Амма улууһун Эмис нэһилиэгин «Чуораанчык» оҕо саада, «Кэскил» оҕо бэчээтин кыһата, «Чуораанчык» оҕо сурунаалын эрэдээксийэтэ өрөспүүбүлүкэ оҕолорун «Чуораанчык доҕотторун ыҥырар» диэн спорт онлайн-түһүлгэтигэр ыҥырар!
Быйыл 6-с төгүлүн ыытыллар күрэх пандемиянан сибээстээн онлайн ыытыллар. Урукку сылларга спорт бу түһүлгэтигэр Мэҥэ Хаҥалас улууһуттан үс оҕо саада кыттыбыта. Быйыл хабар эйгэтин кэҥэтэн, «Чуораанчык», «Колокольчик+» оҕо сурунаалларын эрэдээксийэтин кытта СӨ оскуола иннинээҕи үөрэхтээһин 100 сылынан, оҕону ааҕыы эйгэтигэр сыһыарыыга «Чуораанчыктыын доҕордос!» диэн бырайыак чэрчитинэн өрөспүүбүлүкэ таһымыгар ыытыллар. Сурунаалы кытта 2020 сылга ыытыллыбыт ситимнээх үлэ биир улахан түмүктүүр тэрээһинэ буолар.
Оскуолаҕа киириэн иннинээҕи саастаах оҕолор ортолоругар онлайн-күрэхтэһиилэр нөҥүө спорду, ГТО нуорматын туттарыыны көҕүлүүр, чэпчэки атлетика көрүҥэр дьоҕурдаах оҕолору таба көрөн, салгыы спорт эйгэтигэр угуйар сыаллаах-соруктаах.
Онлайн-спартакиадаҕа оҕо саадын хамаандалара кытталлар. Хамаандаҕа старшай уонна бэлэмнэнии бөлөҕүттэн турар икки уол, икки кыыс киирэр.
Алта түһүмэхтээх:
1 түһүмэх. Визитка. Хамаанда 3 мүнүүтэттэн элбэҕэ суох бириэмэҕэ бэйэтин билиһиннэрэр, девиһын этэр. Хас биирдии хамаанда оҕо саадын эмблемэлээх биир формалаах буолуохтаах. (футболга, шортик).
2 түһүмэх. Эстафета. Хамаанда барыта кыттар. Дистанцията 5 миэтэрэ. Сүүрэн тиийэн, куонуhу эргийэн кэлэн палочканы салгыы биэрэр.
3 түһүмэх. Миэстэттэн туран ыстаныы. Хамаанда барыта кыттар.
4 түһүмэх. Муостаттан тирэнэн анньыныы. 1 уол кыттар. 30 сөк. устата хаста анньыммыта ааҕыллар.
5 түһүмэх. Ис былчыҥын хачайдааһын. 1 кыыс кыттар. 30 сөк. устата хаста хачайдаабыта ааҕыллар.
6 түһүмэх. Имигэс (гибкость) түһүмэҕэ. Атаҕы токуруппакка туран, илиини төhө тиийэринэн аллара түhэрии. Хамаанда барыта кыттар.
Түһүмэхтэринэн сорудаҕы толоруу туһунан видео-сыһыарыыны көрүҥ:
Онлайн-спартакиадаҕа кыттар туһунан сайаапкаларгытын 2020 сыл ахсынньы 1 күнүгэр диэри күүтэбит.
Сайаапканы толоруу бланката:
Сорудахтары видеоҕа уһулан ахсынньы 5 күнүттэн 10 күнүгэр диэри
892417574 81 WhatsApp нүөмэргэ эбэтэр emiss2012dou@mail.ru электроннай почтаҕа ыытаҕыт. Видеону монтажтыыр, быһан-отон тупсаран биэрэр көҥүллэммэт.
Киирбит видеолары судейскай коллегия ахсынньы 11 күнүгэр көрүөҕэ.
Онлайн-спартакиада протокола:
Уопсай түмүк хамаанданан тахсар. Кыайыылаах хамаанда Кубок бириис тутар. Миэстэттэн ыстааныыга, муостаттан тирэнэн анньыныыга, ис былчыҥын хачайдааhыныгар, имигэскэ (гибкость) бастыҥ көрдөрүүлээхтэр грамотанан, мэтээлинэн, анал бириистэринэн наҕараадаланыахтара.
Онлайн-спартакиадаҕа кыттыы иһин усунуостаах. Хамаандаттан 200 солк. 89241757481 мобильнай бааҥҥа (Нонна Николаевна Н.) ыытаҕыт.
Кыайыылаахтары наҕараадалааһын ахсынньы 14 күнүгэр зуум-площадкаҕа ыытыллыаҕа.
«Чуораанчык доҕотторун ыҥырар» онлайн-спартакиада спонсордара: Эмис нэһилиэгин дьаһалтата, Амма улууһун физическай культураҕа уонна спорка салаата, «Чуораанчык» оҕо саада, «Чуораанчык», «Колокольчик+» оҕо сурунааллара, Е.А.Захарова- Саха Күөрэгэйэ аатынан Эмистээҕи Култуура Киинэ, «Галина» маҕаһыын (Бубякина Г.И.), ИП Пестерева А.И.
ГТО нуорматын толорууну көҕүлээҥ! «Чуораанчык» оҕо саадын күрэҕэр кыттыҥ!
Онлайн-спартакиада туһунан 89241757481 нүөмэргэ билсиҥ.
Күрэх балаһыанньатын туһунан сиһилии манна киирэн көрүҥ.