2019 сыл Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Сомоҕолоһуу сылынан биллэриллибитинэн, “Бэргэн” оҕо прессатын агентствота бу сыл устата ыытыллар “Бары бииргэ” куонкуруһу биллэрэр.
Балаһыанньата:
Соруга: төрөппүттэр, оскуоланы бүтэрбит дьон, урбаанньыттар, улуус, куорат, нэһилиэк олохтоохторо оскуола үлэтигэр көхтөөхтүк кытталларын көҕүлээһин; тэрилтэлэри кытта шефтэһиини сөргүтүү; уус, талааннаах дьон оҕолору олоххо наадалаах дьарыкка уһуйуулара, үөрэтиилэрэ; оскуола кыаҕын нэһилиэк сайдыытыгар туһаныы.
Кыттааччылар:
– VI-XI кылаас үөрэнээччилэрэ, эдкорпостар, оҕо тэрилтэлэрэ, түмсүүлэрэ, оскуола, кылаас кэлэктиибэ.
Ис хоһооно:
Кыттааччылар бэйэлэрин оскуолалара атын тэрилтэлэри, шефтэри, урбаанньыттары, уопсастыбаннай түмсүүлэри, меценаттары кытта бииргэ үлэлииллэрин туһунан суруйуу. Ол бииргэ үлэлииргит туохха туһуланара оскуола үлэтин соругуттан, былааныттан, бырагырааматыттан тахсар.
Үлэ хайысхалара маннык буолуон сөп:
– нэһилиэк уус, талааннаах дьонун тардан, оҕолору туһалаах дьарыкка эбии үөрэтии, уһуйуу;
– үөрэнээччилэри кытта профориентационнай үлэ;
– төрөппүт кэмитиэтин үлэтэ;
– кырдьаҕастарга, кыамматтарга нэһилиэк, оскуола көмөтө;
– бу оскуоланы бүтэрбит биллиилээх дьону, оскуола меценаттарын, попечителлэрин өйөбүлэ (үп-харчы эрэ өттүнэн буолбакка, иитии үлэтэ, уопут атастаһыы аахсыллар);
– устудьуоннар профориентационнай үлэҕэ көмөлөрө;
– дьарыга, үлэтэ суох ыччаты кытта үлэ;
– айылҕа харыстабылыгар үлэ;
– удьуор үлэһит аймах холобуругар ыччаты иитии;
– бизнестээх дьон, бааһынай хаһаайыстыбалар оҕолору хамнастаан үлэлэтэллэрэ;
– оскуоланы бүтэрбит ураты дьылҕалаах үөрэнээччилэр холобурдара (атын дойдуга олорор, ханнык эмэ эйгэҕэ ситиһиилээх);
– инбэлиит, дьиэҕэ үөрэнэр оҕолору оскуола, нэһилиэк олоҕор кытыннарыы;
– улуус, Саха сирин устун айан, билсиһии, үөрэтии.
Бу хайысхалар, тиэмэлэр холобур курдук бэрилиннилэр.
Үлэҕэ ирдэбил:
– Сайаапка. Манна кыттааччы толору аата, аадырыһа, төлөпүөнэ, үлэтин аата ыйыллар.
– Биирдиилээн кыттааччы 2019 с. II аҥаарыгар “Кэскил” (эбэтэр “Юность Севера”) хаһыакка сурутуулаах буолуохтаах. Квитанциятын куоппуйатын үлэтин кытта ыытар. Оскуола бүттүүн кыттар түгэнигэр – 50 %-на сурутуулаах буолуохтаах.
– Үлэ барбытын бигэргэтэр хаартыскалар наадалар. Хаартысканы тиэкискэ (word бырагыраамаҕа) укпаккыт, слайд, презентация курдук оҥорон ыыппаккыт. Ол аата Times New Roman шириибинэн бэчээттэммит тиэкис уонна pdf, jpeg форматтаах туспа хаартыскалар эрэ ирдэнэллэр.
Наҕараадалааһын:
Бастыҥ үлэлээх биирдиилээн оҕо, дьоҕус кэлэктиип, оскуола “Кэскил” оҕо бэчээтин кыһатын грамотатынан, “Океан” лааҕырга путевкаларынан наҕараадаланаллар. Кыттааччыларга, салайааччыларга барыларыгар – сертификат.
Болдьоҕо:
Үлэлэри 2019 с. сэтинньи бүтүүтүгэр диэри Дьокуускай к., Орджоникидзе уул. 31-гэр 204-c, 205-c кэб. тутабыт.
Эбэтэр keskil@inbox.ru эл. аадырыска ыытыҥ.