Бүгүн биһиги «Сосновый Бор» лааҕырга «Привет, Артек!» смена оҕолоруттан бириэмэни сөпкө аттарыы туһунан кылгас интервью ыллыбыт. Ол туһунан салгыы бу ыстатыйаҕа ааҕыахха.
– Сменаҥ туһунан кылгастык кэпсээ.
– Манна «Привет, Артек!» сменаҕа кэлэн элбэх саҥаны биллим, саҥа доҕоттордоннум. Олус бэрт тэрээһиннэр буолан аастылар, ол курдук: «Принц и принцесса Соснового Бора», артбол, футбол, киноквиз уо.д.а.
– Бириэмэҕин сөпкө сатаан аттараҕын дуо?
– Сороҕор кылгас-кылгас уһуннаах видеолары көрөөччүм, ырыа истээччим, кинигэ ааҕааччым.
– Күн устата сыал-сорук туруорунаҕын дуо?
– Сороҕор туруорабын.
– Эн санааҕар, билиҥҥи кэмҥэ бириэмэни сөпкө аттарыы төһө наадалаах дии саныыгын?
– Наадалаах, тоҕо диэтэххэ, бириэмэ аттарары сатыыр киһи ситиһиилээх буолар уонна хас да үлэни тэҥинэн оҥорбот.
– Сайын устата сыал-сорук туруоруммутуҥ дуо?
– Суох, туруорбатаҕым.
– Оҕолорго ханнык киинэ сүбэлиэҥ этэй?
– «Кэрэл» диэн киинэни сүбэлиибин. Тоҕо диэтэххэ, бу киинэҕэ олох, киһи киһиэхэ сыһыана бэрткэ арыллар.
– Сменаҥ туһунан кылгастык кэпсээ.
– Мин бу «Привет, Артек!» диэн сменаҕа кэлбитим. Олус үчүгэй лааҕыр эбит дии санаатым. Күн аайы тэрээһиннэр буолаллар. Бэҕэһээ, холобур, от ыйын 31 күнүгэр бэйэни салайыныы күнэ буолбута. Онно баһаатайдар оҕо буолбуттара, онтон оҕолор баһаатай буолбуттара.
– Бириэмэҕин сөпкө сатаан аттараҕын дуо?
– Бэрткэ атаарабын. Телефоҥҥа өр олорбоппун, сүүрэ-көтө сылдьабын, доруобуйаҕа буортулаах аһы сиэбэппин.
– Күн устата сыал-сорук туруорунаҕын дуо?
– Оннук туруорбаппын. Ол эрэн, наадалаах дии саныыбын. Бэйэн бириэмэҕин хайдах аттараргын билбэт буоллаххына, бу боппуруоһу үөрэтэн баран дьыаланы бириэмэтигэр оҥорор буолуоҥ, күүскэ сылайыаҥ суоҕа, ыһыллыбат буолуоҥ.
– Сайын устата сыал-сорук туруоруммутуҥ дуо?
– Туруорбутум уонна ситистим. Бу лааҕырга былырыыҥҥыттан кэлиэхпин баҕарар этим. Лааҕырга кэлэбин диэн эрдэттэн сыал-сорук туруоруммутум.
– Николай Заболоцкай «Мааппа» диэн айымньытын сүбэлиэм этэ. Бу айымньы олус интэриэһинэй, ис хоһооно киһи санаатын, көрүүтүн уларытар.
– Сменаҥ туһунан кылгастык кэпсээ.
– «Сосновый бор» лааҕырга кэлэн элбэх доҕор-атас буллум.
– Бириэмэҕин сөпкө сатаан аттараҕын дуо?
– Суох. Телефоҥҥа сытарбын сөбүлүүбүн. Сороҕор кинигэ ааҕабын.
– Күн устата сыал-сорук туруорунаҕын дуо?
– Туруорбаппын, ол эрэн наадалаах дии саныыбын.
– Эн санааҕар, билиҥҥи кэмҥэ бириэмэни сөпкө аттарыы төһө наадалаах дии саныыгын?
– Инникитин айымньылаахтык үлэлииргэ наада.
– Эйиэхэ күнү аттараргар туох мэһэйдирий?
– Кэлин, 9-10 кылааска тахсан баран бириэмэни аттарыы туһунан толкуйдуом.
– Сайын устата сыал-сорук туруоруммутуҥ дуо?
– Манна интернет ситимигэр билсиспит доҕорум баар, кинини кытта көрсөөрү сыал-сорук туруоруммуппут уонна биир лааҕырга кэлбиппит.
– Оҕолорго ханнык киинэ сүбэлиэҥ этэй?
– «Айта» диэн киинэни сүбэлиэм этэ. Тоҕо диэтэххэ, бу киинэ сюжетын сөбүлээтим.
Текст: Халыева Ольга