«Ааҕыы киһи өйүн сайыннарар» диэн улуу киһи Дени Дидро этэн турар. Онон ханнык да кэмҥэ умнубакка, тумнубакка ааҕыыны өрө тутуохха наада. Ол да иһин бу ааһан эрэр 2022 сылы үөрэхтээһин эйгэтигэр ааҕыы сылынан биллэрбиттэрэ.
Билиҥҥи оҕо аахпат буолла, суругунан тиэкистэн сүрэҕэлдьиир буолла, аахтаҕына да тугу аахпытын өйдөөбөт диэн кыһалҕа тирээн кэлэн эрэр.
Бу кыһалҕа барыта баар суол. Ол төрүөтүнэн төрөппүт, дьиэ кэргэн аахпат буолуута диэн ыйаллар. Төрөппүттэрэ кинигэни сэргиир, сөбүлүүр, мунньар, ааҕар буоллахтарына оҕо да онтон тэйиэс туттуо суоҕа. Кини кыра сааһыттан тулалыыр дьоно ааҕалларын, онон умсугуйалларын көрөн дьиэтин иһигэр элбэх кинигэ, хаһыат, сурунаал баар буоллаҕына хайдах да аахпат буола улаатыан сатаммат.
Онон дьиэ кэргэнинэн ааҕыыны сөргүтэн «Бииргэ ааҕабыт» диэн хамсааһыны саҕалаабыппыт үһүс сыла буолла. Манна оҕо дьиэтигэр талбыт сахалыы айымньытыттан ийэтинээн ааҕаллар уонна ону видеоҕа усталлар. Устуу кылгас кээмэйдээх буолар. Уһуллубут видеоларын уруокка аҕалан көрдөрөллөр, атын оҕолору көрөллөр-истэллэр, сыаналыыллар, ырыталлар. Бу үлэлэринэн улуустааҕы күрэххэ кытталлар.
Маннык тэрээһин оҕону сэргэхситэр, төрөппүттэри тардар, ааҕыыны көҕүлүүр. Онон тула өттүттэн туһалаах диэххэ сөп.
Изабелла Ноговицына, Орто Халыма, Өлөөкө-Күөл б.