Хас биирдии үөрэнээччигэ орто оскуоланы бүтэрэр, экзамен туттарар, инники олоҕун быhаарынар эппиэттээх кэмэ тиийэн кэлэр. ЕГЭ киириэҕиттэн оҕолор, урукку курдук, IX кылаас да кэнниттэн үөрэххэ туттарса бараллара элбээтэ.
Идэни таба талыы – уустук боппуруос. Тоҕо диэтэххэ, онтон инники олоҕуҥ барыта тутулуктаах. Дьонуҥ ирдэбилинэн буолбакка, бэйэҥ сөбүлүүр үөрэххэр киирэриҥ ордук буолуо. Кыайбат, сөбүлээбэт үөрэхтэригэр киирбит оҕолор түргэн баҕайытык уурайан хаалаллар.
Мин туох идэни таларбын билиҥҥиттэн толкуйдуубун. Учуутал буолар баҕа санаалаахпын. Быйыл IX кылааска үөрэнэ киирдим. Экзамеммар обществознаниены, физиканы талар былааннаахпын.
Быйыл Дүллүкү оскуолатын бүтэрбит оҕолору кытта көрсөн, үөрэххэ киирии туһунан кэпсэттим. Үрдүкү кылаас үөрэнээччилэрэ ону сэргээн ааҕыҥ, туһаныҥ.
***
Ыйытыылар:
- Cайын хайдах абитуриеннаатыҥ, туох ыарахаттары көрүстүҥ?
- Сыалгын-соруккун ситистиҥ дуо? (баҕалаах үөрэххэр киирдиҥ дуо?)
- Эhиил үөрэххэ барааччыларга, быйылгы XI кылаастарга, тугу сүбэлиэҥ этэй?
***
Дуня Мордовская:
- Yөрэххэ киириэм суоҕа диэн куттана саныырым. Этэҥҥэ устудьуон буоллум.
- Баҕарбыт үөрэхпэр киирбэтим. Ол да буоллар, Сибээс уонна энергетика коллеhыгар, билиҥҥи кэмҥэ олус наадалаах идэҕэ киирдим. Yчүгэйдик үөрэнэн бүтэриэм.
- XI кылаас оҕолоро үөрэххитигэр кыhаллыҥ. Туохтан да кыбыстыбакка, саллыбакка, иннигит хоту диэки баран иhиҥ.
Леонтий Докторов:
- Уопсайга киирэргэ ыарахаттардаах эбит.
- Нефтяник үөрэҕэр киириэхпин баҕарбытым да, табыллыбата. Онон ДьТХА инженернэй факультетыгар киирдим эрээри, академ ылан, аармыйаҕа сулууспалыы барыам.
- Экзамен эрэ буолбакка, орто оскуоланы бүтэрэргэ ылар аттестатыҥ баала үөрэххэ киирэргэ эмиэ элбэҕи быhаарар эбит. Онон үөрэххитигэр кытаатыҥ.
Анатолий Тарабукин:
- Баҕалаах үөрэхпэр (архитектураҕа) аҕыйах балл тиийбэтэ. Ол эрээри наhаа хомойботум. Ыарахаттары көрсүбэтим, барытыгар бэйэм сырыттым. Киhи буккуллара туох да суох.
- ХИФУ “Колледж инфраструктурных технологий” диэн орто үөрэҕин “Обеспечение информационной безопасности автоматизированных систем” диэн салаатыгар киирдим. Бэйэбэр барсар, сөптөөх идэ.
- Аттестаккыт баллыгар үлэлээҥ, экзаменнаргытыгар үчүгэйдик эрчиллиҥ.
Рая Докторова:
- Абитуриенныыр кэммин этэҥҥэ ааhарбар быйыл ХИФУ ГРФ бүтэрбит эдьиийим көмөлөстө. Онон соччо ыарахаттары көрсүбэтим. Киниэхэ махталым улахан.
- Физико-техническэй институт ТХОМ диэн салаатыгар туттарсарбар айар тургутууну барыахтаах этим. Мин икки сиргэ тэҥинэн үлэлии сылдьар буоламмын, хомойуох иhин, үчүгэйдик эрчиллибэтэҕим. Оҥоhукпут боростуой буолуо суохтаах этэ. Бэйэбит толкуйдаан, оhуор айан уруhуйдуохтаахпыт. Ол да буоллар, олус кыhаллан толорон, 100-тэн 92 баллы ылан, наhаа үөрбүтүм. Онон “Технология художественной обработки драгоценных камней и металлов” диэн үөрэххэ киирдим. Бэйэм айар куттаах киhи буоларым быhыытынан, үөрэхпин сөбүлээтим. Иннибэр өссө элбэх сыал-сорук турар. Олору толоруом диэн эрэллээхпин.
