– “Кэскил” хаһыаты билэн бөҕө буоллаҕа дии. Оҕо сылдьан ааҕар этибит”, – диэбитинэн, бүгүҥҥү ыалдьыппыт эрэдээксийэҕэ киирэн кэлбитэ.
Кинини тыйаатырга, “Таптал хаарты”, “Дорообо, Дьокуускай”, “Кута”, “Хара дьай” киинэлэргэ көрбүт буолуохтааххыт. Билсиҥ, Үүнэр көлүөнэ тыйаатырын артыыһа – Владислав ПОРТНЯГИН.
Куруһуогу барытын кэрийбит…
Владислав Портнягин Мэҥэ Хаҥаластан төрүттээх. Күлүм-чаҕыл күннээх оҕо сааһа Төҥүлү Эбэ хотун алааһыгар ааспыта.
– Көнө майгылаах, бэрээдэктээх, кыратык киһиргээн эттэххэ, “идеал” оҕо этим, – диэн Владислав күлэр.
КВН-щик, баскетболист уол оскуола күөстүү оргуйар олоҕор мэлдьи көхтөөхтүк кыттара. Дьиэ кэргэн күрэхтэрэ, кулуупка буолар тэрээһиннэр Портнягиннара суох ааспата. Турбаны да үрэн көрбүтүм, хайыһарга, саахымакка сылдьыбытым, икки күн теннистээбитим. Ол быыһыгар үҥкүүгэ тиийэн ылбытым. Куруһуогу барытын кэрийэн, сыымайдаан, тиһэх уһугар баскетболга тиийэн тохтообутум, – диэн хайдах курдук сөбүлүүр дьарыгын көрдөөбүтүн сэһэргиир.
Влад VIII кылааска сырыттаҕына, оскуолаҕа драмкуруһуок тэриллибитэ. Кылаас салайааччыта Ольга Марковна: «Сырыт», — диирэ даҕаны, уол кыккыраччы аккаастыыра.
Ону баара, куруһуок салайааччыта Марфа Федотовна Филатова аҕатын үөрэппит эбит. “Влад мин куруһуокпар сылдьыан баҕарбат. Уолгун ыыт”, – диэбит.
– Аҕам учууталын тылын быһа гыныа дуо? Биир күн тутан ылан, хайаан да сырыт диэтэ. Бардаҕым дии.
Ол курдук, Ойуунускай “Оҕо куйуурдуу турара” айымньытын туруорбуппут. “Туос мааска” бэстибээлгэ Гран-при үрдүк аатын ылбыппыт.
Тыйаатырга сылдьымаары…
Чиэппэр бүттэҕинэ, сынньалаҥ күннэригэр кылааһынан куоракка киирэр үгэстээхтэрэ. Киинэ тыйаатырыгар, катокка сылдьаллара.
Биирдэ салайааччыларын кытта Саха тыйаатырыгар барар буолбуттара. Бу санаатахха, “Эргиллиэм хайаан да” испэктээк этэ. Орой-мэник уолаттар, онно сылдьымаары, тыйаатыр иннигэр туран, билиэттэрин атыылыы сатаабыттара. Хомойуох дуу, үөрүөх дуу иһин, былааннара “хаахтыйбыта”.
– Онон киинэҕэ сылдьар санаалаах этибит. Сыанаҕа турбута ырааппыт буолан, “ажиотаж” суоҕа. Билиэппитин ким да ылбатаҕа. Хайыахпытый, тыйаатырбытыгар киирдэхпит дии.
Ол күн артыыс буолар туһунан толкуйдаабакка сылдьыбыт уолу тыйаатыр ураты тыына абылыы кууспута.
– Иннокентий Луковцев: “Дядёё, хара тураахтан маҥан холууп төрөөбөтүн курдук…” – диэн тылларын өйдөөн хаалбыппын (үүт-үкчү үтүктэр).
Бу иннинэ асчыт буолар баҕалаах этэ ээ. Оннооҕор кооперативнай техникумҥа кондитер идэтигэр докумуонун биэрбиттээх. Ол бэйэтэ билигин тыйаатыр артыыһа.
“Хайдах эрэ дойдуга”
Култуура кэллиэһигэр хайдах туттарсан киирбитэ туспа кэпсээн. Бастакы консультацияҕа 40-50 оҕо баара. Арай Сардана Николаевна (оччолорго кимин билбэттэр) киирэн кэлбитэ. Саҥата суох олорон, эргиччи көрүтэлээбитэ. Итиэннэ: “Сделайте мне скотный двор” – диэт, тахсан баран хаалбыта. Оҕолор тугу да өйдөөбөтөхтөрө. Арай кэтэхтэн үөрэххэ туттарса сылдьар, кулуупка эҥин үлэлиир дьон син удумаҕалаппыттара. “Ол аата араас кыыллары көрдөрүөхтээхпит”, – дэспиттэрэ.
