Кэскил” хаһыат историятыгар туйгуннары сырдатар, билиһиннэрэр “Володя Ульянов дневнигэ” бэлиэ суолу-ииһи ылар. “Бэлэм буол” уонна “Володя Ульянов дневнигэ”—быстыспат ситимнээхтэр.
В.И.Ленин 100 сылын туолуутунан туһанан, оҕолору көҕүлүүр тугу тобулуох баҕайыный?”—диэн толкуйдаан-толкуйдаан, ”Володя Ульянов дневнигин”—арыйыахха диэн этии киллэрбитим. Николай Егорович итини олус да сөбүлээбитэ, хойукка диэри хайгыыр буолара, “Союз үрдүнэн ким даҕаны төбөтүгэр кэлбэтэх суол”,—диирэ”. Бу—биһиги хаһыаппыт Бочуоттаах редактора Нина Иннокентьевна Протопопова “Амма Аччыгыйа—“Бэлэм буолга” диэн ахтыытыгар суруйбут тыллара.
Хаһыат оччотооҕу ааҕааччылара, геройдара бу дневниги олус үчүгэйдик, сылаастык ахталлар.
Саҥа дьоруойдары кытта билсиҥ.
Болтаков Евгений Васильевич.
1967 с.Нам оскуолатыгар бастакы кылааска үөрэнэ киирбитим. 1969 с. үөрэхпэр “туйгун” буолан «Бэлэм Буол”хаһыакка Володя Ульянов дневнигэр тахсыбытым.
Оччолорго хаһыакка тахсыы диэн улахан чиэс-бочуот этэ, ону ааһан эппиэтинэс сүктэриллибитэ. Үөрэхпэр өссө кыһаллан, дьиссипилиинэм эмиэ онно эппиэттэһэригэр кыһалларым. Олус үчүгэй учууталларга түбэһэн, үөрэҕим түмүктэрэ үчүгэй этилэр. Оройуон физика, математика олимпиадаларыгар бастаан республикаҕа тиийэ кыттыбытым. Уруккута физмат оскуола, билигин М.А.Алексеев аатынан гимназияҕа киирэн, кырдьаҕас эһэм аттытыттан ыытыан баҕарбакка, киирэн үөрэммэтэҕим.
1977 с. онус кылааһы бүтэрээт нэһилиэкпитигэр СПТУ -10 киирэн үөрэнэн суоппар идэтин баһылаан, оччолорго Исиидэр Бараахап сопхуоска суоппарынанүлэбин саҕалаабытым.
19779-1981с. Сэбиэскэй Аармыйа кэккэтигэр сулууспалаабытым.
Ол кэннэ Бурятияҕа гидро-мелиоративнай техникумҥа үөрэммитим, идэбинэн сопхуҥоска үлэлии киирбитим. Уларыйыы бириэмэтигэр сопхуоһум ыһыллан эмиэ суоппарбар төннөн, үлэлээн-хамнаан пенсияҕа тахсыбытым.
Уруккуттан спорду өрө тутабын. Нэһилиэк, оройуон иһигэр ыытыллар дуобат күрэхтэһиилэригэр кыттабынэ. Бииргэ бииргэ төрөөбүт балтым уола Николаев Любомир “Хоро уола ”, “Тоҕус томтор”, “Бүлүү боотура” спортивнай оонньууларыгар чемпион үрдүк аатын ыларыгар күүс-көмө, сүбэ-ама буолан сылдьан кэллим.
Кэргэннээхпин, уоллаах кыыс оҕолоохпун, үс сир симэҕэ сиэн кыргыттардаахпын.
26-с оскуола научнай-методическай улэҕэ директоры солбуйааччы Саввина (Поскачина) Ксана Семеновна суруйабын.
«Бэлэм буол» 21.05.1970 с. №41 Поскачина Ксана, Хоро оскуолатын 7 кылааһын үөрэнээччитэ, оттон 24.09.1978 с. №77 — Борисова Анна, Үөһээ Бүлүү иккис нүөмэрдээх оскуолатын 6 кылааһын уорэнээччитэ бэчээттэммиттэрэ. Билигин кинилэр 26-с оскуолаҕа үлэлииллэр. Саввина (Поскачина) Ксана Семеновна директоры научнай-методическай улэҕэ солбуйааччыта, нуучча тылын уонна литературатын учуутала. Саха Республикатын үөрэҕин туйгуна, Российскай Федерация орто үөрэхтээhинин бочуоттаах үлэhитэ, Саха Республикатын үтүөлээх учуутала, Россия Президенын «Бастыҥ учуутал-2008» Гранын хаhаайката, педагогическай наука кандидата. Кэргэнэ, Саввин Реворий Григорьевич, медицинскэй наука кандидата. Кыыhа Сардаана – саха киинэтин Аан дойду таhымыгар таhаарар продюсер, уола Тимур – полиция подполковнига. Элбэх сиэннэрдээх.
Борисова Анна Николаевна уруhуй уонна черчение учуутала. Саха Республикатын үөрэҕин туйгуна, Российскай Федерация орто үөрэхтээhинин бочуоттаах үлэhитэ, Россия Президенын «Бастыҥ учуутал-2009» Гранын хаhаайката. Кэргэннээх, уол о5олоох, сиэннээх. Уола, Айсен Янович – Новосибирскай университетын аспирана, идэтинэн архитектор.
Биһиги саайтпытыгар “Ханнаҕытый, оскуола урукку туйгуннара? ” диэн галереяҕа “Володя Ульянов дневнигэ” диэн хамсааһын дьоруойдарын кытары билсиэххитин сөп. Манна киирэн баҕар билэр дьоҥҥутун, аймахтаргытын булан көрүөххүт диэн эрэнэбит.