- Бастатан туран, ЕГЭ-ҕэ эрдэттэн эрчиллэн, элбэх вебинардары, демоверсиялары көрөн, аахтан, үчүгэйдик туттаралларыгар баҕарабын. Мээнэ онно-манна күүлэйдии сылдьыбакка эрэ, бокуойдаах күннэригэр эрчилинниннэр. Холобур, мин XI кылааска оскуола Саҥа дьылын дискотекатыгар эрэ сылдьыбытым уонна суох. Атын күннэргэ дискотекалыам кэриэтэ дьиэбэр олорон эрчиллээччибин. Билиини-көрүүнү сайыннарар вебинардары, каналлары көрөөччүбүн. Ол миэхэ элбэҕи биэрдэ дии саныыбын. Бу бүтэhик сылбар элбэх кинигэни аахпытым.
ЕГЭ күн долгуйбаттарыгар сүбэлиэм этэ. Элбэх оҕо оскуоланы бүтэрэригэр ханна үөрэнэ барарын билбэт. Ол иhин эрдэттэн Интернети эҥин көрөннөр быhаарыныахтарын наада.
Сахаайа Дорофеева:
- Абитуриенныыр диэн үчүгэй эбит. Бииргэ үөрэммит кыыһым Настюкалыын тэҥҥэ сырыттыбыт. Ону-маны быhаарсан, ыйыталаhан сырыттаххына эрэ барытын ситиhэр эбиккин. Оҕо бөҕө буоллаҕа дии. Холобура, биһиги психологическай тест барарбытыгар уочарата бэрт буолан, иккис күммүтүгэр биирдэ толорбуппут. Онтон түмүгүн долгуйа-долгуйа күүппүппүт. Сарсыарда Настюка эрийэн: «Иккиэн биир үөрэххэ киирбиппит», — диэн уhугуннарбыта. Yөрэн-көтөн, медколледжка баран, уhун испииhэккэ ааппытын булан көрбүппүт. Онтон икки күннээх практика буолбута. Иккиэ буоламмыт, ыарахаттары көрсүбэтим быhыылаах.
- Сыалбын-сорукпун ситистим. Кыра эрдэхпиттэн баҕарбыт үөрэхпэр киирдим.
- Эhиилги абитуриеннарга сүбэлиэм этэ: бастатан туран, үчүгэйдик кыhаллан үөрэниҥ, аттестаккыт сыанатын көннөрө сатааҥ. Иккиhинэн, ЕГЭ-ни үчүгэйдик туттарыҥ. Оччоҕуна биирдэ талбыт үөрэххитигэр киириэххит. Yсүhүнэн, абитуриенныы тиийдэххитинэ, кыбыстыбакка барытыгар сүүрэн-көтөн, быhаарсан иhиҥ. Кими да билбэппин диэн толлон турумаҥ,
- оҕолору кытта билсиhэн иhиҥ.
- Настя Докторова:
- Абитуриенныыр кэм диэн наhаа үчүгэй, интэриэhинэй эбит.
- Биир бэйэм ыарахаттары көрсүбэтим. Быhаарсар буоллаххына, үчүгэйдик сылдьаҕын.
- Дьэ, баҕарбыт баҕабын ситистим, медколлежка киирдим. Бүтэрэн баран, салгыы мединститукка туттарсан, быраас идэтин баhылыыр соруктаахпын.
- Медколледжка туттарсыан баҕалаах оҕолор аттестаттарыгар кыhалынныннар. Биология, химия уруогар үчүгэйдик дьарыктанныннар.
***
Бу кэпсэтииттэн элбэҕи биллим. Yөрэххэ киирбит биир дойдулаахтарым сүбэлэрэ-амалара инникитин үөрэххэ туттарсар оҕолорго туhалаах буолуо диэн эрэнэбин. Онтон бастакы куурус устудьуоннарыгар ситиhиилээх үөрэҕи, көрдөөх-нардаах устудьуон сылларын баҕарабын.
Анна Сыркашева,
XI кылаас, «Эрчим» корпост.
Yөhээ Бүлүү, Дүллүкү орто оскуолата,