Сэтинньи 11 күнүттэн Дьокуускай куорат бары киинэ тыйаатырдарыгар «Холодное золото» диэн историческай сахалыы боевик киинэ көстүөҕэ диэн биллэрии күөх экрантан кэлбитэ балачча буолла. Бүгүн ол күммүт үүннэ! Ол иһин бу дьон сэҥээриитин ыла охсубут, көрө охсубут өттө хайҕыыра эрэ иһиллэр, сонун жанрдаах саҥа сахалыы киинэ режиссера, Мэҥэ-Хаҥалас уола буоларын билэр дьон, Бүтэйдээхтэр, улууспут дьонугар киэн тутта билиһиннэрэбит!
Петя сааһа 27-тэ эрэ. 1994 с. ыам ыйын 27 күнүгэр Бүтэйдээххэ төрөөбүтэ. К.О. Гаврилов аатынан Бүтэйдээх орто оскуолатын 2011 с. бүтэрбитэ. Петя Стручков үөрэнээччи эрдэҕиттэн киинэнэн үлүһүйэрин учууталлара бэркэ билэбит. Оскуолабыт телестудиятыгар сүрүн киһи кини этэ. Кылааһын салайааччыта Наталья Анатольевна Соловьевалыын роликтарга,тэттик киинэлэргэ боруобаланара.
Салгыы ХИФУ-га ИМИ ПА үөрэнэн бүтэрэр, идэтинэн үрдүк үөрэхтээх программист. Устудьуоннуур сылларыгар сөбүлүүр дьарыгын сайыннаран, устудьуоннар тустарынан сериаллары устубута. Үөрэҕин кэнниттэн саарбахтыы барбакка киинэ эйгэтигэр үлүмнэһэ улэлээн барбыта. Үлэтин биллиилээх кинорежиссёр Дмитрий Давыдов «Костер на ветру» диэн биллэр киинэтигэр монтаж режиссерунан саҕалаабыта.
Ити курдук «Кэрэл»,»Республика Z»,»Бэйбэрикээн»,»Спасатель» киинэлэргэ үлэлээн буспута-хаппыта, уопутурбута. «Экспедиция » киинэҕэ продюсердаабыта.
«Ситтим» диэн бигэ санааттан дойдутугар, Бүтэйдээххэ, » Күлүк хомус» диэн бастакы бэйэтин киинэтин устубута.
Киинэтэ тута көрөөччү сэҥээриитин ылбыта. Ханты-Мансийскайга, Москваҕа, Канадаҕа аан дойдутааҕы киинэ фестивалларыгар ситиһиилээхтик кыттыбыта. Ханты-Мансийскайга кылаабынай бирииһи, Канадаҕа «Лучший дебют» анал бирииһи ылбыта.
«Холодное золото» Петр Хики бу иккис бэйэтин киинэтэ. Сахабыт сиригэр сэрии сылларыгар буолбут дьиҥ чахчы буолбут ыарахан күннэри сырдатыыга ылсыста уонна сыалын толору ситистэ.
Киинэ Ялтаҕа киинэ фестивалыгар уонна Дьокуускайга сүрэхтэннэ. Аныгы кэм кыаҕынан биир дойдулаахтара киинэ табыллыбытын,сөбүлэппитин истэн үөрэн сылдьабыт. Кырдьаҕастыын, эдэрдиин бары биһирээбиттэрэ уолбутугар, биһиэхэ эрэли үөскэтэр.
Дьэ, бүгүн маассабай көрүүгэ үчүгэйдик биллиэҕэ. Өрөспүүбүлүкэбитигэр киинэ күүскэ сайдан, Арассыыйаҕа инники тахсан, аан дойдуга биллэн, көрөөччү ирдэбилэ олус улахан. Баҕабыт, эрдэһиттэр этэллэрин курдук, Петр Петровичпыт киинэтэ кассовай буолан, санаатын көтөҕөн, саҥа айар саҕахтары арыйдын, Бүтэйдээҕин ааттаттын, Мэҥэтин киинэ хайатыгар таһаардын!
Родион КОНСТАНТИНОВ,
«Сэндиэлэ» Мэҥэ-Хаҥаластааҕы историктар, кыраайы үөрэтээччилэр түмсүүлэрин салайааччыта.