Үөрэх уонна наука миниистирэ Ирина Любимова бу күннэргэ суруналыыстары кытары көрүстэ. Миниистир үс сүрүн боппуруоска болҕомтотун уурда.
БКЭ-ни быйыл 9 кылааска ОГЭ-ны суруйбатах оҕолор туттараллар
Быйыл Саха сиригэр биир кэлим эксээмэни (БКЭ) 8513 киһи суруйар, онтон 7920-тэ — быйыл бүтэрээччилэр. 11 тыһ. тахса үөрэнээччи 9 кылаас кэнниттэн сүрүн госэксээмэни туттарар.
Быйыл БКЭ-ни икки сыл анараа өттүгэр 9 кылааска ОГЭ-ны суруйбатах оҕолор туттараллар (2020 с. пандемия кэмигэр эксээмэни тохтоппуттара— Авт.). Онон быйыл бүтэрээччи оҕолор психологическай бэлэмнэригэр сүрүн болҕомто ууруллар. Аны быйыл оскуоланы бүтэрээччилэр саҥа федеральнай үөрэх стандартынан үөрэммит оҕолор, ол иһин хонтуруолунай-кээмэйдиир матырыйааллар (КИМ) быйыл урукку сыллардааҕар уратылар.
Быйыл өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн 230 эксээмэни туттарар пуун номнуо бэлэмнэр. Олортон 10-на уратылаахтар: 3-һэ саастарын ситэ илик оҕолор колонияларыгар, 7-тэ — доруобуйаларынан хааччахтаах оҕолорго дьиэҕэ олорон туттарыы буолар.
Буоларын курдук, өрүү нуучча тыла уонна математика сүрүн эксээмэннэринэн буолаллар. Эксээмэни туттарыы кэмин болдьоҕо уларыйбат: болдьох иннинэ туттарыы, сүрүн күн уонна эбии күҥҥэ туттарыы.
БКЭ болдьоҕо 4 сыллаах, ол аата быйыл 2018 сыллаах түмүк туттарсарга ааҕыллар.
Онтон быйыл Саха сирин үрдүнэн 11457 үөрэнээччи ОГЭ-ны туттарар. 312 эксээмэни тутар пууннар бэлэмнэр. Эксээмэҥҥэ киирии көҥүлүн билиҥҥитэ 99,6 % үөрэнээччи ылан олорор. Эбии ыам ыйын 16 күнүгэр кэпсэтиини (собеседование) ааһарга күн көрүллэн турар. Онон эксээмэҥҥэ үөрэнээччилэр 100 % киириэхтээхтэр.
9 кылааһы бүтэрээччилэргэ эксээмэни ыытыы эмиэ 11 кылаастарга курдук: хонтуруолунай-кээмэйдиир матырыйааллары тута кылаас иһигэр арыйан бэчээттииллэр, онтон бары матырыйааллары Интернет нөҥүө эксээмэн бүтээтин кытары сонно ыытыллар, бу барыта видео кэтээн көрүүгэ турар.
Хамсык ыарыы хааччаҕынан сибээстээн, эксээмэн бириэмэтигэр оҕолор маасканы кэтэллэрэ уонна кабинеттары анал сириэстэбэлэринэн сууйаллара-сотоллоро булгуччалаах буолар.
Патриотическай иитии сүрүн болҕомтоҕо ылылынна
Бу соторутааҕыта, кулун тутар ыйга, СӨ үөрэҕин уонна наукатын министиэристибэтэ оҕону патриотическай иитиигэ концепциятын ылынна. Миниистир Ирина Любимова этэринэн, быйылгыттан үөрэх тэрилтэлэрэ патриотическай иитиигэ туһаайыллыбыт биир бырагырааманан үлэлииллэр.
Саха сирин үөрэҕин министиэристибэтэ концепция ылылларыгар улахан үлэни ыытта. Онон федеральнай бэрэбиэркэни бириэмэтигэр ааһан, билиҥҥитэ саҥа патриотическай иитии концепцията олоххо киирэн үлэлии сылдьар.
