Бүгүн Бэс ыйын 7 күнүгэр «Спортивные Якутяне» үөрэнээччилэр спартакиадаларын чэрчитинэн ыытыллар бокса күрэҕин сүүмэрдиир киирсиилэрин иккис күнэ түмүктэннэ. Ньурба, Нам, Мииринэй, Горнай, Сунтаар, Мэҥэ Хаҥалас, Уус Алдан, Өлөөн, Өлүөхүмэ, Бүлүү, Үөһээ Бүлүү, Хаҥалас, Чурапчы улуустарыттан уонна Дьокуускай куораттан уопсайа 44 эдэр спортсмен кыайыыны былдьастылар.
Бүгүҥҥү күн уратыларынан кыргыттар киирсиилэрэ уонна бастакы нокаут буоллулар. Ол курдук, Хаҥалас улууһуттан сылдьар Айхал Варламов бастакы раунд маҥнайгы мүнүүтэтигэр утарсааччытын биллэрдик баһыйан бэйэтигэр кыайыыны сурунна, ону таһынан, Горнай улууһун хомуур хамаандатын бирэстэбиитэлэ 62 киилэҕэ диэри ыйааһыҥҥа киирсэр Максим Павлов утарсааччытын эмиэ бастакы рауҥҥа икки атаҕар уйунар кыаҕыттан таһааран кирсиини эрдэ түмүктээтэ.
Хас биирдии хамаанда бэйэлэрин кыттааччыларыгар күүскэ ыалдьар. Олортон саамай актыыбынайдарынан Ньурба улууһун хамаандата буолар. 12 уол уонна 1 кыыс буолан бокса күрэҕэр кытта кэлбиттэрин туһунан иһитиннэрдилэр.
Бу хамаанда бирэстэбиитэлэ, 60 киилэҕэ диэри ыйааһыҥҥа киирсэр Александр Павлов: «Кыайдахпына интервью биэриэм», — диэн баран, тылыгар туран, кыайыыны ситиһэн биһиэхэ бу курдук интервью биэрдэ:
— Александр, кыайыыгынан эҕэрдэлиибин! Бу күрэх туһунан туох санаалааххын?
— Үчүгэй, барыта үчүгэй. Элбэх буолан кэллибит 13-пүт 1 кыыс 12 уол, билиҥҥи туругунан 1 эрэ уол кыайтарда, сорохтор бэлиэр полуфиналга баарбыт.
— Хайдах боксу кытта билсибиккиний?
— Табаарыһым илдьибитэ, бэйэм барыахпын улаханнык баҕарбатаҕым. Табаарыспар уонна тренербэр улаханнык махтанабын
— Киирсииҥ төһө долгутуулааҕый?
— Ынырык долгуйуу бэҕэһээ буойбун былааннаан баран түүн 2 чаас диэки утуйбутум, сарсыарда эрдэ турбутум, онтон рингаҕа киирдэххинэ барытын умнан кэбиһэр эбиккин.
Эппиэттэриҥ иһин махтал. Полуфиналга ситиһиини баҕарабын!
Бу курдук, тыҥааһыннаах киирсиилэр иккис күннэрэ түмүктэннэ. Бүгүҥҥү күн видеосюжетын «Кэскил» оҕо кыһатын Вконтакте уонна Телеграм ханаалларыгар киирэн көрүөххүтүн сөп. Биһигинниин бииргэ буолуҥ.
Виолетта ЛЕВИНА,
«Дьоҕур» медиа-оскуола эдкора, Кэбээйи