Оҕо олоҕор кинини тулалыыр эйгэтэ улахан суолтаны ылар. Кэм-кэрдии, олох хаамыыта, дьиэ кэргэнэ, оҕо саада, оскуола, тулалыыр айылҕа – оҕо сайдарыгар сүрүн эйгэлэр, быстыспат ситимнээхтэр. Бу ситим киһи ис-тас туругун тутар, сайыннарар, уларытар күүстээхтэр. Оҕо улаатар, киһи буолар, сайдар эйгэлэринэн “Эркээйи эргиирэ” бырагырааманы олохтооһун хайдах барыан сөбүй? Киһилии киһи түһүн олохсутарга биир сүрүн хайысха – оҕоҕо үтүө үгэстэри иҥэрии, онон бу түөрт эйгэҕэ үлэ туһунан кылгастык сырдатабыт.
Дьиэ кэргэн
Дьиэ кэргэн – оҕо сайдар сүрүн эйгэтэ. Манна оҕо киһилии киһи сиэринэн улаатарыгар 3 сүрүн хайысха тутуһуллар.
1. Оҕо айдарыгын арыйыы.
Айдарык – оҕо айылҕаттан бэриллибит ураты дьоҕура. Оҕо барыта талааннаах, ол эбэтэр киниэхэ ханнык эрэ көрүҥ син-биир бэриллэр, баар буолар. Оҕо кыра сааһыттан айылҕаттан айдарыытын арыйарыгар дьиэтигэр, оҕо саадыгар, оскуолаҕа табыгастаах усулуобуйа, сөптөөх эйгэ тэриллэр. Айдарыга арыллыбыт оҕо сайдан, ис кыаҕын билэ, билинэ, туһана улаатар. Оннук улааппыт ыччат үөрүйэҕин, сатабылын байытан, бары өттүнэн дэгиттэр ситэр-хотор; эппиэтинэстээх, бэйэтин киһи уонна омук быһыытынан билинэр, төрүт уонна атын норуоттар култуураларын, үгэстэрин өйдүүр, ытыктыыр буолар. Бу технологиянан дьиэ кэргэн, аныгы кэм ирдэбилигэр сөп түбэһэн, оҕотун улаатыннарар-сайыннарар кыаҕын саҥа таһымҥа таһаарар.
2. Оҕо көҥүлүн хааччыйыы.
3 сааһыгар диэри дьиэ кэргэҥҥэ оҕо көҥүлэ хааччахтаммакка улаатар. Ити усулуобуйа оҕо саадыгар эмиэ салгыы сайдар. Иитээччи урукку өттүгэр анал ньымаларынан оҕоҕо ыйан-кэрдэн, быһааран, бөлөх оҕото биирдик үлэлиирин хааччыйар эбит буоллаҕына, аныгы технологиянан (холобура, СЭДИП) оҕо бэйэтэ баҕарарын оҥорор, айар, талар хайысханы киллэрэр. Иитээччи эбэтэр учуутал төрөппүтү кытары биир санаанан дьиэҕэ уонна оҕо саадыгар сөптөөх миэстэнихааччыйаллар. Оҕо дьарык кэмигэр кимниин оонньуурун, тугунан хайдах быһыылаахтык айан-таҥан таһаарарын толкуйдуур, былаанныыр, талар; манна иитээччи (учуутал), төрөппүт сүбэһит, ыйытыыларга хоруйдааччы, оҕону кытары тэҥҥэ кэпсэтээччи-быһаарааччы буолаллар. Оҕо санаатын аһаҕастык этэр, ыйытар, тугу оҥорбутун быһаара, кэпсии үөрэнэр.
3.Сахалыы ньымалары туһаныы.
Оҕону сөптөөхтүк иитэргэ-сайыннарарга саха сүрүн ньымаларын тойоннооһуну, барҕалааһыны, сэдиптээһини, үтүгүннэриини, эти-сиини хатарыыны, такайыыны, долоҕойго тутууну, уһуйууну о.д.а. ньымалары ис хоһооннорун ырытан, оҕо сааһынан көрөн кэҥэтэн, дириҥэтэн иһэр хайысха тутуһуллар.
Билигин үлэлиир үгүс технологиялартан сахалыы олоҥхо педагогикатын СЭДИП технологиятын көрүөххэ сөп. СЭДИП технологиябиир сүрүн ньымата долоҕойго түһэрии буолар. Оҕо күннэтэ дьиэ иһинээҕи биридимиэттэри өйдөөн көрөрүгэр эрчийэн, араас ньыманы туһаныллар. Өйдөөн көрөр буолбут оҕо долоҕойугар хатыыр буоларын ситиһэр ньымалар манныктар: биридимиэти араас сиртэн булуу, тэҥнээн көрүү, ойуулааһын, көрбүтүн өйтөн уруһуйдааһын, саҥарар саҥатыгар киллэрэн, тылын саппааһын байытыы, оонньуу көрүҥнэрин туһаныы, хас да хонук кэнниттэн санатыы о.д.а. Атын ньымаларынан үлэ эмиэ ити курдук барар.
