Олох үөрүүтүн, дьолу доруобай эрэ киһи дьиҥнээхтик билэр. Доруобай киһи үлэлиирэ да, үөрэнэрэ да чэпчэки.
Биир муударай киһиттэн ыйыппыттар: ”Киһи олоҕор туох саамай ордук сыаналааҕый: баай-дуол дуу, албан аат дуу?”. Муударай киһи, толкуйдуу түһэн баран, эппит: “Баай-дуол да, албан аат да киһини дьоллоох оҥорботтор. Доруобай дьадаҥы киһи ыарыһах хоруоллааҕар ордук дьоллоох”.
Киһи бэйэтин доруобуйатын харыстыахтаах, бэйэтин этин-сиинин үчүгэйдик билиэхтээх, доруобуйа туһунан дириҥ, киэҥ өйдөбүллээх буолуохтаах. Бу хайысханы оҕолорбутугар, кинилэр төрөппүттэригэр иҥэрэр, быраас буолуон баҕарар оҕолору түмэр соруктаах “Анатомическай оскуола” үлэтин саҕалаабыта. М.К. Аммосов аатынан Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университет Мединститут Анатомия кафедратын биир улахан бырайыага Н.Е. Мординов-Амма Аччыгыйа аатынан «Кэскил» оҕо бэчээтин кыһатын өйөбүлүнэн олоххо киирэн, тыа сирин оскуолаларыгар улахан сэҥээриини ылла.
Медицинэ наукатын кандидата, Анатомия кафедратын доцена Екатерина Петровна Сергина киһи туохтан турарын туһунан уу сахалыы тылынан кэпсиирин истибит эрэ барыта сэргиир. Учуонай чөл олох, чэгиэн турук, чэбдик өй-санаа киһи уорганнарын, этин-сиинин кытта быһаччы сибээһин туһунан чопчу көрдөрөр матырыйаалларга олоҕуран кэпсиирэ ордук улахан болҕомтону тардар.
“Мин Екатерина Петровна Сергина кэпсиирин истэн баран, бэйэм ис уорганнарбын олох да билбэт эбиппин диэн соһуйдум. Быары, бүөрү, сүрэҕи харыстыыр тоҕо наадатын туһунан бүгүҥҥү көрсүһүүттэн элбэҕи өйдөөтүм. Киһи уорганнарын туһунан наар нууччалыы эрэ кэпсииллэр дии саныыр этим. Сахалыы эмиэ кэпсиэххэ сөп эбит диэн бүгүн саҥа биллим. Бу көрсүһүү миэхэ тус бэйэбэр уларытыыны киллэриэ дии саныыбын. Табахпын быраҕыам, сөптөөх аһылыкка болҕомтобун ууруом. Биирдэ санаан көрдөхпүнэ, бэйэм ис уорганнарбар букатын наадыйбат эбиппин. Бөҕү-сыыһы мөһөөччүккэ симэр курдук, туох түбэһэрин барытын сиэн иһэбин. Итинник гынарым табыллыбат эбит“.
IХ кылаас үөрэнээччитэ.
Екатерина Петровна Сергина киһи уорганнарын туһунан
Быар – фабрика
Эн тугу аһаабытыҥ-сиэбитиҥ барыта хааны кытта быар нөҥүө ааһар. Ол иһин быары анаан-минээн үөрэппит учуонайдар, медицинэ специалистара “быар киһи иһигэр фабрикаҕа тэҥнээх, киһи этин-сиинин саамай ыраастыыр уоргана”диэн этэллэр. Эр киһи быара икки киилэ ыйааһыннаах, дьахтар быара эр киһитээҕэр 200 гр курдугунан кыра буолар. Туох да диэбиппит иһин, куһаҕан дьаллыктар биир бастакынан быары кэбирэтэллэр, быар эттигин өлөрөллөр.
Тыҥа уонна табах буруота
Табахтааһын тыҥаны кытта быһаччы сибээстээх. Табах буруота тыҥа айылҕаттан бэриллибит өҥүн-дьүһүнүн уларытар, хараардар. Тыҥаҕа рак ыарыы үөскүүр төрүөтэ табах буоларын Аан дойду барыта билинэр. Науканан эмиэ дакаастанан турар. Бу ыарахан ыарыынан ыалдьыбыт уон киһиттэн тоҕуһа табахтыыр. Табах буруотугар баар буортулаах эттиктэри ааттаталаан диэтэххэ, дьон үксэ никотин эрэ диэн этэр. Оттон табах буруотугар киһи доруобуйатыгар буортулаах 100-тэн тахса эттик баар! Табаҕы оҥорон таһаарыы үп-харчы эргийэр, саамай дохуоттаах хайысха буолара кистэл буолбатах. Оҥорон таһаарааччы ити хайысхатын сайыннаран, тупсаран иһэр. Ол биир холобура – электроннай сигарета. Ыччаттарбыт, оҕолорбут итиннэ көһөн эрэллэр. Электроннай сигарета иһигэр ханнык эттиктэр бааллара, туох дьайыыны оҥороллоро биллибэт. Оҕолорбутугар куттал өссө улахан буолла.
