Бииргэ үөскээбит доҕоро, учуутал Н.П. Егоров ахтыытынан
Быйыл өрөспүүбүлүкэбитигэр тыа хаһаайыстыбатын бөдөҥ салайааччыта Семен Гаврильевич Жирков төрөөбүтэ 100 сылын бэлиэтиибит. Кини биһиги биир дойдулаахпыт, 1922 сыллаахха Мукучуга төрөөбүт. Семен Гаврильевич бииргэ төрөөбүт игирэ убайа эмиэ Семен Гаврильевич Жирков-Мыттыа, Аҕа дойду сэриитигэр өлбүт. Ол туһунан мин бииргэ үөскээбит табаарыһа, сэрии кыттыылааҕа, учуутал Николай Петрович Егоров «Ким да умнуллубат, туох да тумнуллубат» диэн кинигэтиттэн ааҕан биллим.
Семен Гаврильевич Жирков–Мыттыа
Өссө биир уйан дьылҕалаахтык доҕордоспут, оччолорго эмиэ 6-с кылааска үөрэммит табаарыһым Семен Гаврильевич Жирков “Мыттыа” диэн таптал ааттаах уол этэ. Билигин Тааттаҕа совхоз директорынан үлэлиир эмиэ Семен Гаврильевичтыын игирэлэр этилэр. Иккиэн Барҕа Хабырылла уолаттара, иккиэн бииргэ 6-с кылааска үөрэнэллэрэ. Төрөппүттэрэ эрдэ өлөннөр, Семеннар кыраларыттан тулаайах этилэр.
Мыттыа туһунан доҕоро буойун-учуутал Егоров Николай Петрович ахтыытыттан быһа тардан бэлэмнээтим.
Кинилэр иккиэн Бүлүү педучилищетыгар бииргэ үөрэнэ сылдьан чугастык билсибиттэр. 1941 сыллаахха, училище иккис курсун бүтэрэр сааһыгар, ревматизма олус күүскэ бэргээн, ситэри үөрэммэккэ, Мукучуга күтүөтүн аахха Каратаев Иваннаахха кэлбит. Онтон үтүөрэн Баҕадьа оскуолатыгар учууталлаабыт. 1941 сыл бүтүүтэ призывка ыҥырыллан Баҕадьаҕа байыаннай хомуурга Егоровтыын иккиэн сылдьыбыттар, сэриигэ барарга бэлэмнэммиттэр. Онно булгуччулаах ГТО нуорматын туттарыыга хайыһарынан 10 км сири 1 чаас оннугар 37 мүнүүтэнэн кэлэн соһуппут. Кини олус кытыгырас киһи эбит.
1942 сыл сааһыары эмиэ Егоровтаах Жирков Кэбээйигэ байыаннай хомуурга ыҥырыллыбыттар. Онно иккиэн райпоҕа үлэлээбиттэр. Ол кэмҥэ биллиилээх суруйааччы Тимофей Сметанины кытта билсибиттэр. Мыттыа кинини кытта олус чугастык сыл аҥаара доҕордоспут. Биирдэ радионан Тимофей Сметанин хоһоонун биэрбиттэр. Ону табаарыстыылар олус сэргээн истибиттэр. Онтон Семен табаарыһыгар Егоровка эппит: “Тимофей, бэрт-бэрт курдук, эргийбэтэҕинэ да хомойоро суох, кэннигэр хаалынньаҥнаммыт… Хоһооннорун этэбин. Хоһоонноро хаһан баҕарар кини аатын ааттатыахтара”, — диэбит.
Салгыы Мыттыа уоннна Егоров дойду илиҥҥи границатыгар түбэһэн бииргэ 6 ый кэриҥэ сулууспалаабыттар. Онно сылдьан били урукку ревматизмын ыарыыта дэлби бэргээбит, ол да буоллар, Семен биир да нарядтан хаалсыбакка хорсуннук сэриигэ бэлэмнэммит. Онтон биир күн Семен Гаврильевич уоттаах сэриигэ тылланан барарын туһунан доҕоругар Николай Петровичка эппит. Доҕоро соһуйан эрэ хаалбыт. “Мин балаһыанньам ыарахан, ыарыыбыттан үтүөрэрим биллибэт. Дойдубар да тиийэн кимиэхэ барыахпыный? Кимим да суох диэбит. Ол кэриэтэ Ийэ дойдум иһин хорсуннук сэриилэһиэм. Мин ити өр толкуйдаммыт толкуйум уонна бигэтик ылыммыт быһаарыныым. Эн миигин үтүктэ сатаама. Дойдугар, дьоҥҥор төннө сатаар», – диэбит.
Кини оччолортон ырааҕы, киэҥи уонна бэйэтин киһи буолбут сыанатын табатык өйдөөбүт эбит. Табаарыстыылар сэрии кэмигэр наар суруйсубуттар. Семен Гарвильевич Жирков–Мыттыа пехотаҕа сылдьыбыт, Германия сиригэр Пруссияҕа Кенигсберг куораты ааһан баран контузияланан санбакка түбэспит. Хорсун сэрииһит буолан “Албан Аат” III степеннээх уордьанынан, “Хорсунун иһин” медалынан наҕараадаламмыт. Госпиталга врачтар сүһүөҕүн ыарыытын буланнар, Баку куорат госпиталыгар ыыппыттар. 1947 сыллаахха ити ыарыытыттан онно өлбүт.
Николай Петрович табаарыһыгар куруутун суруйар эбит, тиһэх суругар хатыҥ сэбирдэҕин, хонуу сибэккитин уган ыыппыта, бокуонньукка саамай күндү венок буолбут.
Онон биһиги биир дойдулаахпыт Семен Гаврильевич Жирков–Мыттыа гражданскай иэһин чиэстээхтик толорбут, Ийэ сирин бэриниилээхтик көмүскээбит дьиҥнээх патриот.
Ким да умнуллубат, туох тумнуллубат!
Алгыс Лугинов, И.Е. Левин аатынан Танара орто оскуолатын 7 кылааһын үөрэнээччитэ, “Арылы” пресс-бөлөх, Мукучу, Кэбээйи улууһа.