Билигин оскуолаларга сүрүн болҕомто история уонна обществознание уруоктарыгар ууруллар. Билигин дойдубут үрдүнэн политическай быһыы-майгы сытыытык турар кэмигэр, эдэр ыччакка, оҕолорго информацияны сөпкө тиэрдии, быһаарыы улахан болҕомтоҕо ылыллар. РФ Просвещение министиэристибэтэ бэлэмнээбит уруоктара, кылаас чаастара биһиги үүнэр көлүөнэбитигэр тиэрдиллэр. Онон оҕо билиҥҥи быһыыга-майгыга сөптөөх уонна кырдьыктаах информацияны ыларыгар хас биирдии үөрэх тэрилтэтэ күүскэ үлэлиир.
«Патриотическай тыыны иитии аҥардас оскуолаларга хас бэнидиэнньик аайы РФ, СӨ уонна оройуон гимнэрин ыллааһынтан саҕаланар», — диир миниистир Ирина Любимова. Маны тэҥэ өрөспүүбүлүкэ хас биирдии оскуолатыгар патриотическай уруоктар ыытыллаллар, лекциялар ааҕыллаллар.
«Ол эрэн оҕо дойдутун патриота буола улаатарыгар, аан бастаан төрөппүттэртэн саҕаланар. Дьиэ иһигэр хайдах эйгэ баар да, оҕо эмиэ оннук улаатар», — диэн Ирина Любимова этэр.
Оскуолаларга итии ас хонтуруолун төрөппүт эмиэ көрүөхтээх
Өрөспүүбүлүкэ үһүс сылын алын сүһүөх үөрэнээччилэрин итии аһылыгынан хааччыйарга диэн 1 млрд. солк. федеральнай үбү ылар. Ол туһунан миниистир Ирина Любимова пресс-кэнпириэнсийэҕэ иһитиннэрдэ.
Өрөспүүбүлүкэ иһигэр норматив быһыытынан биир оҕо аһыырыгар: хотугу эргимтэҕэ диэри — 80 солк., онтон хотугу эргимтэҕэ бэйэтигэр — 90, 2 солк. харчы көрүллэр. Ол аата үөрэнээччи күннээҕи аһылыгын орто кээмэйэ 104 солк. тэҥнэһэр.
Итии аһылыгынан 98% оскуола үөрэнээччитэ хааччыллан олорор. Сорох остолобуойа суох оскуола, буфет систиэмэтинэн оҕолору аһатар.
Онтон 5-11 кылаас үөрэнээччилэрин аһылыгын муниципальнай тэриллиилэр бюджетыттан көрүллэр. «Холобур, Мииринэй, Үөһээ-Бүлүү оройуоннара оҕолорун бэйэлэрэ босхо аһата олороллор», — диэн холобурдаан этэр Ирина Любимова.
«Билиҥҥитэ оскуола аһылыгынан хааччыллыытыгар саҥа бырайыак олоххо киириэхтээх. Манна улахан болҕомто олохтоох бэйэ таһаарар бородууксуйатыгар, ол иһигэр эккэ уонна үрүҥ аска, болҕомто ууруллуоҕа. Холобур, сорох оскуолалар бэйэлэрин учаастактарыгар хортуоска, оҕуруот аһа олордон бэйэлэрин хааччыналлар. Онон быйылгыттан хас биирдии үөрэх тэрилтэтэ (оскуола, саад) бэйэтэ бас билэр хаһаайыстыбалаах буолуутугар үлэни ыытары көҕүлүөхпүт. Маны таһынан төрөппүт оскуолаларга итии ас хонтуруолун көрүөхтээх», — диэн түмүктээтэ Ирина Любимова.
Онтон биһиги кэрэспэдьиэммит оскуола бибилэтиэкэлэригэр оҕо хаһыаттарыгар, сурунаалларыгар сурутууга үп көрүллүүтүн туһунан миниистир маннык диэн эттэ: «Биһиги сурутууга харчы көрөбүт. Маны оскуола дириэктэрэ бэйэтэ быһаарар, көрүллүбүт үбү сурутууга эбэтэр миэбэл атыылаһарыгар ыытарын. Уопсайынан, оскуола дириэктэрдэригэр билигин бэйэ быһаарарыгар көҥүл элбэх. Ол да буоллар биһиги оскуола бибилэтиэкэлэрэ оҕо хаһыатыгар, сурунаалларыгар сурутарын ирдиибит. Буолаары буолан Ааҕыы сылыгар».
Суруйда Анна СЛЕПЦОВА.