Сүрэх – мотуор
Сүрэх – киһи этин-сиинин мотуора, хамсатар күүһэ. Сүрэх бэйэтин нуорматыгар сөптөөх сыалаах. Ордук кыргыттар диеталыыбыт, ырабыт диэн сүрэх сыатын суох оҥороллор. Ол доруобуйаҕа охсуулаах. Сүрэх сыатын сыыһа диета көмөтүнэн имири эстэххэ, төттөрү чөлүгэр түһэрэ олус уустук.
Инфаркт, инсульт ыарыылар төрдүлэрэ табахха сытар. Тымырдар кыарааһыннарын содулун биир улахан биричиинэтэ – табах.
Бүөр – үлэһит уорган
Бүөр – киһи саамай үлэһит уоргана. Киһи икки бүөрдээх. Бүөр кыратын көрүмэҥ. Биир суукка иһигэр бүөрбүт нөҥүө 200 лиитэрэ убаҕас ааһар. Ол аата киһиэхэ 200 лиитэрэ убаҕас баар диэн буолбатах. Бүөр үлэтэ хаан эргиирин көрдөрөр. Киһи ньиэрбинэйдээтэҕинэ, бастакы улахан охсууну бүөр ылар. Оннук турукка киһи сиһэ баттыыр, хам ылар. Ити барыта бүөр охсуутун бэлиэтэ. Оҕо кыра эрдэҕиттэн атаҕын харыстыы үөрэниэхтээх. Атах тоҥноҕуна, хабах ыалдьар. Ону ситэ эмтэммэтэххэ, тымныйыы өрө тахсан бүөргэ тиийэр. Ол иһин оҕолорго “атаххытын харыстааҥ, сылаастык илдьэ сылдьыҥ” диэн салгыбакка этиэххэ наада.
Оҕо чэгиэн доруобуйата – төрөппүт эппиэтинэһэ!
Оҕо ийэтин иһигэр төбөлөөх, тэбэр сүрэхтээх, быардаах, бүөрдээх, илиилээх-атахтаах үөскүүр. Тоҕус ый устата оҕо буолан ситэн тахсарыгар сайдыы хас да таһымын ааһар. Оҕо мөлтөх доруобуйалаах, сиппэтэх эттээх-сииннээх төрүүрүгэр мэһэй, харгыс ханнык таһымҥа үөскүүрүй диэн боппуруос аан бастакынан турар. Онуоха бастакы бирчиинэнэн – табах, арыгы, наркотик, ону кытта удьуордааһын. Оҕоҕо төрүөн инниттэн чэбдик эти-сиини, чэгиэн доруобуйаны иҥэрии төрөппүт эппиэтинэһэ. Аны оҕону төрөтөн баран, чэбдик өйгө-санааҕа иитии, сөптөөх аһылыгынан хааччыйыы, оҕо кыра эрдэҕиттэн ис уорганнарын, этин-сиинин биэс тарбаҕын курдук билэ улаатарын ситиһии төрөппүккэ икки бүк эппиэтинэс. Оҕо хас биирдии уорганнарын, этин-сиинин чаастарын ытыктыы, убаастыы, кинилэри харыстыы улаатыахтаах. Сүрэх, быар, бүөр, тыҥа, илии-атах, харах, кулгаах, төбө, мэйии … барыта биир ситим. Мантан туох эмит үлэлээбэтэҕинэ, мөлтөөн биэрдэҕинэ, ситим быстар, киһи доруобуйата айгырыыр.
“Кока-кола” иэдээнэ
“Кока-кола” иэдээнин биһиги дьиэ кэргэн чугастык билбиппит. Кэргэним 30 сааһыгар диэри, биир да күнү көтүппэккэ, “Кока-коланы” испитэ. Бүтэр уһугар быарынан улаханнык ыалдьан, “цирроз печени” буолбута. Ол кэмҥэ үһүс оҕобут кыыспыт төрөөбүтэ. “Төрөппүттэрим эмиэ инбэлииттэр, биирдэ кэлбит олохпор ыарыһахтарынан эрэ олорор санаам суох, арахсабын”, – диэтим. Кэргэним онно бэйэтин олоҕор сүрдээх улахан быһаарыныыны ылыммыта. Күүстээх диетаҕа олорбута, “Кока-колаттан” букатын аккаастаммыта. Икки сыл иһигэр аһын-үөлүн көрүнэн ити ыарахан диагноһы кыайбыта”.
Үс оҕолоох ыал ийэтэ.
«Анатомическай оскуола» үлэтин туһунан манна көр https://vk.com/wall-191732448_143
Оҕо кыра эрдэҕиттэн этин-сиинин билэ улаатара уопсай сайдыытыгар, тулалыыр эйгэни, мин кимминий, туохпунуй диэн бэйэтин арыйарыгар туһалаах, көмөлөөх. Киһи этин-сиинин туһунан ойуулаах тылдьыты манна көр https://vk.com/wall-191732448_2031
Сардаана Матвеева.