– Хайдах эрэ дойдуга кэлэн хааллым дуу, тугуй? Хайдах хаас буола сылдьыахпыный? – дии санаабытым.
Аны ол кыылларбыт сыанаҕа тахсан, тугу эрэ гыныахтаахтара. Туох эрэ сюжеттаах буолуохтааҕа.
“Бу олорор киһи!”
Өссө кинилэри эксээмэннэр күүтэллэрэ. Улахан кууруска үөрэнэр оҕолортон ыйыталаспыттара, сүбэлэттэрбиттэрэ.
– Ыллаталлар үһү. Чэ, тугу эрэ ыллыыр инибин. Үҥкүүлэтэллэр үһү. Дьэ, ыарахан соҕус эбит…
Онтон хореограф кыыһы көрдөһөн, Боотур үҥкүүтүн аҕыйах хамсаныытын үөрэппитэ. Дьэ, уонна баарынан-суоҕунан түһүнэн кэбиспитэ. Сатыырын-сатаабатын барытын көрдөрбүтэ.
Доҕор, ол кэннэ собеседование диэн буолбута… Арай иннигэр хас да киһи олороро. Кинилэртэн биир киһини, ону даҕаны, көрөн эрэ билэрэ. Режиссер. Аатын билбэтэ (Сергей Станиславович Потапов этэ).
– Соторутааҕыта “Көмүс маасканы” ким ылбытай? – диэн ыйыттылар. Мин кини (Сергей Потапов) буоларын билэбин. Ол эрээри, аатын билбэппин. Хаста даҕаны: “Бу олорор киһи!” – диэхпин баҕардым. “Бу киһи” диирим хайдах эрэ табыллыбат, тылым тахсыбата. “Билбэппин”, – диэн ботугураатым.
Ол турдаҕына, Сергей Станиславович: “Оскуоланы саҥа бүтэрбит оҕолор хантан билиэхтэрэй? Чэпчэки соҕус ыйытыыны биэриҥ ээ”, – диэбитэ.
Ити курдук, консультацияларга сылдьан, эксээмэннэри этэҥҥэ туттаран, баҕалаах үөрэҕэр киирбитэ.
Кыраларыттан сырыттахтарына…
Артыыс элбэхтик айанныыр, сири-дойдуну көрөр. Владислав оҕолорго ангылычаан тылын кыһаллан үөрэтиҥ диэн сүбэлиир. Киһи омуктуу кыайан быһаарсыбат буоллаҕына, айаҥҥа олус мэһэйдэтэр эбит.
Үүнэр көлүөнэ тыйаатырын артыыстара уобарастарын элбэхтэ уларыталлар. Ол курдук, Владислав кутуйахтан саҕалаан, уот иччитигэр тиийэ оонньообут.
– Биһиги тыйаатырбыт уратыта итиннэ сытар. Холобур, биир күн классика. Сарсыныгар – кутуйаххын. Онтон сэрии бэтэрээнэ буолан хаалыаххын сөп. Олус интэриэһинэй. Биир бэйэм омсолоох дьоруойдары оонньуурбун ордоробун.
Сэһэргэһээччим тапталлаах тыйаатырыгар үлэлээбитэ быйыл онус сыла. Билиҥҥи оҕону сөхтөрөр, соһутар, кэрэхсэтэр уустук. Ол туһунан артыыс тус санаатын үллэстэр:
– Оҕолор “провокационнай” соҕус ис хоһоонноох испэктээкиллэри сөбүлүүллэр быһыылаах. “По краю” диэн наркоман ыччат туһунан туруоруубут кэннэ хаста да аһаҕас кэпсэтиини ыыппыппыт. Онно ыйытыы бөҕөнү биэрбиттэрэ, сэргээбиттэр, сэҥээрбиттэр этэ.
Оҕо тыйаатырга кыратыттан сылдьа үөрэниэхтээх дии саныыбын. Холобур, улааппытын кэннэ тыйаатырга илдьэ сатаатаххына, киинэҕэ барарын ордороро чуолкай. Итиннэ төрөппүт оруола улахан…
Кэпсэттэ Айыына Ксенофонтова.