Бэс ыйын 9 күнүгэр «Спортивные Якутяне» үөрэнээччилэр спартакиадаларын чэрчитинэн ыытыллар бокс күрэҕин полуфиналын киирсиилэрэ түмүктэннилэр. Ол курдук, уопсайа 38 паара кытынна олортон 12 паара кыргыттар. Кыргыттар утарсыылара бэрт сытыытык ааста. Ол курдук, үксүлэрэ киирсиилэрин кэмиттэн эрдэ бүтэрдилэр. Холобура, Горнай улууһуттан сылдьар, 48 киилэҕэ диэри ыйааһыҥҥа киирсэр Влада Романова утарсааччытын бастакы раунд бастакы аҥаарыгар нокаукка ыытан финалга кыттар чиэскэ тигистэ. Ону таһынан 80-тан тахса киилэ ыйааһыннаах бухатыыр уолаттар кытыннылар, бу бэйэтэ ураты көстүү.
Бүгүн биһиги Бүлүү улууһуттан сылдьар бокс тренериттэн Каратаев Айвар Николаевичтан интервью ыллыбыт:
Бүлүү улууһуттан хас оҕо кытта кэллэ?
-Биһиги улууспутун көмүскээн 8 уол кытынна. Бэйэлэрин кыахтарынан үчүгэй киирсиини көрдөрдүлэр дии саныыбын.
Ким олус үчүгэй көрдөрүүлээҕий?
-Киһи үөрүөх, 8 уолтан 3-һэ полуфиналга таҕыста, оттон, дьэ, кимнээх финалга киирсэллэрэ бүгүн биллэр.
Оҕолору хайдах дьарыктыыгытый?
-Боксаҕа баҕалаах оҕолору барыларын ыла сатыыбыт. Кэлбит оҕону барытын дьарыктыыбыт, сайыннарабыт.
Үөрэнээччилэргит рингэҕэ киирээри турдахтарына бэйэҕит төһө долгуйаҕыт?
-Долгуйан бөҕө буоллаҕа дии, оҕолору кытта тэбис-тэҥҥэ долгуйабын.
— Интервьюгут иһин махтал. Ситиһиилэри.
Сорох кыттааччылар ааттарын киистииллэр, ол да буоллар, бэйэлэрин уопуттарын туһунан үөрэ-көтө үллэстэллэр. Ол курдук, Нам улууһуттан сылдьар боксёр уол бу курдук хоруйдаата:
-Бэйэҥ уопсайа хас киирсиилээххиний?
-Мин тус бэйэм уопсайа 30-ча киирсиилэхпин
-Хас сыл дьарыктанаҕын?
-боксанан дьарыктаммытым 1,5 сыл буолла
-Маннык умсугутуулаах, тыҥааһыннаах киирсиилээх бокс эйгэтигэр хайдах кэлбиккиний?
-Аан маҥнай чэпчэки атлетиканан дьарыктанан саҕалаабытым. Ол кэннэ волейболу, боксаны интэриэһиргээн барбытым. Тиһэҕэр, толкуйдаан баран, боксанан күүскэ дьарыктанан барбытым. Тоҕо диэтэргит, спорт бу көрүҥэ хас биирдии уолга олоҕор бэйэтин, чугас дьонун көмүскүүрүгэр көмө буолар дии саныыбын.
-Эппиэтиҥ иһин махтал.
Сарсын, Бэс ыйын 10 күнүгэр «Спортивные Якутяне» үөрэнээччилэр Спартакиадаларын боксаҕа күрэҕин быһаарыылаах киирсиилэрэ «50 лет Победы» спорт дыбарыаһыгар күнүс 12:00 чаастан буолуохтара. Кыттааччыларбытыгар ситиһиини баҕарабыт.
Виолетта ЛЕВИНА,
«Дьоҕур» медиа-оскуола эдкора, Кэбээйи