Мэҥэ-Хаҥалас улууһун Табаҕа орто оскуолатын 8 кылааһын үөрэнээччитэ, “Кыымчаан” эдкорпост чилиэнэ Сабрина Акимова быйыл Саха сирин гражданскай авиацията 95 уонна Юрий Гагарин космоска көппүтэ 60 үбүлүөйдээх сылларыгар аналлаах матырыйаалын ааҕаргытыгар анаан бэчээттиибит.
Алтынньы 8 күнүгэр 1925 сыллаахха Саха сирин халлааныгар бастакы «Сопвич» диэн биплан сөмөлүөт дайан тахсыбыта! Бу күнү Саха сирин авиацията төрүттэммит күнэ диэн бэлиэтииллэр. Онтон бу дьыл алтынньы 7 күнүгэр Дьокуускай куорат Гагаринскай уокуругар “Ворота Якутска” былаһааккаттан бэлиэ сылга анаан «95 лет Авиации Якутии» диэн логотиптаах салгын шара көтүтүллүбүтэ.
Билиҥҥи кэмҥэ мин кыра бөһүөлэкпиттэн 8 авиатор идэтигэр бэриниилээхтик үлэлии-хамсыы сылдьар биир дойдулаахтарбытынан бары нэһилиэк олохтоохторо киэн туттабыт. Ол курдук, аҕа саастаахтартан саҕалаатахха, бастакынан «Полярные авиалинии» авиакомпания техническэй дириэктэрэ, Саха Өрөспүүбүлүкэтин транспорын Бочуоттаах үлэһитэ Федор Гаврильевич Марковы ааттыыбын. Кини төрөппүт уола Гаврил Федорович Марков эмиэ авиатор идэтин талан, аҕатын туйаҕын хатарар. Салгыы ини-бии П.Ойуунускай аатынан Дьокуускайдааҕы аэропорт механига Максим Константинович уонна пилот идэлээх Константин Константинович Бурнашевтары ааттыыбын.
Мин бүгүҥҥү интервьюм геройа Табаҕа орто оскуолатын 1992 сыллаахха бүтэрбит«Боинг-737” самолёт экипаһын хамандыыра Григорий Ермолаев буолар.
-Үтүө күнүнэн, Григорий Михайлович! Эйиигин Саха сирин авиациятын 95 сыллаах үбүлүөйдээх бэлиэ түгэнинэн эҕэрдэлиибин! Эн бу идэҕин оҕо эрдэххиттэн талбытын дуо?
— Оннук. Кыра эрдэхпиттэн летчик буолар ыра санаалаах этим.
-Бу идэҕэ ханна үөрэммиккиний?
-Табаҕа орто оскуолатын бүтэрээт, 1992 сыллаахха Бугуруслан куоракка П.Ф. Еромасов аатынан летнай училищеҕа туттарсан киирбитим. Үөрэхпин бүтэрэн, “Полярные авиалинии» хампаанньаҕа үлэҕэ киирбитим. Салгыы 1997 сыллаахха Санкт-Петербург куоракка гражданскай авиалиния Академиятыгар үөрэммитим.
-Көтө сылдьан саамай үчүгэй, дьикти түгэҥҥиттэн кэпсиэҥ дуо?
-Салгыным суднота халлааҥҥа хас көтүтүүм аайы мэҥэ халлааҥҥа үрдүгү ылан иһэрэ миэхэ куруутун саамай кэрэ түгэн буолар. Былыттары нөҥүөлээн өрө көтөн тахсарбын наһаа сөбүлүүбүн.
-Эн талбыт идэҕэр ситиһиилээхтик үлэлии-хамныы сылдьарга киһиэхэ ханнык хаачыстыба ордук наадалааҕый?
-Бастатан туран, гражданскай авиацияҕа сүрүн болҕомто дьон олоҕор уонна доруобуйатыгар куттал суох буолуутугар уурулларынан сибээстээн, үлэҕэ сүрдээх эппиэтинэстээх, кытаанах бэрээдэктээх сыһыан ирдэнэр. Ону таһынан, мин санаабар, киһи күүппэтэх өртүттэн тахсар уустук түгэннэргэ уолуйбат, түргэнник быһаарыныы ылынар, холку майгылаах буолар наадалаах.
-Билигин ханнык сөмөлүөттэринэн көтөҕүнүй?
-Салгын суднотын экипаһын командирынан уонна иккис пилотунан АН-2, АН-24, АН-26, Боинг-737 (700-800) сөмөлүөттэринэн көтөбүн.
-Арассыыйа хайа куораттарыгар үгүстүк рейскэ сылдьаҕын?
-Сүрүннээн үгүстүк Москва, Санкт-Петербург, Екатеринбург, Омск, Анапа куораттарга көтөбүн. Уонна ыйга биирдэ-иккитэ Хабаровск, Анадырь тиийиэхпин сөп.
-Григорий Михайлович, үлэн таһынан иллэҥ кэмҥэр тугунан сөбүлээн дьарыктанаҕыный?
-Иллэҥ кэммин дьиэ кэргэммин кытары атаарарбын уонна хас биирдии саха эр киһитин сиэринэн бултуурбун, балыктыырбын сүрдээҕин сөбүлүүбүн.
-Эн идэҕин утумнуон баҕалаах оҕолорго, кэлэр көлүөнэ летчиктарга туох баҕа санааҕын, сүбэҕин тиэрдиэҥ этэй?
-Үүнэр көлүөнэ биир идэлээхтэрбэр туруоруммут сыалы-соругу ситиһэ үөрэнэллэригэр, баҕа санааларыгар булгуруйбат итэҕэллээх буолалларыгар баҕарабын. Тус доруобуйаҕа харыстабыллаахтык сыһыаннаһыы – летчикка биир сүдү суолталаах хаачыстыба буолар. Уонна аныгы кэм ирдэбилинэн омук тылын үчүгэйдик үөрэтиҥ. Авиацияҕа үлэлииргэ кыһамньылаах уонна күүстээх ис туруктаах буолуохха наада. Мин санаабар, киһи барыта пилот буолар кыаҕа суох. Арай кыра эрдэхтэн сөмөлүөтү, халлааны ыра санаа оҥостубут, араас кэм летчиктарын, кинилэр хорсун быһыыларын, ситиһиилэрин туһунан элбэҕи ааҕан билбит, үөрэппит, бэйэтин илиитинэн макеттары оҥорон-тутан, боруобалаан көрбүт эрэ киһи сыһыаннаах буолар дии саныыбын.
Григорий Михайловиһы кытары кэпсэтиибин Юрий Гагарин этиитинэн толкуйдатар сыаллаах түмүктүүм: “Авиация – требовательная госпожа. Она хочет иметь только лучших из лучших“. Уонна Юрий Гагарин космоска көппүтэ 60 үбүлүөйдээх сыла буоларынан табаҕалартан аны космонавт үүнэн тахсыа диэн эрэлбин этэбин.