Бүгүн бэс ыйын 6 күнүгэр «50 Лет Победы» спорт дабырыаһыгар «Спортивные Якутяне» үөрэнээччилэр Спартакиадаларын чэрчитинэн ыытыллар бокс күрэҕин маҥнайгы киирсиилэрэ буоллулар. Ол курдук, уопсайа 144 эдэр спортсмен кыттыыны ылыахтаах, олортон 114-тэ уолаттар уонна 30-та кыыс. Бүгүн 46, 48, 50, 54,57 уонна 80 киилэттэн тахса ыйааһыннарга Мииринэй,Сунтаар, Ньурба, Үөһээ Бүлүү, Бүлүү, Горнай, Нам, Хаҥалас, Мэҥэ Хаҥалас, Нерюнгри, Анаабыр улуустарыттан уонна Дьокуускай куораттан 10 паара кииристэ. Кыттааччылар быыстарыгар Уһук Илин чемпионаттарын финалистара, Өрөспүүбүлүкэ чемпионнара, II-III юношескай разрядтаах боксердар, ону таһынан, спорт маастарыгар хандьыдааттар бааллар. Спартакиаданы 46 киилэҕэ диэри ыйааһыннаах Нам улууһуттан Саввинов Маркел, Үөһээ Бүлүүттэн Эльдар Барахов кыраһыабай киирсиилэринэн арыйдылар.
Аргунов Валентин Васильевич – Горнай улууһун сүүмэрдэммит хамаандатын сүрүннүүр тренерэ:
«Горнай улууһун сүүмэрдэммит хамаандатыгар уопсайа 11 спортсмен баар, олортон 6 кыыс 5 уол. Билиҥҥи туругунан саамай үрдүк көрдөрүүлээх оҕолорбут Прибылых Авелита Дальнай Востокка кыттыбыта, уонна Артем Андреев Өрөспүүбүлүкэ призёра. Күрэх ыйааһыннарын бары кэриҥэр кыттааччылардаахпыт. Баҕа санаам диэн, оҕолор, уолаттар да буоллун, кыргыттар да буоллун бокса көрүҥүнэн утумнаахтык дьарыктанныннар оччо5о улуустарын уонна Өрөспүүбүлүкэ чиэһин улахан турнирдарга көмүскүөхтэрэ»
Спартакиада боксаҕа күрэҕэ күн аайы, күнүс 14:00 чаастан «50 лет Победы» спорт дыбарыаһын саалатыгар буолар. Спорт сонуннарын кэтээҥ, чэгиэн-чэбдик буолуҥ.
Виолетта ЛЕВИНА,
«Дьоҕур» медиа-оскуола эдкора, Кэбээйи