Биһиги биир дойдулаахпыт, колхознай тутуу ветерана, Аҕа Дойдуну көмүскүүр Улуу сэрии кыттыылааҕа, Семён Дмитрьевич Борисов, Мээндиги холкуоһугар үлэлии сылдьан сэрии саҕаланаатын кытта 1941 сыллаахха балаҕан ыйын 3 күнүгэр фроҥҥа ыҥырыллыбыта. Новгород, Псков, Великие Луки, Невель, Витебск, Смоленск, Могилев сирдэринэн өстөөҕү эккирэтэ сылдьан кыргыспыта. Гвардия ефрейтора, 139-с гвардейскай, стрелковай полкаҕа снайперынан сылдьыбыта.
1944 сыллаахха кини полката Витебскэй уобалас Шумилинскай оройуонугар турбута. Итиннэ кимэн киирии 1944 сыл бэс ыйын 14 күнүгэр саҕаламмыта. Полк иккис эшелоҥҥа резервэҕэ турбута… Кинилэри сэриигэ киллэрбиттэрэ. Шумилинскай оройуону босхолооһуҥҥа 20 өстөөҕү өлөрбүтэ. Полкаҕа снайпердар элбэх этилэр. Семен Дмитрьевич Борисов кинилэртэн бастакынан Арҕаа Двина өрүһү туораабыта, плацдармҥа тоҕоостоох миэстэни булунан бэс ыйын 25 күнүгэр өстөөх 10 офицерын өлөрбүтэ. 6-с гвардейскай армия Командующайын бирикээһинэн гвардия ефрейтора Борисов Семен Дмитрьевич 1944 сыл от ыйын 18 күнүгэр Бойобуой Кыһыл Знамя орденынан наҕараадаламмыта. Бу үрдүк наҕарааданы Литваҕа туттарбыттара.
Хорсун сэрииһит фронтан бааһыран, 1945 сыллаахха сэтинньи ыйга үрдүк наҕараадалардаах дойдутугар төннүбүтэ. Литва сирин өстөөхтөртөн босхолооһуҥҥа элбэх бойобуой сырыылары, хорсун быһыылары оҥортообутун туһунан үгүстүк суруйбуттара. Семен Дмитрьевич өссө тыыннааҕар Литва сиригэр легенда буолбут саллаатынан биллэрэ. Кини туһунан эдэр сонордьуттар элбэх матырыйаалы хомуйбуттара. Суругунан сибээстэһэ олорбуттара.
Ньургун Старостин, Аман Павлов,
Мээндиги орто оскуолатын 10 кылааһын үөрэнээччилэрэ,
«Тыл баайа» медиа-киин, Амма