Оҕо саада
Оҕо саадыгар оҕо сайдар эйгэтэ үөрэх-иитии, сайыннарыы биэс уобалаһынан тэриллэр. Бу уобаластарынан үгэс бары көрүҥнэрэ кыра-кыралаан олохсуйан иһэллэр. Холобура, I уобалас «Бодоруһуу, түмэккэ киллэрии».Айыы дьонун майгытын-сигилитин олохсутарга олоҥхо ытык өйдөбүллэрин туһаныллар. Ол курдук, бэйэ-бэйэҕэ көмөлөһүү, бэйэтигэр сөптөөх сорудаҕы толоруу, чиэһинэй буоларга, эппит тылы толорорго үөрэтии тиһигин быспакка барар. Аҕатыгар-ийэтигэр, иитээччигэ көмөлөһүннэрэн, үлэ бастакы үөрүйэхтэригэр сыһыараллар. Элэккэй буолуу сиэригэр-туомугар салгыы оҕо саадыгар эмиэ уһуйаллар.
5-6 саастаах оҕону бодоруһууга үөрэтии оҥкула маннык буолуон сөп:
“Мин. Дьиэ кэргэним”. Оҕо билсиһиини саҕалыыр буоллаҕына: бэйэтин аатын,сааһын этэр; ийэтин, аҕатын,бииргэ төрөөбүттэрин кэпсиэн сөп.
“Оонньуурум”. Тугу сөбүлүүрүн, тугунан оонньуурун кэпсиир. Оонньуурун ханна уурарын, хайдах харыстыырын, элбэтэрин этиэн сөп. Билэр буоллаҕына, хантан атыыласпыттарын эбэтэр ким бэлэхтээбитин кэпсиэҕэ.
“Дьарыгым”. Тугунан ордук сөбүлээн дьарыктанарын кэпсиирэ оҕо өйүн-санаатын сааһылыыр, кутун-сүрүн куоһуур, ол эбэтэр ис-иһиттэн астынан, үөрэн,аһыллан туран кэпсиэҕэ.
Ити курдук, «Билиини-көрүүнү сайыннарыы»,«Тылы-өһү сайыннарыы»,«Кэрэ эйгэтэ. Дьоҕуру сайыннарыы»,«Эти-хааны сайыннарыы» уобаластарга сөптөөх үгэстэри, сиэри-туому киллэрэн иһиллэр.
Оскуола
Оскуолаҕа билиҥҥи ирдэбилинэн оҕону иитэр-сайыннарар үлэ муодулларынан тэриллэр. Үтүө үгэһи олохсутарга, оҕоҕо иҥэрэргэ, салгыы сайыннарарга муодулларынан үлэҕэ манныктары эбии киллэриэххэ сөп. Холобура, биир муодулу холобурдуубут.
Бастакы муодул. «Кылааһы салайыы». Кылаас кэлэктиибин кытта үлэ:
-кылааска оҕо айдарыгын арыйарга, үлэни салайарга, салгыы сайыннарарга кылаас төрөппүттэрин кытары анал үлэни тэрийии;
-кылаас чааһыгар нэһилиэк үтүө дьонун үйэтитиигэ айымньылаах үлэни ыытыы.
Хас биирдии оҕону кытары тус сыаллаах үлэ:
-оҕо дьиэ кэргэнин үтүө үгэһигэр олоҕуран, инники олоҕун, идэтин туһунан баҕа санаата сыалга-сорукка кубулуйарыгар көмөлөһүү;
-оҕо портфолиота, ыал төрүччүтэ көдьүүстээх буоларын ситиһии: үөрэх дьыла саҕаланарыгар былаан, үөрэх дьыла түмүктэнэригэр ол туолуутун ырытыы.
Төрөппүттэри эбэтэр сокуонунан мэктиэлээх иитэр дьону кытары үлэ:
-кылаас үгэһин олохсутарга төрөппүт – кылаас, төрөппүт – оскуола сибээһигэр тэрийэр үлэни салайыы;
-кылаас кэлэктиибэ бөҕөргүүрүгэр ыал үтүө үгэһигэр араас көрүүлэри, уопут атастаһыытын көҕүлээһин.
Түөлбэ
Оҕо түөлбэҕэ улаатар. Кини саастыылаахтарыгар, саастаах дьоҥҥо, айылҕаҕа сыһыаныттан бэйэтин сайдыыта улахан тутулуктаах; ону билэ, сиэри-туому толоро, тутуһа сылдьарыгар эйгэ сабыдыалын маннык көрүөххэ сөп:
Оҕо, ыччат сайдар эйгэтэ: кырдьаҕас дьоҥҥо сиэрдээх сыһыан үгэһин тутуһуу; үтүө үгэһи олохсутарга, утуму туттарарга түөлбэ тэрилтэлэрин икки ардыгар дуогабардаһан, ыалга, оҕо саадыгар, оскуолаҕа, эбии үөрэх тэрилтэлэригэр сөптөөх үлэни-хамнаһы тэрийии.
Айылҕа эйгэтэ: Айылҕа – киһи тыын эйгэтэ буоларынан, харыстабыллаахтык сыһыаннаһар, ыраастыыр, тупсарар, айылҕаҕа сиэри-туому толорор тыыҥҥа улаатар.
Уһуйуу эйгэтэ: ыал үтүө үгэһин, ол эбэтэр ыал буолуу, дьиэ-уот тэринии, удьуору салҕааһын, төрүччүнү толорон иһии, үлэ-хамнас усулуобуйатын тэрийии, олохсутуу, утуму туттарыы.
Түөлбэҕэ түөрт эйгэ хардарыта дьайсыыга олоҕуран сайдаллар. Кинилэр бэйэ омугун култууратыгар олоҕуран, норуот педагогикатын ньымаларыгар тирэҕирэн, үтүө сиэр бириинсиптэрин тутуһан алтыһаллар, хардарыта дьайсаллар.
Е.П.ЧЕХОРДУНА, этнопедагог,
педагогическай наука хандьыдаата.