйаатырын артыыһа, импровизатор-хомусчут Василена Шарина!
Сүрүн бириис — Василена Шаринаттан хомуска маастар-кылаас!
Биһирэм бириистэр — 2, 3 миэстэни ылбыттарга Аан дойду норуоттарын хомуһун түмэлиттэн экскурсияҕа туоһу суруктар.
Бары кыттыбыт дьиэ кэргэн электроннай туоһу суругу тутуохтара.
Ыытыллар күнэ-ыйа, дьыла: cэтинньи 21-ахсынньы 10 күннэрэ, 2022 с.
Түмүк таһаарыыта: ахсынньы 11 күнэ, 2022 с.
Күрэх ирдэбилэ: кыттааччылар хомуска дьиэ кэргэнинэн оонньуулларын видеоҕа устан ыыталлар. Маны таһынан социальнай ситимҥэ Вконтакте https://vk.com/keskilmedia биһиги сүрүн сирэйбитигэр сурутаргыт ирдэнэр (ону туоһулуур скрин ыытаҕыт).
Күрэҕи сыаналааһын:
— хомуска дьүрүһүтүү сатабыла;
— дьиэ кэргэнинэн утумнааһын;
— толоруу толорута, тэҥҥэ охсуута.
Күрэҕи Василена Шарина бэрэссэдээтэллээх дьүүллүүр сүбэ сыаналыыр.
Сайаапкаҕа ыйыллар:
- Ааккыт-суолгут, нэһилиэк, оройуон аата.
- Оскуола, кылаас, оҕо уһуйаана.
- Толоруу (композиция) аата.
- Бу ссылканан киирэн төрөппүт уонна оҕо сөбүлэҥи толорон, илии баттаан ыытар https://docs.google.com/file/d/12lv5Y4TlHlz1PwaiDVpVZPPHi_PaYJEw/edit?filetype=msword
https://docs.google.com/file/d/1SaJphOuc_W-BHvht2WF6Dm5bZvoFHgIs/edit?filetype=msword
Үлэлэри күүтэбит: Күрэх кыттааччылара сайаапкаҕытын уонна видеоларгытын kere-2006@mail.ru “Дьиэ кэргэнинэн хомустуубут” диэн ыйыылаах ыытаҕыт. Билсэр төл. нүөмэрэ: 89142659220.
Барыгытыгар ситиһиилэри!
Хомуспут дьүрүскэн дорҕооно үйэлэр тухары дьүрүһүйдүн!
keskil14.ru