Саха сирин кыылларын төһө билэҕин?
Оҕолоор, С.А. Новгородов аатынан национальнай кинигэ кыһата 2017 сылга бэчээттэммит “Животные Якутии” энциклопедиятынан өрөспүүбүлүкэ оскуолаларын үөрэнээччилэригэр “Саха сирин кыылларын төһө билэҕин?” (“Знаете ли вы животных Якутии?”) биктэриинэни биллэрдэ.
Биктэриинэ нууччалыы тылынан бу дьыл атырдьах ыйын 7 күнүгэр диэри ыытыллар. Балаһыанньатын ис хоһоонун “Юность Севера” хаһыат ыам ыйын 26 күнүнээҕи 21 №-гэр ааҕан билсэр кыахтааххын.
Кыайыылааҕы быһаарыы икки бөлөҕүнэн ыытыллар (12 саастарыгар диэри; 12-16 саастаахтарга). Кинилэргэ биктэриинэ ыйытыылара тус-туспалар. 12 саастарыгар диэри 15, оттон 12-16 саастаах обургуларга 30 ыйытыы. Бу ыйытыыларга хоруйдар барыта энциклопедия иһигэр сурулла сылдьаллар. Онон болҕомтолоох ааҕааччы сөптөөх хоруйу түргэнник булуо.
Биктэриинэ хас биирдии ыйытыгар сөптөөх хоруй иһин биирдии баал бэриллэр. Оччотугар 15 ыйытыыга 15, 30 ыйытыыга 30 баал буола түһэр.
Бөлөх аайы алта бастыҥ оҕо быһаарыллар. Кинилэри быһаарарга биктэриинэ ыйытыыларыгар төһө сөптөөхтүк уонна түргэнник хоруйдаабыттара (“Бичик” электроннай аадырыһыгар кэлбит күнүнэн) болҕомтоҕо ылыллар.
Кыайыылаахтар ааттара-суоллара уонна сөптөөх хоруйдар www.bichic.ru сайтыгар атырдьах ыйын 22 күнүгэр тахсыахтара.
Кыайыылаахтары наҕараадалааһын атырдьах ыйын 26 күнүгэр Дьокуускай куорат Ленин болуоссатыгар үгэскэ кубулуйбут өрөспүүбүлүкэтээҕи “Саха бэчээтин тиэргэнэ-2017” тэрээһин кэмигэр ыытыллыа.
Биктэриинэ сорудахтарын араастаан киэргэтэн, мындырдаан түргэнник ыыппыт саамай чулуу алта бастыҥ I-II-III степеннээх дипломнарынан, сыаналаах бириистэринэн наҕараадаланыахтара. Оттон саамай муҥутуур кыайыылаахха сүрүн бириис – ПЛАНШЕТ!
Атыттарга барыларыгар “Саха сирин кыылларын төһө билэҕин?” өрөспүүбүлүкэтээҕи биктэриинэҕэ кыттыбыттарын туоһулуур сертификат ананыа.
Эппиэттэри “Бичик” кинигэ кыһатын www.bichiс_rmpi@mail.ru электроннай аадырыһыгар ыытаҕыт эбэтэр Дьокуускай куорат Курашов уулуссатын 30/1 №-дээх дьиэтин 104-с кэбиниэтигэр кэлэн туттараҕыт. Үлэҕитигэр толорбут оҕо аата-суола, сааһа, төрөөбүт сыла, үөрэнэр оскуолата, дьиэтээҕи аадырыһа, төлөпүөнэ, ону кытта “Животные Якутии” энциклопедияны тутан олорон түспүт өҥнөөх хаартыската ирдэниллэр. Энциклопедия “Бичик” кинигэ кыһатын маҕаһыыннарыгар уонна киоскаларыгар атыыланар.
Кытаатыҥ, “Юность Севера” хаһыакка тахсыбыт балаһыанньанан сирдэтэн, “Бичик” кинигэ кыһатын биктэриинэтигэр соргулаахтык кыттаргытыгар баҕарабыт!