Быйылгы үөрэх дьыла өрүү буоларын курдук оскуолаҕа саҕаланыа. Билии күнүн үөрүүлээх тэрээһинин хас биирдии кылааска туспа кыраапык быһыытынан ыытыахтара. Төрөппүттэри туспа тутуохтара.
Бу туһунан Саха сирин Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Сергей Местников иһитиннэрдэ.
Билиҥҥитэ үөрэх тэрилтэлэрэ үгүстэрэ үөрэх дьылын көрсөргө бэлэмнэр. Үлэ кыраапыгыттан хаалыы Бүлүү, Кэбээйи, Чурапчы улуустарыгар, Дьокуускай куоракка бэлиэтэнэр.
Саҥа үөрэх дьылын көрсө үс саҥа эбийиэк — Хаҥалас Өктөмүгэр 220/100 миэстэлэрдээх оскуола-саад, Дьокуускай 203-с түөлбэтигэр 360 миэстэлээх оскуола, 85 миэстэлээх саад аһыллыахтара.
Саҥа үөрэх дьыла уруккулуу тэриллиэ. Оҕолор оскуолаҕа баран үөрэниэхтэрэ. Маныаха харыстаныы бары миэрэлэрин күүскэ ирдиэхтэрэ. Интернаттарга олорор оҕолор икки нэдиэлэлээх харантыыны ааһыахтара.
Үөрэх дьылын кэтэхтэн, Интернет көмөтүнэн хааччахтааһын эрэһиимин биллэрбит нэһилиэктэр, куораттар көрсүөхтэрэ.
Атырдьах ыйын 18 күнүгэр үөрэх салаатын үлэһиттэрин 74,41% быһыыны ылтар.